Алтынньы 20 күнүгэр С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятыгар “Күн” хамсааһын оҕолорун кытта көрсүһүү буолла.
Чурапчы улууһун алта оскуолатын (С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията, С.А. Новгородов, И.М. Павлов ааттарынан Чурапчы, Г.Д. Протодьяконов аатынан Алаҕар, Болот Боотур аатынан Хатылы уонна Төлөй орто оскуолалара) үөрэнээччилэрэ кытыннылар.
Көрсүһүүгэ “Сахам тыла – мин кутум биһигэ” бэйэни билиһиннэрии, төрөөбүт тыл туһунан аһаҕас кэпсэтии, “Ийэ тылым туһугар мин кэскиллээх хардыыларым” стратегическай сессия буолла. Оҕолор хамаандаҕа арахсан “Күн” хамсааһыны улууска тэрийии, сайыннарыы туһунан бырайыактары толкуйдаатылар. Ол кэмҥэ учууталларбытыгар «төгүрүк остуол» ыытылынна, суолталаах кэпсэтии буолан ааста.
Мин манна сахабыт тылын дьылҕатыг туһугар долгуйар оҕолор мустубуттар диэн сэргии көрдүм. Төрөөбүт тылы үйэтитэр суоллары тобулар сыаллаах сонун этиилэр, санаалар иһилиннилэр, оҕолор бэйэлэрин көрүүлэри үллэһиннилэр. «Күн» түмсүү тэрээһинин оҕолор олус сэргээтибит.
Ариан Максимов, VIII кылаас, Н.Д. Субуруускай аатынан Болтоҥо орто оскуолата:
– Олус үчүгэй тэрээһин буолла. Бу манна биһиги сахалыы тылбыт симэлийэн хаалбатын туһугар бырайыактары толкуйдаатыбыт. Элбэх оҕону кытта билистим. Сонун тэрээһини оҥорбут, салайбыт дьоҥҥо махтал! Билиҥҥи үйэҕэ, хомойуох иһин, сахабыт тыла симэлийэр кутталлаах. Ол иһин биһиги бырайыактарбыт олоххо киириэхтэрэ, көмө буолуохтара диэн эрэнэбин.
Алина Тургунбекова, Х кылаас, А.С. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата:
– Мин санаабар, сахабыт тылыгар, бу курдук сүүрэн-көтөн араас тэрээһиннэринэн дьон болҕомтотун тардыахха сөп. Бүгүн оҕолор оруннаах санаалары эттилэр. Холобур, сахалыы тылбаастаммыт ойуулуктары оҥоруохха, сахалыы оонньуулары уонна кылаас чаастары тэрийиэххэ диэтилэр.
Дима Чепалов, Х кылаас, өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт:
– Бүгүҥҥү тэрээһин наһаа үчүгэйдик ааста. Элбэх сонун санаалардаах оҕолор кэлбиттэр. «Күн» түмсүүбүт салгыы сайдан иһиэҕэ диэн эрэнэбин. Чурапчы оҕолорун атын харахпынан көрдүм, бары олус көхтөөх эбиттэр. Хамаандаларга арахсан, үчүгэй баҕайытык кытыннылар.
Түмүккэ улууска “Күн” хамсааһыны тэрийэр, сайыннарар былаанын ылыныы, бу хамсааһыны салайсар, көҕүлүүр үөрэнээччилэри, педагогтары талыы буолла.
Бүгүҥҥү көрсүһүүгэ кэлбит оҕолор бары “Күн” хамсааһыҥҥа киирдилэр. Ону таһынан Чурапчы улууһун учууталларын “Күн” хамсааһына тэриллэн, туспа былаан ылылынна. Учууталлар хамсааһыннара төрөппүккэ туһуланар үлэни ыытыаҕа.
Мин бу суруйуубун өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт XI кылааһын үөрэнээччитэ Юлия Пестерева ыҥырыытынан түмүктүөхпүн баҕарабын.
«Күн» оҕолорго анаммыт хамсааһынын буолар. Бэйэлэрин тылларын, саха норуотун быһыытынан хантан кэлбиттэрин билиэн-көрүөн, саха оҕото аата-суола суох, сүппүт киһи буолбатын туһугар үлэлэһиэн баҕарар биир саастыылаахтарбытын «Күн» түмсүүгэ ыҥырабыт!
Арина Сотникова, Х «А» кылаас , “Тумус кыһа” пресс-киин,
С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията