Биһиги Күндэйэбит нэһилиэгэр туруу үлэһит, үлэттэн дьолломмут киэҥ аймахтар элбэхтэр. Биир оннук ыал — Львовтар тустарынан сырдатыахпын баҕарабын.
Львовтар эһээлэрэ, Михаил Саввич Львов 1921 сыллаахха уруккута Чакыр нэһилиэгэр төрөөбүт. Кини 1940 сыллаахха Тойбохойго ахсыс кылааһы бүтэрэн, Дьокуускай куоракка кооперативнай техникумҥа үөрэнэ сырыттаҕына Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмыт. Кини дойдутугар сельсовет секретарынан, онтон кладовщигынан саҕалаабыт. 1945 сыллаахтан бухгалтерынан үлэтин саҕалаабыт уонна колхоз, кэлин совхозка суот-учуот өттүгэр өр сылларга эҥкилэ суох үлэлээбит. Кини биир идэлээхтэригэр суот-учуот өттүгэр чуолкайынан, идэтигэр бэриниилээҕинэн, эппиэтинэстээҕинэн ытыктабылынан туһанар, салалта хайҕабылын ылар эбит. Ону таһынан, Михаил Саввич олоххо олус көхтөөх көрүүлэрдээх, талааннаах киһи этэ. Ол курдук, бухгалтер эрэ үлэтинэн муҥурдаммакка араас элбэх нэһилиэгин общественнай үлэлэригэр кыттара.
Уус-уран самодеятельность көхтөөх кыттыылааҕа, нэһилиэк Сэбиэтин депутата, партийнай тэрийээччи, агитатор, политинформатор, наставник, профсоюзнай активист, оройуон хаһыатын корреспондена, кыраайы үөрэтэр энтузиаст киһи этэ. Дьиҥ сүрүнэ, Күндэйэ нэһилиэгин историятын, үлэһит дьонун туһунан уонна күндэйэлэр төрүччүлэрин туһунан икки рукописнай кинигэлэри оҥорон хаалларбыта. Нэһилиэк историятын туһунан кэлэр кэнчээри ыччаттарга тугунан да кэмнэммэт улахан кэскиллээх, үйэлээх бэлэх. Кэргэнинээн Агафия Васильевналыын 7 оҕолонон, элбэх сиэн, хос сиэннэммиттэрэ, ыччаты тэниппиттэрэ.
Суот-учуот, бухгалтер идэтин мээнэ киһи ылла да үлэлээбэт. Бу идэ дьоҕуру, өйү, суоттуурга үөрүйэҕи, эппиэтинэһи, чуолкай буолууну эрэйэр.
Удьуор утумун салҕаан Львовтар аймахтан элбэх туруу үлэһиттэр таҕыстылар, билиҥҥи олох тэтиминэн эрэллээхтик хардыылыыллар. Кинилэр ортолоругар механизатордар, медиктар, араас идэлээхтэр бааллар.
Кинилэр биирдэстэриттэн, өр кэмҥэ бухгалтерынан Р.А. Иванова аатынан “Сырдык Аартык” тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кооперативыгар үлэлээбит, билигин толорооччу директор Алина Александровна Льоваттан кылгас интервью ыллым.
— Алина Александровна, эн бу идэҕэ ханна үөрэммиккиний?
— 2008 сыллаахха Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар «Бухучет анализ и аудит» диэн салааны кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитим. Бастакы идэм ветеринар этэ.
— Тоҕо бу идэни талбыккыный?
— Тыа хаһаайыстыбатын техникумугар ветеринар үөрэҕэр үөрэнэрбитигэр Экономика предмета баар этэ. Онно ДьТХА-тан биир дойдулаахпыт Кюндяйцева А.Н кэлэн үөрэтэрэ. Мин олох умсугуйан олорон, астынан үөрэнэр этим, онно кини эппитэ биһиэхэ, кэлэн үрдэтинээр диэн. Уонна кыра эрдэхпиттэн эһээбит Михаил Саввич үлэлиирин көрөр этибит. Элгээйи сопхуос Күндэйэ отделениятын бухгалтериятын барытын тутан олорбута. Киэһэ дьиэтигэр наар үлэлии олорор буолааччы. Ол кэмҥэ билиҥҥи курдук компьютер эҥин суох буоллаҕа, улахан остуол саҕа илиистэргэ таблица оҥорорун наһаа өйдүүбүн. Эдьийим Лиялыын эһээбитин үтүктэн мэлдьи дьыалалаһан оонньуур буоларбыт: байааны тиэрэ быраҕан баран гармошкатыгар илиис кумааҕы кыбытан баран кнопкаларыгар буукуба суруйтаан бэчээттээн саллырҕатар буоларбыт. Ол да улахан оруолу оонньообут буолуохтаах идэбин таларга.
— Идэҥ ордук хайа өрүттэрин сөбүлүүгүн, тугун сөбүлээбэккин?
— Холобур, улахан тэрилтэлэргэ бухгалтердар биир салааны эрэ талаллар, ол аата аҥардас хамнаһы эбэтэр аҥардас налогу диэбит курдук көрөн олороллор. Онтон тыа хаһаайстыбатын бухгалтердара үлэлиир хайысхалара олус элбэх, холобур: юридическай, экономическай, отдел кадров уонна туох баар өттүн көрөн олороллор. Ол иһин, мин санаабар тыа хаһаайстыбатын бухгалтердара барытын сатыыр, кыайар дьон буолан тахсаллар. Ол иһин идэм баар өттүн барытын сөбүлүүбүн.
— Эһээҥ Михаил Саввич үлэ бэтэрээнэ, кыраайы үөрэтээччи, энтузиаст, селькор, көхтөөх позициялаах, нэһилиэк сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит үтүөкэн киһи. “Үлэ киһини киэргэтэр” диэн мээнэҕэ эппэттэр, өссө үлэни өрө тутуу, үлэттэн дьоллонуу үтүө хаачыстыбалара удьуорга утумнаналлара, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэллэрэ бу аҕа көлүөнэ ыччаттарыгар хаалларбыт күндү бэлэҕэ буолар. Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону үлэҕэ иитии олус улахан оруоллаах буолар. Билигин Күндэйэҕэ даҕаны, атын сиргэ даҕаны үлэлии сылдьар эһээҕитин утумнаабыт аймахтарыҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
— Балтыларым Юлия Сергеевна Николаева, Ага Геннадьевна Готовцева бухгалтер идэлээхтэр. Юлия Ньурба улууһун Октябрьскай нэһилиэк дьаһалтатын кылаабынай бухгалтерынан үлэлиир. Алексей Геннадиевич Львов атыы-эргиэн урбаанньыта, маҕаһыыннаах, бэкээринэлээх, нэһилиэги килиэбинэн, бурдук аһынан хааччыйар, Лилия Владимировна Львова Күндэйэҕэ сибээс отделын начальнига о.д.а. бэйэлэрин эйгэлэригэр ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар.
— Бэйэҥ иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаргын сөбүлүүгүнүй?
— Иллэҥ кэммэр мин бэйэм сибэкки, оҕуруот аһын олордорбун уонна иистэнэрбин туохтааҕар даҕаны ордоробун.
— Ыйытыыларбар эпиэттээбиккэр махтанабын!
Карнелия Исагалиева, 9 кылаас, Б.Н. Егоров аатынан Күндэйэ орто оскуолата, Сунтаар