Учуутал диэн хас биирдии киһи олоҕор сүҥкэн оруоллаах киһи буолар. Биһиги лиссиэйбитигэр учуутал күнүгэр аналлаах олус сэргэх тэрээһин буолан ааста. Оҕолор ураты истиҥ тыллаах эҕэрдэлэрин, хоһооннорун анаатылар, кэнсиэр туруордулар.
Лиссиэйбит 11 кылааһын үөрэнээччилэрэ учуутал буоларга холонон, бэйэни салайыныы күнүн олус кыһаллан туран, эппиэтинэстээхтик оҥордулар. Бу күн дириэктэр, учуутал оруолугар холоннулар.
Бу тэрээһин туһунан оҕолор санааларын иһиттибит:
Алина Парфенова, 6 «А» кылаас үөрэнээччитэ:
— Мин бу күнү олус сэргээтим. Ордук нуучча тылыгар үчүгэйдик үөрэнним дии санаатым. Олус үчүгэйдик нууччалыы саҥарар учуутал үөрэттэ, уруок олус интэриэһинэйдик ааста.
Вася Богданов, 6 «А» кылаас үөрэнээччитэ:
— Мин нуучча тылын уруогун сөбүлээтим. Учуутал кыыс наһаа үчүгэйдик үөрэппитэ, сорудахтары өйдөнөр гына быһаарбыта. Биһиги кылаас оҕолоро чуумпутук олорон үөрэммиппит.
Чэмэлиинэ Аргунова, 6 «А» кылаас үөрэнээччитэ:
— Мин ордук история уруогун сөбүлээтим. Тоҕо диэтэххэ, сорудахтара олус өйдөнүмтүөлэр. Учуутал буолар диэн эппиэтинэстээх. Учууталларбар туох баар үчүгэйи, ситиһиилээх үлэни, доруобуйаны баҕарабын.
Слава Варламов, 8 «В» кылаас үөрэнээччитэ:
— Бэйэни салайыныы күнүгэр оскуолабытын 11 кылаастар үөрэппиттэрэ. Уруоктарга олус кыһаллан туран үлэлээбиппит, сорудахтары толорбуппут. Биология уруогар интэриэһиргээн туран, олус кыһалынным дии санаатым. Маннык тэрээһиннэр буолалларын сэргээтим.
Мин 6 «А» кылааһы нуучча тылыгар ким үөрэппит буоллаҕай диэн туоһуластым, Света Михайлова эбит. Кини үчүгэй үөрэхтээх, лиссиэйбит биир бастыҥ үөрэнээччитэ, бастыҥ үҥкүүһүт буолар. Ол да иһин кини уруоктарын оҕолор сэргээбиттэрэ буолуо дии санаатым.
Оҕолоор, Учууталларбытыгар бу күн эрэ буолбакка, куруук махталлаах буолуохха. Уонна оҕолор учууталларга анаабыт хоһооннорун билиһиннэриэхпин баҕарабын.
Марк Луковцев, 6 «А» кылаас.
Учууталбар
Күн аайы истэн-көрөн
Эйиигиттэн үөрэниэм,
Дьиҥнээхтик үөрэн-көтөн
Оскуоланы бүтэриэм.
Эҕэрдэ тылын этэбин
Махтанар киһибэр.
Эн үөрэнээччиҥ
Өрүүтүн эн сүрэххэр.
Дайаана Собакина, 6 «А» кылаас.
Кэрэ сайыммыт ааһан,
Көмүс күһүммүт үүнэн,
Оскуолабыт аһыллан,
Үөрэнэр кэммит тиийэн кэллэ,
Үөрэ-көтө үөрэнэ
Оскуолабар тиийиэҕим.
Аҕынным даҕаны
Оскуолам барахсаны,
Учууталым кэпсээнин,
Уһун сайыны быһа
Чуумпуран турбут оскуолам,
Биһигини суохтаан,
Оҕо саҥатынан туолуоҕа,
Үөрэ-көтө көрсүөҕэ.
Айна Собакина,
А.Е. Мординов аатынан Тааттаттааҕы лиссиэй 10 «А» кылааһын үөрэнээччитэ.