Д.Д.Красильников аатынан Мугудай орто оскуолатын «Волшебный крючок» куруһуок иитиллээччилэрэ норуоттар икки ардыларынааҕы «Золотой кубок» бэстибээл-куонкуруска кыттан, I степеннээх лауреат аатын ылан үөрүүлэрэ үрдээн кэллилэр.
«Сочи хайдаҕый?» – диэн элбэх киһи ыйытта. Ону мин «үп-үчүгэй» диэн эппиэттиибин. Кырдьык, Сочи олус үчүгэй куорат. Күп-күөх, сып-сылаас. Хара муора салгына үчүгэйэ, уута туустаах эбит. Муораҕа бастакыбын сөтүөлээммин астыммытым. Пальмалары уонна араас фрукталаах мастары көрөммүн соһуйбутум.
Биһиги «Волшебный крючок» куруһуокка дьарыктанар 7 үөрэнээччи, салайааччыбыт Күннэй Григорьевна Аммосованы уонна эбээлэрбит «Күбэйэ» түмсүү «Золотой кубок» бэстибээл-куонкуруска ситиһиилээхтик кыттан кэллибит. Икки нэдиэлэ биллибэккэ ааста.
Сочи парк атттракционнарын, ыллыыр фонтаны, дельфинарийы, парк «Ривьераны», Сочи парк гостиницабыт сылаас бассейынын наһаа сөбүлээбитим.
Өссө Сочига дьиэ кэргэммин кытта күүлэйдии барыахпын баҕарабын.
Санаайа Баишева, III кылаас
Д.Д.Красильников аатынан Мугудай орто оскуолата
Чурапчы