Быйылгы үөрэх дьылыгар Кыыс оҕо күнэ биһиги оскуолабытыгар уратытык ааста. Ол курдук оскуолабыт иитэр үлэҕэ отдела “Кэрэ Куо” кулууп тэрийэн үлэтин саҕалаата.
Бу кулууп саха кыыһа аныгылыы усулуобуйаҕа сөп түбэһэн, хайдах сөпкө тутта-хапта сылдьарыгар, сиэр-майгы өттүнэн, эттэрин-хааннарын, өйдөрүн-санааларын сайыннарыыга туһуланар.
Кулууп аһыллыытын үөрүүлээх күнүн алта бөлөҕүнэн арахсан бэлиэтээтибит. Хас бөлөх аайы VIII, IX, X, XI кылаас кыргыттара бааллар. Төһө да биир оскуолаҕа үөрэммиппит иһин, эрэ бэйэ-бэйэбитин кытта билсибэт эбиппит. Оскуолабытыгар 1191 оҕо икки сменанан үөрэнэр буоламмыт, сорохтору көрөн да билбэт эбиппит. Онон барыбытыгар даҕаны умсугутуулаах тэрээһин буолла.
“Кэрэ эйгэ суолунан” диэн маастар-кылаастар ыытылыннылар.
“Кэрэ түгэн” станцияҕа Чурапчыбытыгар биллэр фотограф Н.И. Беляева фотоаппаратынан, телефонунан хаартыскаҕа хайдах түһэрэр, түһэргэ хайдах туттуохха сөбүн туһунан сүбэлэри биэрдэ.
“Кэрэ дьүһүн” станцияҕа эдэр кыыска күннээҕи олоххо макияж оҥорорго Л.И. Чичигинарова сүбэлээтэ. Алта кыыска макияж оҥорон көрдөрдө. Макияж араас кистэлэҥнэрин билэн сэҥээрдибит.
“Кэрэ өй-санаа” станцияҕа оскуолабыт библиотекара Л.Р. Татаринова киһи бэйэтин таптаатаҕына олоҕо табылларын, хайдах ньымалары туттуохха сөбүн туһунан олус интэриэһинэйдик кэпсээтэ.
“Кэрэ хаһаайка” станцияҕа иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы О.А. Дьячковская остуол сервировкатын туһунан кэпсээтэ. Хайдах иһит, прибор остуолга туох миэстэлээҕин туһунан сонуургуу иһиттибит, элбэххэ үөрэннибит.
“Кэрэ эйгэ” станцияны оскуола хореограф-учуутала В.И. Аммосова салайан ыытта. Спортивнай саалаҕа киирэн эти-хааны сайыннарар араас эрчиллиилэри оҥордубут, оонньуулары оонньоотубут.
“Кэрэ турук” станцияҕа О.Б. Игнатьева йогаҕа маастар-кылаас ыытта. Олус сэҥээрдибит, астынныбыт. Кыыс оҕо тупсаҕайдык тутта-хапта сылдьарыгар, доруобуйатыгар да туһалаах эбит. Элбэххэ үөрэннибит, олохпутугар туһаныахпыт.
Онтон дьэ спортивнай күрэхтэһии ыытылынна. Онно бэйэбит бөлөхтөрбүтүнэн кытынныбыт. Хамаандаҕа алталыы кыыс киирдэ. Барыта араас алта көрүҥҥэ күөн көрүстүбүт. Күрэхтэһиибитин физкультура учууталлара иилээн-саҕалаан ыыттылар. Ыалдьааччылар элбэхтэрэ, кинилэр энергетикалара күрэхтэһиини өссө сытыырхатта.
Минньигэс астаах повардарбыт ыҥырыыларынан киэһэ аһылыкпыт буолла.
Онтон дьэ “Пижамная вечеринка” саҕаланна. Араас маассабай оонньуулары оонньоотубут, үҥкүү-битии бөҕө буолла. Киэһэ аҕыс аҥаарга хомунан, үөрэн-көтөн, сүрдээх үчүгэй тэрээһинтэн дуоһуйан дьиэлэрбитинэн тарҕастыбыт.
Кулуубу тэрийбит оскуолабыт үлэһиттэригэр, бөлөхтөрбүт куратордарыгар, минньигэс астаах повардарга махталбытын тиэрдэбит. Наһаа үчүгэй тэрээһин буолла, саҥа билсиһии, үөрүү-көтүү, кыргыттар түмсүбүппүтүн астынныбыт. Биир хамаанда буоларга маҥнайгы хардыы оҥоһулунна диэн эрэнэбит.
Алина НОВГОРОДОВА, Х “В” кылаас,
С.А. Новгородов аатынан орто оскуола, Чурапчы