2018 сыл ахсынньы 19 күнүгэр Чурапчы улууһун Поповтар дьиэ кэргэҥҥэ «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Педагогтарын династиялара» бэлиэ туттарыллыбыта. Ол туһунан биһиги сиһилии билээри В.С. Соловьев – Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатыгар өр кэмҥэ математика учууталынан үлэлээбит «Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайына Анна Николаевна Николаеваҕа ыалдьыттаатыбыт уонна аҕыйах ыйытыыга хоруйдууругар көрдөстүбүт.
– Үтүө күнүнэн, Анна Николаевна! Бэйэҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
–Мин алтынньы 14 күнүгэр 1954 сыллаахха Чурапчы оройуонун Чурапчы сэлиэнньэтигэр төрөөбүтүм. 1980 сыллаахха Саха государственнай университетын математика салаатын бүтэрбитим, идэбинэн математика учууталабын. 41 сыл устата Хатылы орто оскуолатыгар үлэлээбитим. Поповтар педагогическай династияларын салайааччытабын.
– Анна Николаевна, педагогическай династияҕыт төрүттээччитэ кимий?
– Төрүттээччи Матрена Фоминична Попова – Саха АССР үтүөлээх учуутала. Матрена Фоминична 1918 сыллаахха Боотурускай улууһун Болтоҥо нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учууталын идэтин баһылаан, сэрии ыар кэмнэригэр ыраах сытар Уус Маайа оройуонугар үлэтин саҕалаабыта. 1945 сылтан Чурапчы оройуонун Алаҕар, Хайахсыт, Одьулуун, Хатылы орто оскуолаларыгар бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри учууталынан, саабыһынан үлэлээбитэ. Кининэн биһиги киэн туттабыт уонна үтүө холобур оҥостобут. Өр кэмҥэ үлэлээн ааспыт Хатылытын оскуолатыгар сылын аайы тылга дьоҕурдаах, ситиһиилээх оҕоҕо М.Ф. Попова аатынан стипендия туттарабыт.
– Династия уопсай педагогическай ыстааһа төһөнүй?
– Педагогическай ыстааспыт – 418 сыл. Ыстаас ааҕыыта саха лингибиис учуонайа, саха алпабыытын төрүттээччи, маассабай суругу-бичиги айбыт Семен Новгородовтан саҕаланар. Кини бииргэ төрөөбүт балта Анна Андреевна Поповтар педагогическай династияларын төрүттээбит Матрена Фоминична ийэтэ буолар.
– Хас учуутал идэлээх баарый дьиэ кэргэҥҥитигэр?
– Саха Өрөспүүбүлүкэтин Педагогтарын династиялара диэн бэлиэни ыларбытыгар учуутал идэлээхтэр 17 этибит. Кэнники сылларга сиэннэрбит, хос сиэннэрбит эбиллэн биэрдилэр. Ол курдук, биһиги дьиэ кэргэҥҥэ алын сүһүөх кылаас, омук тылын, нуучча тылын, математика, саха тылын учууталлара, уһуйаан иитээччилэрэ бааллар.
– Эн санааҕар, оҕолоргут, сиэннэргит тоҕо педагог идэтин талаллара буолуой?
– Утумнааччыларбыт оҕолорбут, сиэннэрбит буолаллар. Кыра эрдэхтэриттэн төрөппүттэрин көрө сылдьан, үтүктэн учууталлаах буола оонньууллара. Кинилэргэ учуутал үлэтин туһалааҕын көрдөрдөхпүт буолуо дии саныыбын.
– Учуутал буоларга киһиэхэ ханнык сүрүн хаачыстыба наада дии саныыгыный?
– Мин санаабар, учуутал эппит тылыгар туруохтаах, бэйэтин бэрээдэгинэн холобур буолуохтаах. Хас биирдии оҕо личность буоларын өйдүөхтээх. Үөрэппит оҕолорбут киһи быһыытынан сиэрдээх буолаллара, ханнык да идэни баһылаабыттарын иһин туруу үлэһит, дьоллоох дьиэ кэргэн ийэтэ, аҕата буолан олороллоро учуутал үлэтин сүрүн сыала буолар.
– Анна Николаевна, кэпсэтиигит иһин улахан махтал!
Мичийэ Ефимова, Ева Дьячковская, VII «б» кылаас,
Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолата
Чурапчы