Саҥа үөрэх дьылын саҕаланыыта ураты күн. Ол да иһин умнуллубат өйдөбүллэри хаалларар. Ол туһунан гимназиям үөрэнээччилэрин кытта кэпсэттим.
Катя Посельская, V «Б» кылаас:
– Балаҕан ыйын 1 күнэ хас биирдии үөрэнээччигэ олус күндү күн. Мин бу күнү интириэһинэй баҕайытык атаарбытым. Гимназияҕа ийэлээх аҕабын уонна эдьиийбин кытта кэлбиппит. Билии күнүгэр аналлаах линейкаҕа долгуйа турбуппут. Саҥа оҕолору кытта билсэн, үөрэн-көтөн дьиэлээбитим.
Туйгун үөрэнээччи буолар сыаллаахпын. Бииргэ үөрэнэр оҕолорбун кытта чугастык алтыһан, гимназиям иккис дьиэм кэриэтэ буолуо диэн эрэнэбин.
Лилия Бурцева, IX «Б» кылаас:
– Бу күн оҕолор, бэтэрээн учууталлар, билигин үөрэтэр учууталлар – бары бииргэ үөрэ-көтө мустубуппут. Элбэх эҕэрдэ тыл этиллибитэ, улахан кылаас үөрэнээччилэрэ Арассыыйа, Саха өрөспүүбүлүкэтин былааҕын киллэрбиттэрэ, тапталлаах муусукабыт учуутала Андрей Петрович ырыа ыллаан иһитиннэрбитэ, гимназия бырабыыталыстыбатын оҕолоро үңкүүлээбиппит. Уон биирис кылаастар бэһис кылаас оҕолоругар бэйэлэрин баҕа санааларын суруйан сөмөлүөт туттарбыттара.
Бу үөрэх дьыла миэхэ олус улахан эппиэтинэстээх, эскээмэннэрбин үчүгэйдик туттарар сыаллаахпын.
Сандара Керемясова, XI «А» кылаас:
– Мин үөрэнээччи быһыытынан оскуолаҕа бэлиэтиир бу бүтэһик Билиим күнэ. Олус үчүгэйдик ааспыта. Ардахтаах, былыттаах тымныы күн буолбутун да иһин, доҕотторбун кытта көрсөммүн, санаабар сып-сылаас, сырдык күн ааспыта. «Республика Гимназия» оҕо хамсааһынын чилиэттэрэ буолан киэргэппиппитин учууталлар, оҕолор, ыалдьыттар – бары сөбүлээбит этилэр. Быйыл БКЭ туттарарым быһыытынан, үөрэхпэр өссө күүскэ ылсар былааннаахпын. Оскуола кэнниттэн ханнык үөрэххэ киирэрбин үчүгэйдик быһаарынан баран, сыал-сорук туруорунуом, күүскэ дьарыктаныам. Үөрэҕим бүтэһик сыла элбэх интириэһинэй түгэннэрдээх, таһаарыылаах буоларын ситиһиэм.
Петя Слепцов, XI «Б» кылаас:
– Организаторбыт Анна Петровна уонна гимназиябыт бырабыыталыстыбатын оҕолоро буолан бэлэмнээн, быйылгы үөрэх дьылыгар бастакы тэрээһиммит үчүгэйдик аааста. Кылааһым оҕолорун көрсөн, дуоһуйа кэпсэппипит.
Быйылгы үөрэх дьылыгар эксээмэннэрбэр күүскэ бэлэмнэниэм, үөрэҕи өрө тутуоҕум. Эксээмэннэрбин 90-тан тахса баалга суруйар баҕалаахпын. Ол да буоллар, ааспыт үөрэх дьылыгар курдук, элбэх тэрээһиннэргэ кыттар санаа баар.
***
Бу курдук, биһиги гимназиябыт оҕолоро сыал-сорук туруорунан, үөрэхтэрин саҕалаатылар. Кинилэргэ ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ. Биһиги эмиэ кинилэр холобурдарынан сирдэтэн, сыалы-соругу ситиһэр, олоххо көхтөөх көрүүлээх буоларга дьулуһуохха.
Наташа МАКАРОВА, XI «А » кылаас,
«Тумус кыһа» пресс-киин, Чурапчы гимназията