Алтынньы 2 күнүгэр «Сыл бастыҥ учуутала» куонкурус төрдүс түһүмэҕэр өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 17 учуутал кытынна. Учууталлар «Учитель — мастер» иккис тууругар бэйэлэрин кистэлэҥ сатабылларын, дьоҕурдарын 20 мүнүүтэ иһигэр көрдөрдүлэр. Дьүүллүүр сүбэ алта критерийынан сыаналаата.
Ярослав Карлович Винокуров, история учуутала, Н.М.Заблоцкай аатынан Томтор орто оскуолата, Өймөкөөн:
«Мин бүгүн бэйэм уруокка туттар албастарбын, идеяларбын сырдатаары күүтэ сылдьабын. Оскуолаҕа үлэлээбитим биэс сыл буолла, үөрэммит оскуолабар учууталынан үлэлии сылдьабын. Бу күрэххэ аан маҥнайгыбын кыттабын. Онон сүрдээх долгутуулаах. Коллегаларбын көрөн уопут ылыам диэн эрэнэбин. Саамай бэлиэтии, астына көрбүтүм, холобур, бүгүн учуутал эр дьон син баар эбиппит. Биэс эр киһи учуутал араас оскуолалартан кытта кэлбит. Учуутал идэтэ олус уустук буолан билигин эр дьон бу хайысханы тала сатаабат буолла диэн хомойо саныырым. Үлэлиир оскуолабар холобур иккиэбит эрэ. Физкультура учуутала уонна мин. Онон учуутал эр киһи инникитин элбиэ диэн эрэнэбин. Маннык куонкурустар арааһа элбэх учууталы кынаттыыр буолуохтаахтар. Куонкурус учууталлар уопуттарын, сатабылларын арыйалларыгар, атыттары кытта үллэстэллэригэр уонна сайдалларыгар көмөлөһөр, тирэх буолар дии саныыбын. Онон кыттааччыларга ситиһиини!»
Маннык куонкурустар учуутал үлэтин сыаналааһыҥҥа, айымньылаах үлэҕэ көҕүлүүр суолталаахтар. «Сыл бастыҥ учуутала» ким буолуой? Учууталларбытыгар ситиһиини баҕарыаххайыҥ!
Нюргуяна Захарова