Балаҕан ыйын 17 күнүгэр Хорообут оскуолатыттан 26 үөрэнээччи биир дойдулаахпытыгар Егор Александрович Андреевка хортуосканы хомуйууга көмөлөстүбүт.
Биһиги, оҕолор, хортуоска эрэ хомуйбакка, өссө күhүҥҥү айылҕаҕа сылаас хортуоска соккуойун сиэн, сэниэ киллэринэн, үөрэн-көтөн, ол быыһыгар араас оонньуулары оонньоотубут. Үөрэнээччилэр өссө да үлэлиир, көмөлөhөp баҕа санаалаахтарын биллэрдилэр. Кинилэргэ ити үлэлэрэ, агрооскуола үөрэнээччилэригэр, үчүгэй быраактыка буолар, сорохтор тыраахтар хаһарын бастакытын көрөн сөхтүлэр, үөрдүлэр.
Уопсайа, 133 куулу хомуйан чөкөттүбүт. «Норуот күүһэ- көмүөл күүһэ!» диэн маны этэн эрдэхтэрэ.
Оҕолору үлэнэн иитиигэ салайан үлэлэттэ, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Октябрина Егоровна. «Октябрина Егоровна оҕолору хортуоска хомууругар таһааран, улахан күүс-көмө буоллулар. Улахан махтал! Оҕолор үлэҕэ үчүгэйдэр эбит. Мантан иннэ шефтаһан, оҕолору кыратык да буоллар хамнастаан үлэлэтиххэ сөп эбит», — диэн биир дойдулаахтарбыт санааларын үллэһиннилэр.
«TaasNews» медиацентр, Хорообут орто оскуолата.