Мин аатым Дьячковская Тина, Иван Михайлович Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатын үөрэнээччитэбин. Сыл аайы сайыҥҥы сынньалаҥмар лааҕырга сылдьан, саҥа оҕолору кытта билсэн, саҥаны билэн-көрөн кэлэрбин туохтааҕар да ордоробун. Биир саамай улахан баҕа санаам Международнай таһымнаах “Артек” лааҕырга баран сынньанан кэлии этэ. Лааҕыр сайтыгар киирэн хайдах путевканы ылыахха сөбүн туһунан ааҕан, билсэн баран сыл устата араас тэрээһиннэргэ, күрэхтэргэ, олимпиадаларга, научнай-практическай конференсияларга кыттан, ситиһиилэрим грамоталарын сайтка уган, сайаапка ыыппытым. Уонна ыра оҥостубут санаам туолан, путевка тутан, Крым “Артек” лааҕырыгар баран сынньанан кэллим.
Саха сириттэн 18 оҕо буолан “Виват, Россия! Виват, Артек!” 6 сменаҕа айаннаабыппыт. Биһигини Хамарова Саргылана Васильевна уонна Захарова Александра Тимофеевна аарыаллаан илдьибиттэрэ. Бастаан самолетунан онтон поеһынан 3 күн кэриҥэ айаннаан лааҕырбытыгар тиийбиппит. Түүн тиийбит буоламмыт сып курдук отрядтарынан тарҕаппыттара уонна хосторбутугар утуйа тарҕаспыппыт. Мин 18 Мор отрядка киирбитим. Кэлээт да оҕолору кытта билсэн, коллективка түргэнник киирбитим, саҥа доҕоттордоммутум. “Мор” диэн морской диэнтэн кылгатыллыбыт. Бастакы күнтэн саҕалаан профильбытынан күн аайы дьарыктанар этибит. Ол курдук семафор, такелаж шлюпка строениятын, хамаандатын үөрэппиппит. 5 күн буолан баран зачет туттаран, бастакыбытын муораҕа шлюпканан тахсыбыппыт.
Хас күн аайы киэһээтин араас тэрээһиннэр ыытыллаллар этэ. Онно куруук бэлэмнэнэн, долгуйа кыттан көрдөрөрбүт (выступали). Саамай умнуллубат тэрээһининэн “Реквием” буолбута. 3 күнү быһа бэлэмнэммиппит, морской лааҕыр барыта кэлэн көрбүтэ. Хас биирдии тэрээһин түмүгүнэн Гран-при, араас таһымнаах дипломнары ылаттаабыппыт. Лааҕырбыт бүтүүтэ улахан “Мор битва” диэн тэрээһин ыытыллыбыта. Бу күрэххэ бүтүн смена устата бэлэмнэммиппит. Миигин такелажка таһаарбыттара. Хамаандабын түһэн биэрбэт сыалтан күүскэ бэлэмнэнэн, барытын сөпкө оҥорон үрдүк баалы ылбытым. Бу кэм саамай долгутуулаах этэ.
Араас күрэхтэр таһынан, эскурсияларга сылдьыбыппыт. Былыргы Херсонеска барбыппыт, Военнай музейы, Массандра бөһүөлэги көрбүппүт. Хомойуох иһин, ардахтаах күн буолан, Аю-Даг хайаҕа биһиги отряд тахсыбатахпыт. Онтон атын этэрээттэр сылдьыбыттара. Смена бүтүүтүгэр Хара муораҕа сөтүөлээбиппит.
“Артек” лааҕыр хас биирдии күнэ умнуллубаттык, кэрэтик, уратытык ааспыта. Россия араас муннуктарыттан кэлбит оҕолору кытта билсэн, саҥа доҕоттордоннум. Кинилэри кытта билигин да билсэбин, кэпсэтэбин уонна номнуо ахтыһа охсубут эбиппит. Эһиил эмиэ тапталаах Артекпытыгар бары көрсөр баҕа санаалаахпыт. Бу баҕа санаа биһигини саҥа ситиһиилэргэ кынаттыыр, кыайыыга-хотууга сирдиир.
Лааҕырга барарбар көмөлөспүт салайааччыларга, арыаллааччыларбар, учууталларбар, ийэлээх аҕабар махтанабын. Артек – оҕо сааспар саамай умнуллубат кэмнэри бэлэхтээтэ.
Тина Дьячковская
Чурапчы сэл. Чурапчы улууһа
Хас биирдии киһиэхэ сайын саамай күүтүүлээх, кэтэһиилээх кэм буолар. Бу кэмҥэ улахан дьон уоппуска ылан сынньанар, оттон оҕолор бэйэлэрин саастыылаахтарын кытта билсэн, бодоруһан араас лааҕырдарга сылдьаллар. Биһиги ыал 3 оҕолоохпут. Оҕолорбут бары кыра саастарыттан лааҕырдарга сылдьалларын сөбүлүүллэр. Ол курдук, ситиһиилэрин түмүгүнэн улахан кыыспыт Вера “Океан”, уолбут Андрей “Зори Анапы”, кыра кыыспыт Тина “Орленок” уо.д.а. лааҕырдарга путевка ылан сынньанан кэлбиттэрэ.
Тина биир саамай улахан баҕа санаата Международнай “Артек” лааҕырга баран сынньанан кэлии этэ. Арай санаатахха, наһаа ыраах, хаһан да тиийиэ, путевкаҕа тиксиэ суох курдук, баҕа санаа эрэ кэриэтэ буолара. “Баҕалаах баҕанаҕа ыттар” дииллэринии, аныгы олох сиэринэн интернет ситиминэн лааҕыр туһунан билэн-көрөн баран, сайаапка ыытыахха сөп эбит диэн Тина санаатын миигин кытта үллэстэн, боуруобалыахха диэн сайт нөҥүө докумуоннары, грамоталарын ыыппыта. Ыыппыт сезонугар хапсыбатаҕа, ол да буоллар санаатын түһэбэккэ сезон аайы сайаапка ыытан үөрэх дьылын түмүктэниитэ, самаан сайын салаллыыта биир күн “Тина Артек лааҕырга барарга баала хапсар, оҕоҕутун ыытаҕыт дуо?” диэн телефон нөҥүө эрийэн ыйыттылар. Оҕобут саамай улахан баҕа санаата туолан, путевка ылбытыттан бары наһаа үөрэн, оҕобутунан киэн туттан, тута сөбүлэспиппит. Ол курдук, “Виват, Россия! Виват, Артек!” диэн 6 сменаҕа баран элбэх саҥа оҕолору кытта билсэн, доҕордоһон, араас тэрээһиннэргэ, күрэхтэргэ кыттан кэлбитэ. Саха сириттэн барбыт оҕолор “Морской” лааҕырга түбэспиттэрэ. Оҕолору саастарынан көрөн отрядтарга араарбыттара. Туох баар таҥастарын-саптарын, формаларын барытын лааҕыр бэйэтэ биэрэр эбит. Смена устата оннук таҥастаах сылдьаллар. Аһылыктара шведский стол, ол эбэтэр оҕолор бэйэлэрэ талан ылаллар. Оҕолору Крым устун араас эскурсияларга, музейдарга сырытыннарбыттара. Төрөппүттэргэ анаан онлайн камеранан лааҕыр иһигэр туох буоларын көрдөрөр приложения баара. Вконтакте төрөппүттэр группалаах этибит. Онно хаартыскалары ыыталлара, араас боппуруостарга хоруйдары ылыахха сөбө уонна кыра күрэхтэргэ, флешмобка кыттыбыппыт. Ол курдук, Россия күнүгэр нуучча норуотун үҥкүүтүн үҥкүүлээн, ону холбоон ролик оҥорбуттара. Артек төрөөбүтэ 98 сааһыгар “Артек привет!” диэн төрөппүттэр плакат оҥорон хаартыскаҕа түһэн флешмобка кыттыбыппыт, оҕолорбутугар Россия араас муннугуттан эҕэрдэлэри ыыппыппыт. Саамай түргэн 50 төрөппүккэ оонньууга кыттан босхо аватарка оҥорон ыыппыттара. Ити курдук төрөппүттэр эмиэ оҕолорбутун кытта тэҥҥэ лааҕырга сылдьар курдук этибит. Тинабыт оҕо сааһыгар Артек лааҕыр биир умунллубат түгэн буолбутуттан төрөппүттэрэ долгуйабыт уонна үөрэбит. Түгэнинэн туһанан кураторбытыгар Хамарова С.В. арыалааччыбытыгар Захарова А.Т., Тинаны нпк кытыннарар учууталыгар Матвеева П.А., олимпиадаҕа кытыннарар предметник учууталларыгар, кылааһын салайааччытыгар Сивцева А.В., оскуолабыт директорыгар Васильев И.Г., оскуолабыт музейын салайааччытыгар Дьячковскай М.В. барыгытыгар махталбытын тириэрдэбит.
Оҕолоор, эһиги эмиэ баҕа санааҕыт туолан дойдубут саамай биллэр лааҕырдарыгар баран сынньанан кэлиэххитин сөп. Ол туһугар элбэҕи ааҕан, билэн, кыттан, кыайан сайаапка ыытыаххытын эрэ наада. Барыгытыгар ситиһиини, “Кэскил” хаһыакка суруттаран ааҕар буолун!
Дьячковская Елена Николаевна
Тина ийэтэ, Чурапчы