Алтынньы үһүс өрөбүлэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ күнэ. Саха дьоно былыр-былыргыттан ийэҕэ ураты истиҥ сыһыаннаах, мээнэҕэ «ыал – ийэтинэн» диэн эппэтэҕэ. Ийэҕэ махтал, таптал, ытыктабыл бэлиэтин тоһоҕолоон, бу бэлиэ күнү 1993 с. Өрөспүүбүлүкэбит бастакы Президенэ М.Е. Николаев олохтообута.
Ийэ күнүнэн оҕолор суруйууларын ааҕыаҕыҥ.
Ийэм миэхэ холобур буолар
Мин ийэм Оксана Николаевна идэтинэн эндокринолог быраас. Иккиэн кэпсэтэрбитин, ас астыырбытын, оонньуурбутун сөбүлүүбүт. Ийэм наһаа минньигэстик астыыр. Күндү киһим бэһиэлэй, үтүө санаалаах, олус өйдөөх, бэйэтин куруук араас өттүнэн сайыннарар уонна миэхэ холобур буолар. Ол курдук, ийэм тигэрин, успуордунан дьарыктанарын сөбүлүүр. Кини үчүгэйдик баскетболга оонньуур. Ийэм минньигэс сиирин сөбүлүүр, эриэхэлээх кэмпиэти уонна зефиры ордорор.
Күндү киһибэр кытаанах доруобуйаны, дьолу, баҕа санаата барыта туолан иһиэн уонна билиҥҥитин курдук куруук үөрэ-көтө сылдьыан баҕарабын.
Нарыйаана Захарова, VII кылаас,
«Айыы Кыһата» национальнай гимназия
Дьокуускай к.
Ийэм – саамай чугас киһим
Мин ийэм аата Розалия Васильевна. Кини бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар дылы уһуйааҥҥа асчытынан үлэлээбитэ. Ийэм аһылыга саамай минньигэс. Мин ийэбин кытта ас астыырбын сөбүлүүбүн. Кини миэхэ куруук сүбэ-ама буолар, үөрэтэр, такайар. Араас тэрээһиннэргэ кыттарбар мэлдьи өйүүр. Ханнык баҕарар боппуруос эппиэтин ийэбиттэн ыйытыахпын сөп, кини саамай чугас киһим.
Ийэм билигин дьиэбит хаһаайыстыбатын көрөн олорор. Ынахтарын ыыр, үүтүн сэппэрээтэргэ сүүрдэр. Сайын оҕуруот аһын арааһын олордор. Ийэбин кытта сайын устата оттуубут, күһүн отоннуубут. Ийэбин кытта Сочига баран күүлэйдээн кэлбиппит биир саамай умнуллубат кэрэ кэммит буолар. Мин ийэбин наһаа таптыыбын.
Сааскылаана Уйгурова, IX кылаас,
А.Г.Кудрин-Абаҕыыныскай аатынан Абаҕа орто оскуолата,
Өлүөхүмэ
Мин ийэкээм
Мин таптыыр ийэкээм,
Уруоктарбын үөрэтиэм,
Мин кэрэ ийэкээм,
Үлэбин да толоруом.
Мин мааны ийэкээм,
Мин нарын ийэкээм,
Иһиттэрбин хомуйуом.
Мин намчы ийэкээм,
Соруйбуккун толоруом,
Куруук үөрэ-көтө сырыт,
Ыалдьар диэни билимэ.
Сайан Павлов, VII кылаас,
П.И. Караканов аатынан Мээндиги орто оскуолата
Амма
Мин ийэбин таптыыбын
Мин ийэбин таптыыбын,
Мин ийэбин үөрдэбин,
Мин ийэбин харыстыыбын,
Мин ийэбин истэбин.
Мин ийэм нап-нарын,
Мин ийэм күн курдук,
Мин ийэм үөрэтэр,
Мин ийэм үлэлиир.
Ийэлээх буоламмын,
Күн сирин көрбүтүм,
Ийэлээх буоламмын,
Күн сиригэр дьоллоохпун.
Алгыстаан Степанов, VII кылаас,
П.И. Караканов аатынан Мээндиги орто оскуолата
Амма
Кыһамньылаах сыһыаҥҥын сыаналыыбын
Ийэбин, күндү киһибин, Светлана Николаевнаны, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ийэлэрин күнүнэн ис-сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Кэрэттэн-кэрэ ийэкээм, аһатан-таҥыннаран, биэс оҕоҕун таптаан, бүөбэйдээн иитэҕин. Баҕарыам этэ эйиэхэ дьоллоох олоҕу, чэгиэн доруобуйаны. Куруук маннык эдэрдии эрчимнээх үөрэ-көтө сырыт!
Святослав Попов, VII кылаас,
П.И. Караканов аатынан Мээндиги орто оскуолата
Амма
Ийэм астаабыт бэрэскитин олус сөбүлээн сиибин
Ийэ – күн сирин көрдөрбүт саамай күндү киһибит. Мин ийэм Мария Петровна Олесова 1974 сыллаахха Сулҕаччы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кинилэр бииргэ төрөөбүт алталар. Кини саамай кыралара. Ийэм 2001 сылтан Мээндиги оскуолатыгар алын сүһүөх кылаас учууталынан үлэлиир.
Аҕабынаан Алексей Ильичтыын элбэх дьиэ кыылын иитэллэр. Ол курдук ынах, хаас, кус, кролик, коза, сылгы бааллар. Ийэм иллэҥ кэмигэр сөбүлээн иистэнэр, баайар, успуордунан дьарыктанар. Кини 2003-2004 сыллаахха Чурапчы улууһун волейбол сүүмэрдиир хамаандатын чилиэнэ этэ. Мин ийэм астаабыт минньигэс аһын, ордук бэрэскитин, наһаа сөбүлээн сиибин.
Күндү киһибин Ийэ күнүнэн эҕэрдэлиибин. Доруобуйаны, ситиһиини, дьолу баҕарабын. Мин ийэбин олус күүскэ таптыыбын.
Филипп Олесов, VII кылаас,
П.И. Караканов аатынан Мээндиги орто оскуолата
Амма