Оҕо олорор дойдутун ситиһиитин, кыайыытын-хотуутун, кыһалҕатын, түһүүтүн-тахсыытын, үһрүүтүн-хомолтотун, манна хас киһи олорорун, төһө ынах-сүөһү баарын – барытын билиэхтээх. Онон сиэттэрэн Мырыла нэһилиэгин баһылыгын Василий Васильевич Хомподоевы көрсөн кэпсэттим.
– Үтүө күнүнэн, Василий Васильевич! Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги нэһилиэкпитигэр хас киһи олороруй?
– Үтүө күнүнэн, Маша! Билэргит курдук, Соловьев нэһилиэгэр икки нэһилиэнньэлээх пуун баар: Мырыла нэһилиэгэ уонна Хахыйах учаастага. Тохсунньу 1 күнүнээҕи дааннайынан, бу икки нэһилиэнньэлээх пууну холбоон, 560 киһи олорор. Ол иһигэр 77 оҕо оскуолаҕа үөрэнэр, 30 оҕо оҕо саадыгар сылдьар.
– Василий Васильевич, Эн санааҕар, биһиги нэһилиэкпит атын улуустартан уратыта тугуй?
– Мин санаабар, аан бастакынан, дьоно-сэргэтэ. Ханнык баҕарар нэһилиэк киэн туттуута – дьонноро. Иккиһинэн, хас биирдии киһиэхэ төрөөбүт дойдутун айылҕата күндү. Биһиги дойдубут айылҕата кэрэ көстүүлээх, ураты энергетикалаах. Ол эбэтэр туһааннаах киһиэхэ ураты күүһүнэн көмөлөһүөн сөп. Саамай киэн туттарбыт диэн Тэйэр хайа тэллэҕэр, Кыыс Амма кытылыгар олорорбут буолар. Манна кэлэн сынньаммыт, айылҕабытын илэ харахтарынан көрбүт дьон «дьэ кырдьык кэрэ көстүүлээх сир» диэн бараллара оруннаах. Үсүһүнэн, үгүс дьон сөҕөрө диэн – биһиги сыспай сиэллээҕи кыайа-хото тутан олоробут. Бу биһиги нэһилиэкпит үлэһит дьоннордооҕун көрдөрөр.
– Төһө сүөһүлээхпитий, сылгылаахпытый?
– Бүгүҥҥү туругунан, биһиги нэһилиэкпит улуус үрдүнэн саамай элбэх сүөһүлээх, сылгылаах нэһилиэк буолар. Ол курдук 1606 ынах-сүөһүлээхпит. Мантан 660 ыанар ынах. Сылгыбыт ахсаана – 980. Мантан 586-та биэ. Ити сыыппаралар көрдөрөллөрүнэн, нэһилиэкпит сүрүн дьарыга тыа хаһаайыстыбата буолар. Ынах, сылгы иитиитинэн сөбүлээн дьарыктанар дьон элбэхтэр диэн киэн тутта бэлиэтиибит.
– Василий Васильевич, нэһилиэк олоҕор сыһыаннаах саамай улахан ситиһиибит тугуй?
– Ситиһиибит элбэх дии саныыбын. Дойдубут үрдүнэн ыытыллар политикаҕа сөп түбэһэн, сүрүн сыалбыт мас дьиэттэн таас дьиэҕэ көһүү буолбута. Сүрүн социальнай объектарбытын үксүлэрин таас дьиэлэргэ көһөрдүбүт. Холобур, оскуола-саад 90 да 25 миэстэлээх таас дьиэҕэ көспүтэ. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамманан Мырылаҕа 16 квартиралаах таас дьиэ тутулунна. Хахыйахха эргэ уопсайдартан түөрт квартиралаах мас дьиэлэргэ киирдилэр. Ону таһынан түргэн ситимнээх интернет холбонно. Уоппутун күүһүртүбүт.
– Нэһилиэкпитигэр туох кыһалҕалар баалларый? Уонна ону быһаарарга туох үлэ ыытылларый?
– Сүрүн кыһалҕабыт – ыччат көһөн барыыта. Ити кыһалҕа биһигини эрэ буолбакка, тыа сирин кыра нэһилиэктэрин барыларын хаарыйар буолуохтаах. Тыа сиригэр дьон олорор усулуобуйатын саҥардыы, тупсарыы, кинилэр сайдалларыгар кыаҕы биэриигэ үлэлэһэбит. Таптаан олорбут сирдэригэр ыччаттарбытын дьиэлээн-уоттаан, үлэ-хамнас тэрийэн сөптөөх усулуобуйа тэрийии бүгүҥҥү күҥҥэ туруорар сүрүн сорукпут буолар. Ити хайысхаҕа сөптөөх ньымалары, хайысхалары уопсай нэһилиэк мунньаҕынан тобулан олоробут. Ону барытын кумааҕыга тиһэн, уопсай бырайыак оҥорон, үлэҕэ киллэриэхпит.
– Василий Васильевич, нэһилиэк сайдыытыгар оҕолор көмөлөрүн Эн туохха көрөҕүнүй?
– Үөрэх чааһыгар тохтуохпун баҕарабын. 9 уонна 11 кылаас үөрэнээччилэрэ үөрэх ирдэбилинэн экзамен туттараллар. Түмүк хайдах буолара нэһилиэк дьонун-сэргэтин үлэтин, кыһаллыытын түмүгэ дии саныыбын. Оҕо оскуолаҕа, оҕо саадыгар ылбыт сатабыла, билиитэ бу экзамен түмүгэр эмиэ көстөр. Көрдөрүүтэ үчүгэй буоллаҕына, биһиги дойдубут инникигэ кэскиллээх, инникигэ эрэллээх.
Интервьюну ылла уонна сурукка тистэ Маша СОБАКИНА,
VIII кылаас, “Кэскил” медиа-оскуола юнкора, Мырыла, Чурапчы