Сайыҥҥы кэмҥэ тыа оҕото оттоон, сир астаан, дьонугар-сэргэтигэр көмөлөһөрүн таһынан, араас хайысхалаах лааҕырга, олохтоох бибилэтиэкэ, түмэл тэрийэн ыытар тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттан, сынньалаҥын туһалаахтык атаарар.
Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр баар Саха өрөспүүбүлүкэтин ойууга-дьүһүҥҥэ бас түмэлин Харбалаахтааҕы филиалын хартыына галереятын экскурсовода Наталья Ивановна Григорьеваны кытта сайыҥҥы кэмҥэ оҕолорго аналлаах туох үлэ-хамнас барбытын туһунан кэпсэттибит.
— Харбалаахтааҕы хартыына галереятын 1974 сыллаахха биллэр худуоһунньук Иннокентий Дмитриевич Корякин тэрийбит. Биһиги галереябыт өрөспүүбүлүкэҕэ тыа сиригэр тэриллибит аан бастакы галереянан биллэр. Фондабытыгар 600 тахса саха, нуучча, кытай уо.д.а омук худуоһунньуктарын живописька, графикаҕа, скульптураҕа үлэлэрэ хараллар. Галерея күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ духовнай баайын дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөрүн таһынан олохтоох уустар, маастардар үлэлэрин киэҥ эйгэҕэ таһаарыыга,сырдатыыга көдьүүстээх үлэни ыытар.
Түмэлгэ дьон-сэргэ сөбүлээн, сэргээн кэлэр, уһуйаан, оскуола саастаах оҕолоро сүрдээҕин сылдьаллар.
Галереябытыгар иккис сылын «Айар сынньалаҥ» диэн иитэр-үөрэтэр бырагыраама үлэлэтэбит. Манна оҕолор улахан худуоһунньуктар үлэлэрин билсэ таарыйа, үтүктэ уруһуйдуурга үөрэнэллэр, араас тиэмэҕэ, араас техниканан уруһуйдаан, оҥоһук оҥорон сынньалаҥнарын сэргэхтик атаараллар. Ону сэргэ ойуулуур-дьүһүннүүр искусство нөҥүө оҕо саҥарар, суруйар дьоҕурун сайыннарыыга үөрэхтэр буолаллар. Бу дьарыктарбыт хас да потогунан 10-нуу күн ыытыллаллар. Биир потокка 10 оҕо сылдьар. Эрдэттэн суруттаран, ким баҕалаах кэлэн дьарыктанар. Бу тэрээһиннэр оҕолор каникулларын кэмигэр буолар. Ону сэргэ сыл устата экскурсия, оонньуу ыытыллар уонна художественнай кылаас оҕолоро кэлэн дьарыктаналлар.
Төрөппүт билигин оҕо сынньалаҥын туһалаахтык атаарарыгар наһаа интэриэстээх эбит. Биһиги саамай сүрүн сыалбыт диэн смартфон, гаджет умнуллан, оҕо өйүгэр оҥорон көрөр дьоҕурун, айар талаанын сайыннарыы. «Айар сынньалаҥҥа» төлөпүөнтэн сынньанабыт.
Кэтээн көрдөххө, оҕо барыта дьоҕурдаах төрүүр. Ону таба таайан, төрөппүт сөптөөх хайысхаҕа хайыһыннаран, оҕо баҕатын учуоттаан, эбии дьарыкка сырытыннарара оҕоҕо наһаа элбэҕи биэрэр. Оҕо киһи быһыытынан толору сайдыылаах буола улаатарыгар үөрэҕи, спорду, искусствоны тэҥҥэ тутан, сиэттиһэ сылдьыахтаах эбит. Айар дьоҕуру оҕоҕо сөптөөх ньыманан сайыннарыахха сөп. Биһиэхэ дьарыкка сылдьан баран, уруһуйу сөбүлээн, салҕыы художественнай кылааска, уруһуй куруһуогар киирбит оҕолор баалларыттан үөрэбит, — диэн Наталья Ивановна киэн тутта кэпсиир.
Мария Иванова.