В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын 5 “б”, 6 “а”, 6 “б”, 7 “а”, 7 “в”, 8 “а” кылаас үөрэнээччилэрэ учууталларын салалтатынан күргүөмүнэн тыаҕа тахсан отонноон кэллилэр. Кылаастар хомуллубут отоннорун бэтэрээннэргэ бэлэх уунуохтара.
Мип-минньигэс харааччы буспут отоннору бука бары ис-сүрэхтэриттэн кыһаллан хомуйдулар. Оҕолор ыраас салгынынан тыынан, күһүҥҥү айылҕаҕа дуоһуйа кэпсэтэн, оонньоон-көрүлээн, отонноон элбэҕи билэн-көрөн, айылҕа кэрэтин кэрэхсээн, тэҥинэн үтүө дьыаланы оҥордулар.
8 “а” кылаас үөрэнээччилэрэ отонноон кэлбиттэрин туһунан үөрэ-көтө кэпсээтилэр:
— Дэриэбинэбит таһыгар отонноох сири булан, чаас аҥарын иһигэр биэдирэбитин толордубут. Бары наһаа астынныбыт, айылҕаҕа сынньанныбыт, оонньоон-көрүлээн кэллибит.
Оҕолор үтүө санааларынан хомуйбут отоннорун уһун кыһыҥҥа кырдьаҕастар битэмииннээх утаҕы астына иһиэхтэрэ, оҕолорго махтанан ахтыахтара-саныахтара.
В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын медиа-киинэ.