Бу күннэргэ саха дьоно, ыар сүтүктэннибит. Өрөспүүбүлүкэбит бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев биһиги кэккэбититтэн букатыннаахтык туораата.
Хас биирдии саха киһитэ бу ыар сураҕы истэн баран, бэйэтин тулаайахсыйбыт, дурдата-хаххата суох хаалбыт кудук сананна. Михаил Ефимович саха норуотун дьылҕатыгар оннук сүдү суолталаах ытык киһи этэ.
87 сыл историялаах сахалыы тыллаах «Кэскил» (Бэлэм буол) хаһыат ситимин быспакка бэчээттэнэн, күн бүгүнүгэр диэри эйиэхэ эрэллээх аргыс буолан сылдьарыгар Михаил Ефимович өҥөтө сүрдээх улахан. 1991 сылтан Саха сирин бастакы Президенынан талыллыаҕыттан, оҕо туһугар үгүс үлэтин, күүһүн-күдэҕин анаабыта.
«Кэскил» (Бэлэм буол) хаһыаппытын 50 сыл уонна 8 ый устата салайбыт ытыктыыр эрэдээктэрбит Нина Иннокентьевна Протопопова 2001 сыллаахха Михаил Ефимович туһунан маннык суруйбут: «Биһиги Президеммит М.Е. Николаев кэлэр кэми өтө көрүүлэригэр, оҕону-ыччаты үөрэхтээх, эргиччи сайдыылаах, үрдүк культуралаах гына иитэр үлэтигэр-хамнаһыгар оҕо уонна учуутал хаһыаттарын хаһан даҕаны арыылаан кэбиспэт, болҕомтотун далыгар илдьэ сылдьар. Биһиги итэҕэстэрбитин бэлиэтиирэ, хаһыаттары тупсарар туһугар ылар дьаһаллара ону туоһулууллар.
1999-2000 сс. биллэриллибит Оҕо аймах уонна оҕо спордун сылынан сибээстээн, Президент улахан дьаһала тахсыбыта. Ол дьаһалынан оҕо хаһыаттарын кээмэйэ икки төгүл улааппыта. Президеммит хаһыаппыт тупсарыгар болҕомотун кини оҕо туһугар кыһамньытын быһыытынан ылынан, киниэхэ махталбыт улахан. Ол эрэмньигэ уонна эппиэтинэскэ хоруйдуур гына үлэлииргэ хаһыат хас биирдии үлэһитэ дьулуһар».
Эдэр ааҕааччыбыт, эн илиигэр «Кэскил» хаһыаты туттаххына, бастакы Президеммит Михаил Ефимович Николаев туһунан хайаан да ахтан-санаан ааһар буолаар. Биһиги бастакы Президеммыт Саха сирин оҕолоро киэҥ билиилээх-көрүүлээх, элбэҕи ааҕар, үөрэх-сайдыы суолугар чиҥник үктэнэн дьоллоохтук иитиллэр усулуобуйаларын тэрийиигэ улахан олугу уурбута. Олортон биирэ – «Кэскил» (Бэлэм буол) оҕо хаһыата.
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата