Биһиги оскуолабыт кэрэ көстүүлээх буоларын туһугар 9-10 кылаас оҕолоро сирень, роза уонна яблоня үүннэрдилэр. Оҕолор уруоктар кэннилэриттэн кэлэннэр, үөрэ-көтө үлэлээбиттэрэ. Уолаттар буору бэлэмнээбиттэрэ, кыргыттар олордон испиттэрэ. Мин санаабар, хас биирдии оскуолаҕа маннык мастары, сибэккилэри олордор олус диэн наада. Тоҕо диэтэххэ, учууталлар уонна улэһиттэр көрөн үөрүө, сүргэлэрэ көтөҕүллүө этэ. Оччоҕо үөрэх даҕаны, үлэ даҕаны табыллыа этэ.
Винокурова Валерия маннык кэпсиир:
– 9 уонна 10 кылаас оҕолоро бары бииргэ үчүгэй баҕайытык үлэлээбиппит. Оскуолабыт олбуоругар яблоня, сирень, уонна крапива олордубуппут. 9 кылаастан 7-8 оҕо баара, 10 кылаастан эмиэ 7-8 буолан үлэлээбиппит. Биһиги оскуолабыт итинник хайысханан сайдарын туһугар кыһаллабыт, кыһаллыахпыт.
Колодезникова Веронида кэпсиир, санаатын үллэстэр:
– Биһиги 9-10 кылаастар оскуолака яблонялары уонна да атын үүнээйилэри олордубуппут, лаппаахылаах уолаттар сири хаһан бэлэмнээбиттэрэ, биһиги кыргыттар уонна учууталларбыт Алëна Николаевна, Наталья Ивановна, Светлана Николаевна уонна Христина Васильевна үүнээйилэри ханна-ханна олордорбутун быһаарбыттара, көрдөрбүттэрэ, үөрэппиттэрэ. Оҕолор бары үчүгэйдик, түргэнник үлэлээбиппит. Үөрэнэр сирбитигэр оҕолор бу курдук сэмэйдик махталбытын тиэрдэбит.
Дая Неустроева, Томпо, Кириэс Халдьаайы, 11 кылаас