Алтынньы 5 күнэ — Учуутал күнэ. Бу үөрүүлээх күнүнэн өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын оҕолоро учууталларыгар эҕэрдэ уонна махтал тылларын тиэрдэллэр.
Рома Блахиров, VII «Б» кылаас, А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията:
– Мин бастакы учууталбын Римма Павловнаны, кылааһым салайааччытын Сардаана Лазаревнаны, сөбүлээн истэр историям учууталын Гаврил Гаврильевичы, нуучча тылыгар үөрэтэр учууталбын Татьяна Николаевнаны, гимназияҕа үлэлиир бары учууталлары, директорбытын Валентина Семеновнаны, директор солбуйааччыларын, билиибин хаҥатарга көмөлөһөр учууталларбын Наталья Васильевнаны, Александра Ивановнаны идэлээх күҥҥүтүнэн эҕэрдэлиибин!
Баҕарыам этэ убаастабыллаах учууталларбар чэгиэн доруобуйаны, сыралаах үлэҕитигэр ситиһиилэри, өйдөөх үөрэнээччилэри, үөрэтэр оҕолоргут эһигини куруук үөрдэ сырыттыннар. Ийэлии, аҕалыы сыһыанҥыт, биһигини билии аартыгар кынаттаабыккытыгар, киэҥ билиигит, тулуургут иһин махталбын тиэрдэбин.
Лия Неустроева, VII «Б» кылаас, А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията:
– Учуутал идэтэ уустук, ол эрээри бочуоттаах уонна улахан махталлаах! Күндү Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын салалтатын уонна бары учууталларын идэлээх күҥҥүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Эһиги таптаан, талан ылбыт идэҕитинэн, үүнэр көлүөнэни иитиигэ-үөрэтиигэ күннэтэ таһаарыылаахтык уонна үтүө суобастаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаргытыттан биһиги үөрэбит уонна астынабыт. Эһиги сыралаах уонна кэскиллээх үлэҕит түмүгэр гимназия үөрэнээччилэрэ куоракка, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас олимпиадаларга, араас таһымнаах тэрээһиннэргэ куруук инники күөҥҥэ сылдьаллар. Күндү учууталларбыт! Былааннаабыт үлэҕит барыта олоххо киирэн истин, ситиһии сиэттиһэ сырыттын, санаабыккыт барыта сатанан истин, толкуйдаабыккыт барыта тобулла турдун, баҕарбыккыт барыта баар буолан истин! Куруук эдэрдии эрчимнээхтик, үөрэ-көтө, ыалдьыбакка-кырдьыбакка сылдьаргытыгар, үлэҕитигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт уонна бэйэбит улахан барҕа махталбытын тиэрдэбит!
Толя Гурьев, VII «А» кылаас, А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията:
– Хас биирди киһиэхэ бу олоххо учуутал, оскуола инники дьылҕатыгар улахан суолталаах буолар.Ол курдук учууталларбыт биһиэхэ оскуола боруогун атыыллаабыт күммүтүттэн элбэх билиини биэрэллэр. Мин кэлэн иһэр учууталлар күннэринэн ытыктыыр учууталларбын эҕэрдэлиэхпин баҕарабын. Үлэҕитигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри баҕарабын. Биһигини иитэн-үөрэтэн, такайан, инники суолбутун булунарбытыгар сүбэҕит, үөрэххит иһин махтанабын! Биһиги туспутугар күннэтэ кыһамньыгытынан дириҥ ытыктабылы үөскэтэҕит, олоххо эрэли, сырдык санаананы саҕаҕыт! Баҕарыам этэ эһиэхэ кытаанах доруобуйаны! Үөрэнээччилэргит киэҥ билиилээх буолалларын ситиһэр түбүктээх үлэҕит үтүө түмүктэри аҕаллын! Тус олоххутугар дьолу-соргуну!
Аделина Чугунова, VII «А» кылаас, А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията:
– Учуутал предмеккэ эрэ буолбакка, олоххо хайдах үтүө майгылаах буоларга үөрэтэр. Үгүс сүбэлэрэ миэхэ көмөлөһөллөр. Учуутал буолар олус ыарахан, тоҕо диэтэххэ кини тулуурдаах, өйдүүр, муударай, кырдьыктаах, оҕолору кытта сатаан үлэлиир буолуохтаах. Убаастабыллаах учууталларбын идэлээх күҥҥүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Кыһамньылаах үлэҕит иһин барҕа махтал!
Вова Софронов, VII «Б» кылаас, А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията:
– Мин санаабар, учуутал саамай эппиэтинэстээх үлэ. Оҕо улаатан, хайдах интэриэстээх, туох идэлээх буоларыгар уонна дьону кытта хайдах сыһыаннаһарыгар кинини үөрэппит учуутала улахан оруоллаах. Мин маҥнайгы учууталым Мария Михайловна Борисова биһигини бастакынан доҕордоһо, хардарыта көмөлөһө үөрэппитэ. Онтон билиҥҥи кылаас салайааччыбыт Сардаана Лазаревна Афанасьева – английскай тылын учуутала, билиҥҥи көлүөнэни өйдүүр, барытыгар күүс-көмө буолар. Биһиги кылааспыт эйэлээх, бары доҕордоһобут, саамай түмсүүлээхпит. Күн ахсын оскуолаҕа үөрэ-көтө барабыт, каникулга ахтыһабыт. Билигин итинник доҕордуу кылаас буолар улахан оруоллаах дии саныыбын. Учуутталлары барыларын эҕэрдэлиибин! Эһиги бүгүҥҥү үлэҕит – ол биһиги сарсыҥҥыбыт. Доруобуйаны, дьолу, ситиһиилэри баҕарабын!
Арина Скрябина, VII «А» кылаас, А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията:
– Күндү учууталлар! Эһиэхэ итии-истиҥ эҕэрдэбин уонна махталбын тириэрдэбин. Хайдах биир киһи отуттан тахса оҕоҕо кэрэ санаа, толкуй биэрэрий? Учуутал идэтэ чэпчэки буолбатах, ол эрээри төһөлөөх барҕа баайы үүнэр көлүөнэҕэ бэлэхтиирэ буолуой?! Онон мин ис сүрэхпиттэн Аан дойду учууталларыгар барыларыгар махтаныахпын баҕарабын.
Георгий Корнилов, VII “б” кылаас, А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията:
– Күндү учууталларым! Учуутал күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Билии-көрүү аартыгын арыйбыккытыгар махтанабын! Туйгуннук үөрэнэн, элбэҕи эбинэн талбыт үөрэхпэр үчүгэйдик үөрэниэм диэн эрэллээхпин. Баҕарабын элбэх ситиһиилээх үөрэнээччилэри, туйгун доруобуйаны!
Сандра Лыткина, Уля Софронова, V кылаас, Г.Д. Протодьяконов аатынан Алаҕар орто оскуолата, Чурапчы:
– Күндү учууталларбытын кэлэн иһэр учууталлар күннэринэн ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит. Чуолаан алын кылааска үөрэппит тапталлаах Февронья Николаевнабытын итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Туох баар кэрэни, үчүгэйи баҕарабыт. Биһиги эйигин ахтабыт, куруутун саныыбыт. Эйиэхэ үөрэммит, эйигин кытта атаарбыт кэммитин олус истиҥник саныыбыт. Алаҕар орто оскуолатын учууталларыгар айымньылаах үлэни, элбэх ситиһиини, дьолу-соргуну баҕарабыт!
Саша Сидоров, VI кылаас, Алтан орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас:
Маҥнайгы учууталбар
Мин саамай сөбүлүүр учууталым – маҥнайгы учууталбыт Саргылана Федоровна. Учууталбыт кылаас иллээх-эйэлээх, доҕордуу буоларыгар үлэлэспитэ. Биһиэхэ наар көмөлөһөөччү, элбэх идея биэрээччи, интэриэһинэй оонньуулары, сонун бырааһынньыктары тэрийэн ыытааччы. Кини биһиги туспутугар олус кыһаллара: үчүгэйдик өйдөтөн үөрэтэрэ, ситиһиилэри баҕарара.
Егор Матчитов, Х кылаас, Алтан орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас:
Учуутал диэн кимий?
Учуутал – ураты идэлээх киһи. Кини соҕотох бэйэтэ олоҕун тухары хас эмэ сүүһүнэн оҕолору үөрэтэр, үтүө дьон буолалларыгар кыһаллар аналлаах. Оҕо улааттаҕына, хайдах киһи буолара маҥнайгы учууталтан тутулуктаах. Холобур, маҥнайгы учуутал ситэ үөрэппэтэҕинэ, оҕо улахан кылааска тахсан ыарахаттары көрсөр.
Мин маҥнайгы учууталым – Светлана Васильевна Пинигина. Төһө да сыл-хонук аастар, мин кинини куруутун истиҥник саныыбын, ахтабын. Кини кыһаллан үөрэппэтэҕэ буоллар, тохсуһу бүтэрэр эксээмэннэрбин ситиһиилээхтик туттарыам суоҕа этэ дии саныыбын. Онон мин киниэхэ махталым муҥура суох. Учуутал диэн иккис ийэҕэ тэҥнээх.
Билигин санаатахпына, учууталбыт биһиэхэ олус кыһаллар эбит. Үөрэх таһынан дьарыктыыра: күннэтэ дьыктаан суруйтарара, мүнүүтэҕэ аахтарара, хоһоон үөрэтэрбит, хаһыат таһаарарбыт, элбэх күрэхтэргэ, куонкурустарга кыттарбыт. Үрдүкү кылааска тахсыбыппыт да кэннэ куруутун көмөлөһөрө, өйүүрэ. Светлана Васильевна биһигини кыра эрдэхпититтэн доҕордуу буоларга үөрэтэн, биһиги иллээхпит.
Маҥнайгы учуутал – саамай күндү киһи. Учууталы убаастыахха, таптыахха, махтал тылларын аныахха.
Кристина Уйгурова, VIII кылаас, Алтан орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас:
Өйдүүбүн
Өйдүүбүн кыра бэйэм
Оскуолаҕа кэлбиппин.
Ааҕарга, суруйарга
Үөрэппитэ барыбытын.
Үөрэппитэ үтүө сыһыаҥҥа,
Үтүөнү сыаналыырга.
Барыга көхтөөх буоларга,
Табаарыстыы, доҕордуу буоларга.
Элбэх сыл ааста да,
Эйигин умнубаппыт.
Куруук үөрэ-көтө сырыт,
Куруук сэргэх, эдэр буол.
Люба Лотова, VIII кылаас, Аллараа Бэстээх 2 №-дээх оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас:
Сырдыкка сирдиир
Былыргыттан быйылга диэри учуутал идэтэ саамай эппиэтинэстээх уонна ытыктанар үлэ буолар. Ол курдук учууталтан үөрэххэ, билиигэ, кэрэҕэ-сырдыкка тардыһыы саҕаланар.
Ханнык баҕарар учуутал үөрэнээччитэ элбэх ситиһиилээх, киэҥ билиилээх, үлэһит киһи буолуон баҕарар. Мин санаабар, учуутал буоларга күүстээх санаалаах, тулуурдаах буолуохха наада. Күн аайы оскуолаҕа эрдэ кэлэн, учуутал биһигини үөрэтэр, биһиэхэ элбэх саҥа билиини биэрэр. Хас биирдии киһи санаатын кыайан сааһылаан эппэт, быһаарбат, тиэрдибэт. Ол эрэн бу мантан учуутал иҥнэн турбат. Кини уруогар саҥа сонун сүүрээннэри киһи умсугуйуон курдук быһаарар, кэпсиир. Онтон дьиэтигэр тиийэн баран, учуутал сынньаммат. Ол курдук биһиги туспутугар кыһаллан, сарсыҥҥы уруогун хайдах ыытарын, хайдах оҕо болҕомтотун тардарын туһунан толкуйдуур, биһиги үлэлэрбитин бэрэбиэркэлиир. Бу эттэххэ эрэ боростуой, учуутал мээнэ бэрэбиэркэлээбэт. Кини ким ханна сыыспытын ырытар, уонна ол сыыһаларын көннөрөр туһугар эмиэ оҕолорго хайдах тириэрдэрин толкуйдуур.
Хас биирдии учуутал сүдү билиитин, олоҕун муҥутуур эдэр сааһын оҕолорго аныыр, олох киэҥ аартыгар сирдиир. Онон биһиги бу олохпутугар сырдыкка угуйар, билиигэ тардар учууталларбытыгар өрүү махталлаах буолуохтаахпыт.
Кюннээйэ Тарабукина, V «Б» кылаас, М.Н. Попов аатынан Аллараа Бэстээх орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас:
Бастакы учууталым
Биһиги өйдүүбүт куруутун
Бастакы чуораан тыаһын,
Бастакы уруокка үөрэтэ
Кини ыҥырарын.
Бастакы уруокпутугар
Үөрэ-мичийэ киирбитэ,
Биһиги бастакы учууталбыт –
Раиса Викторовна!
Куруук сарсыарда ахсын
Эһигинниин көрсөрбүт,
Суоттуурга-ааҕарга үөрэппит
Раиса Викторовна!
Өрүү өйдөөн, өрүү истэн
Ийэбит курдук санаан,
Эйиигин умнуохпут суоҕа
Раиса Викторовна!
Биһиги өйдүөхпүт куруутун
Бастакы чуораан тыаһын,
Үөрэ-мичийэ киирбиккит
Раиса Викторовна!
Сардаана Васильева, VI кылаас, Игидэй орто оскуолата, Таатта:
Сөбүлүүр, убаастыыр учууталларбар
Тапталлаах учууталларбар Мария Павловнаҕа, Варвара Константиновнаҕа уонна Зинаида Анатольевнаҕа махтал тылбын аныыбын. Кинилэр миигин сайыннаран, үөрэнэргэ үөрэттилэр: төрөөбүт литература уруогар ааҕарбын сөбүлүүбүн, нуучча тылын уруогар суруйарбын сөбүлүүбүн. Учууталларым амарах сыһыаннарынан мин оскуолаҕа үөрэ-көтө, үүнэ-сайда кэлэбин.
Дьоллоох оҕо сааһы, чиҥ билиини, үтүө сыһыаны бэлэхтиир учууталларбынан киэн туттабын, кырдьары-ыалдьары билбэккэ айымньылаах үлэни, кытаанах доруобуйаны баҕарабын. Өссө да элбэх оҕону үөрэтиэхтэрэ диэн эрэнэбин.
Учууталбыт барахсан
Маҥнайгы чугдаарар чуораанныын,
Мындыр өй суолугар сирдиигин,
Саҕахтан сапсынар сарыаллыын,
Сандаарар сырдыкка илдьэҕин!
Учууталбыт барахсан
Биһиэхэ эрэ кыһаллар,
Өрүү санаабытын көтөҕөр,
Билиини-сырдыгы иҥэрэр.
Учуутал алыптаах мичээрэ
Үгүс дьон сүрэҕэр уйаланар.
Учуутал сиэрдээх майгыта
Олоххо бэлэмнээн уһуйар.
Влада Жулева, IX кылаас, Игидэй орто оскуолата, Таатта:
Махтал кэрэ киһиэхэ
Киирэн кэлэҕин кылааска,
Сырдык ыра санаалаах,
Истиҥ мичээр аргыстаах,
Киэҥ билии кынаттаах,
Сөмөлүөккэ
биһигини олордоҕун,
Үөрэх сырдык суолугар
Тэҥҥэ көтөн тахсаҕын.
Махтал кэрэ киһиэхэ,
Учуутал үрдүк аатыгар
Үгүс сыраны уурбуккар,
Үтүө баҕа санааҕар.
Айхал Кривошапкин, VIII кылаас, Игидэй орто оскуолата, Таатта:
Уруйдан-айхаллан, учуутал!
Сырдыкка-кэрэҕэ көтүтэр,
Үтүөнү-кэрэни үксэтэр,
Үтүөкэн киһибит, учуутал,
Үйэ саас эйиэхэ дьиҥ махтал!
Учуутал эн –
Маҥнайгы чугдаарар чуораанныын
Мындыр өй суолугар сирдиигин,
Саҕахтан сапсынар сарыаллыын
Сандаарар сырдыкка илдьэҕин!
Учуутал алыптаах мичээрэ,
Үгүс дьон сүрэҕэр умайар,
Учуутал алыптаах идэтэ
Үйэттэн үйэҕэ уруйдан!
Уруйдан-айхаллан, учуутал-
Умсугута уһуйар аанньал,
Эйиэхэ этиллэр дьиҥ таптал,
Эдэртэн, кырдьаҕастан махтал!
Маша Афанасьева, VIII кылаас, Игидэй орто оскуолата, Таатта:
Барҕа махталбын тиэрдэбин
Күндү учууталларым!
Сибэкки дьөрбөтүн тутаммын,
Барҕа махтал тылларын аныыбын.
Кыра сааспыттан
Билии кынатыгар сирдээбиккит,
Өйдөөх-чиэһинэй буоларга такайан,
Дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбиккит.
Оскуола боруогун атыллаан
Элбэх сатабылга үөрэнним
Үтүө-мааны учууталларбар,
Барҕа махталбын тиэрдэбин.
Даяна Петрова, XI кылаас, Игидэй орто оскуолата, Таатта:
Ийэм-аҕам кэриэтэ
Истиҥ дьонум учууталлар,
Олох сырдык үөрүүлээх
Олугар тиэрдэллэр.
Ийэм-аҕам тэҥэ буолбут
Истиҥ-дьоһун учууталлар,
Аан дойдуну анаарар
Аартык аанын аһаллар.
Күлэн-оонньоон айдаарсан,
Сэмэлэһэн-хайҕаһан,
Учууталларбыт уһуйууларынан
Умнуллубат 11-с кылаас боруогун атыллаатыбыт.
Дьоһун үлэ түмүгүн
Дьоллоох сааспыт көрдөрүө,
Доҕор-атас учууталларым
11-с кылааһы бүтэртэриэхтэрэ.
Наташа Суҥхалырова, V кылаас, Игидэй орто оскуолата, Таатта:
Идэлээх күҥҥүнэн!
Үөрэххэ-билиигэ сирдиир
Тапталлаах учууталбар
Идэлээх күнүнэн
Барҕа махтал тылбын аныыбын.
Алын сүһүөх кылааска
Ааҕарга, суруйарга, суоттуурга
Кыһаллан туран үөрэппит,
Үтүө-мааны учууталбын,
Евдокия Павловнаны,
Күндүтүк да саныыбын.
Үрдүкү кылааска тахсаммын,
Кыһаллан үөрэниэм диэн,
Мэктиэ тылбын тиэрдэбин.
Cнежана Воронова
keskil14.ru