(Суоллааҕы бэлиэтээһиннэр)
Россия муҥура суох киэҥ дойду буоларын үгүспүт картаҕа, киинэҕэ көрөммүт, кинигэҕэ ааҕаммыт билэбит. Онтон кини киэҥ сирдэрин илэ хараххынан көрдөххүнэ, сирин-уотун устун хаамтаххына, дьонун-сэргэтин кытта кэпсэттэххинэ, чахчы да, өйдүүн-санаалыын үрдээн, сирэйдиин-харахтыын сырдаан ылынаҕын.
Улуу таптал уйаламмыт сирэ
Россия соҕуруу өттүгэр айаным Кавказ Минеральнай Ууларыттан (КМВ) саҕаламмыта. Пятигорскай курортнай куоракка аан бастаан үктэммит киһиэхэ олохтоохтор сирэйдиин-харахтыын сырдаан туран “вот наша красавица” диэн аан бастаан Машук хайатын туһунан кэпсии тоһуйаллар уонна туох ханнык иннинэ манна сылдьарга сүбэлииллэр.
Номоххо кэпсэнэринэн, былыыр-былыр манна хайа диэн суох, барыта остуол ньуурун курдук көнө сирдэр нэлэһийэн сыталлар эбит. Онно күүстээхтэн күүстээх, кыахтаахтан кыахтаах бухатыырдар төрөөн-үөскээн олохсуйан олорбуттар. Кинилэр Эльбрус диэн уордаах кинээс баһылыктаахтар эбит. Кинээс Бештау диэн туохтан да чаҕыйбат буойун, кыыллар саҥаларын өйдүүр уоллааҕа дииллэр. Кини эрэллээх доҕотторо – Эриэн үөн, Тэбиэн, Оҕус, Хахай.
Буойун уол Машук диэн ааттаах көрүөхтэн эрэ кэрэ дьүһүннээх кыыһы ис сүрэҕиттэн таптаабыт. Кыыс аҕатыттан кэргэн ыларга көҥүллэтэн, ыраас таптал үрдүк үөрүүтүгэр уйдаран, үс түүннээх күн устата өрөгөйдөөбүт. Арай кинээс Эльбрус ити үөрүүнү букатын ылымматах. Кэрэ кыыһы бэйэтэ кэргэн ылар кэтэх санаата баһыйан, уолун ыраах-ыраах кыргыһыы хонуутугар ыыппыт. Сотору соҕус Бештау суорума суолламмытын туһунан сымыйа сураҕы тарҕаппыт уонна тапталлааҕын сүтэрбит кэрэ кыыһы күүһүнэн кэргэн ылбыт.
Биир үтүө күн Бештау уол кыайан-хотон, баай-дуол бөҕөтүн кыбынан дойдутугар эргиллэн кэлбит. Кини суох кэмигэр туох буолбутун барытын доҕотторо – кыыллар сиһилии кэпсээн биэрбиттэр. Бештау уота-күөһэ өспүт, ытыы-соҥуу олорор тапталлааҕын күрэтэргэ санаммыт. Туохтан да чаҕыйбат буойун уол кыыл доҕотторун көмөлөрүнэн, тапталлааҕын илдьэ хоту диэки түһүнэ турбут. Аара баран иһэн кыыс Эльбрус кинээс күүһүнэн кэтэрдибит биһилэҕин устан ылан быраҕан кэбиспит.
Эльбрус кинээс күрээбиттэрин билэн, олус уордайбыт, буойуттарын барыларын мунньан эккирэппит уонна ситэ баттаан ылбыт. Бу билигин турар хайалар оннуларыгар улуу таптал иһин кырыктаах кыргыһыы саҕаламмыт. Биир да киһи тыыннаах ордубатах. Сир-дойду онтон доргуйан, ото-маһа, дьиэтэ-уота икки чыпчааллаах Эльбрус баһылыктаах Кавказ хайаларыгар кубулуйбут. Онтон хоту өттүгэр Бештау хайа баар буолбут. Кинини эрэллээх доҕотторо Хахай, Верблюд, Оҕус, Змеевая хайалар тулалыы турунан кэбиспиттэр. Онтон тэйиччи Кинжал хайата баар буолбут. Биһилэх хайаларга сирдиир хайа буолбут. Кэрэ кыыс Машук тапталлааҕын иннигэр сөһүргэстии турунан кэбиспит. Улуу таптал иһин охсуспут буойуттар, кэрэ кыыс Машук итии хааннара эмтээх уу буолан күн бүгүнүгэр диэри сир анныттан тыга сытар диэн номоххо кэпсэнэр.
993 миэтэрэ үрдүктээх Машук хайатыгар тахсар хас биирдии турист Эльбрус хайатын ыраахтан көрөр ыра санаалаах. Ол ыра санаа олоххо киирэрэ күн-дьыл туругуттан тутулуктаах. Санаабытыгар, Эльбрус кинээс ыраахтан былыт, туман быһыынан уордаахтык одуулуурга дылы…
Олохсуйбут үгэс
Дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар сирэ олохсуйбут үгэстээх буолар. Машук хайатыгар ол эмиэ баар. Быһа холоон, 2013 сылтан, мас остуолбаларга дойдуҥ аатын, мантан хас километр тэйиччи, хайа диэки турарын көрдөрөр ыйынньыктары суруйан хаалларыаххын сөп. Үгүс туристарга бу сүрүн сыалынан-соругунан буолар.
Машук хайатын чыпчаалыгар Саха сириттэн Дьокуускайы, Орто Халыманы, Ленскэйи, Аллараа Бэстээҕи көрдөрөр ыйынньыктар бааллар.
Лермонтов уонна Пятигорскай
Пятигорскайга нуучча улуу поэта Михаил Лермонтов үтүө аатын үрдүктүк туталлар, олус харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллар. Поэт манна хаста да кэлэ сылдьыбыт. Олоҕун тиһэх күннэригэр манна олорбут. Машук хайа тэллэҕэр дуэльга өлбүт миэстэтэ баар. Нуучча улуу поэта сылдьыбыт сирдэригэр музейдар, хаампыт сирдэринэн аллеялар, галереялар, пааматынньыктар, сквердэр бааллар.
Грознайга айан
Пятигорскайтан Грознайга айанныыр былааммар төрдүттэн суоҕа. Биир күннээх экскурсия сыаната үс тыһыынчаны кыайбат. Онон барыахха диэн боппуруос турбутугар, “сэрии, теракт” диэн өйдөбүлтэн атын туох да киирбэт. Биир бэйэм туроператорбыт гидыттан “туох да куттал суоһаабат” диэн мэктиэ тыллары эт кулгаахпынан истэн эрэ бараммын сөбүлэспитим. Ол сөбүлэспиппиттэн биири да кэмсиммэтим.
Ставропольскай кыраайтан саҕалаан, түөрт өрөспүүбүлүкэни уҥуордаан Грознайга алта чаас устата айаннаан тиийдибит.
Ставропольскай кыраай
Ставпропольскай кыраай – Кавказ биир саамай улахан региона. Түөрт курортнай куораттаах – Железноводскай, Кисловодскай, Ессентуки уонна Пятигорскай.
Россия аан дойдуга таһаарар бурдугун бородууксуйатын улахан бырыһыана бу кыраай өҥ буордаах сиригэр үүннэриллэр. Ставропольскай кыраай бурдугу үүннэриигэ үс бастыҥ регион иһигэр киирэр. “Балаһыанньа уустук кэмигэр айылҕабыт барахсан күүһүн-көмөтүн ыыта турар. Быйыл ардахтаах, өҥ дьыл. Онон бурдукка түһэриллибит былааны толорор кыах баар. Хоту да, соҕуруу да олороргуттан тутулуга суох, бары Ийэ айылҕабытын кытта ыкса сибээстээхпит”, – диэн гидпыт Елена кэпсиир.
Айан суолун былаһын тухары уҥа диэки көрдөххүнэ — саһарчы буспут бурдук, хаҥас диэки хайыстаххына – саһархай подсолнухтар хонууларын киһи хараҕынан сатаан хаппат киэҥэ. Маанылаах аспыт алаадьыбыт, бэрэскибит Россия киэҥ нэлэмэн хонууларын кытта ыкса сибээстээҕин өссө арылхайдык өйдүүгүн.
Кабардино-Балкария
Кабардино-Балкария өрөспүүбүлүкэтигэр сүүс араас омук түмсэн олорор. Нэһилиэнньэтин 68 бырыһыана ислам итэҕэллээх.
“Манна норуоттар доҕордоһууларын туохтааҕар да ордук өрө туталлар. Доҕордоһуу диэн тыл суолтатын кинилэр курдук чугастык өйдүүр дьоннор бааллара эбитэ дуу…”, — гидпыт Елена кэпсиир. Сотору өрөспүүбүлүкэ кыраныыссатыгар “Пусть крепнет и процветает дружба народов России!” диэн сыыр быарыгар суруллан турарын көрөн аастыбыт.
Россияҕа дьаабылыка саамай үүнэр киин сирэ – Кабардино-Балкария. “Дьаабылыка куората” диэн аатырар саадка дьаабылыка 40 араас көрүҥүн биир мөлүйүөнтэн тахса укка үүннэрэллэр. “Сотору бу айан суолунан кыһыл, араҥас дьаабылыкалары ыгыччы тиэммит «КамАЗ» массыыналары үгүстүк көрүөххэ сөп. Россия хас бэһис ыала Кабардино-Балкария дьаабылыкатын сиир диэн мээнэҕэ эппэттэр”, – диэн Еленабыт кэпсиир.
Эльбрус хайатыгар тиэрдэр суол Кабардино-Балкариянан ааһар. Онон манна туристар сылы супту быыстала суох сылдьаллар.
Карачаево-Черкессия
Карачаево-Черкессия өрөспүүбүлүкэтин сүрүн дьарыга – тыа хаһаайыстабата. Бараан этин оҥорон таһаарар улахан собуоттаах.
1960-с сыллартан сайдан саҕаламмыт Домбай курортнай бөһүөлэк күн бүгүнүгэр диэри киһи аймаҕы умсугутар, ыҥырар-угуйар. Холобур, аҥардас ааспыт сылга манна 2 мөл. турист кэлэн барбыт. “Бу хаачахтааһыннарынан, санкцияларынан сибээстээн бэйэбит дьоннорбут Россия кэрэ-бэлиэ сирдэринэн элбэхтик сылдьар буоллулар. Ол биһиги туроператорбыт да үлэтигэр көстөр. Онон куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх”, – Елена манна сыһыаран санаатын этэр.
Хотугу Осетия-Алания
“… Хотугу Осетия-Алания өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар үктэнэр миэхэ ордук ыарыылаах… – Еленабыт куолаһа титирэстиир, – Беслан… 2004 сыл… Оҕо курдук чараас, ыраас, сырдык эйгэни хаанынан халытан имири эһэргэ, оҕо тыыныгар туора турарга төһөлөөх элбэх хара санаа нааданый… Киһи өйүгэр батан киирбэт. “Аанньаллар куораттара” мемориальнай кылабыыһаҕа 266 киһи көмүллэн сытар. Мантан улахан аҥара оҕолор. Оскуолаҕа психологынан үлэлиир кэммэр, кэпсэтэн, Беслаҥҥа оҕолор бөлөхтөрүн аҕала сылдьыбытым. Биир саастыылаахтарын ыар дьылҕаларын олус чугастык ылыммыттара. Киһи киһиэхэ харыстабыллаах сыһыанын, үтүө санаа суолтатын туһунан иҥэн-тоҥон толкуйдаабыттара. Ол кинилэргэ туох да тыла суох үөрэҕинэн буолбута.
Улахан дьоннор өйдөспөт буолууларыгар оҕо сиэртибэ буолара саамай ынырык көстүү. Беслан трагедията хатыламматар ханнык. Тойон Таҥараттан көрдөһөр көрдүһүүм – ити…”, – Елена кэпсээнэ барыбытын уйдаппыта.
Ингушетия
Ингушетия өрөспүүбүлүкэтэ Россия састаабыгар саамай эдэр өрөспүүбүлүкэнэн биллэр. Баһылаан олорор сирин-уотун территорията саамай кыра эрээри, хотугу Кавказка саамай үрдүк төрүөҕү Ингушетия өрөспүүбүлүкэтэ биэрэ олорор. “Ингуштар уустук дьылҕалаах омуктар. Ол иһин да буолуо, олоххо тардыһыылара күүстээх. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр 1944 сыллаахха чеченнэри кытта Сибииргэ утаарыллыбыттара. 1956 сыллаахха дойдуларыгар төннөн кэлэн, атахтарыгар хаттаан турбуттара. 1992 сыллаахха туспа өрөспүүбүлүкэ буолалларын ситиспиттэрэ. Сирдэрин-уоттарын быһаарсыы, биллэн туран, утарыта турсуута, хаан тохтуута суох буолбатаҕа…” – Елена өрө тыынар.
Чечня
Чечня өрөспүүбүлүкэтигэр кэлбит туристары үс сүрүн улахан мечеткэ хайаан да сырытыннараллар. Ол итэҕэл диэн Кавказ норуоттарын биир өйгө-санааҕа түмэр кыаҕын-күүһүн көрдөрөр сүрүн соруктаах хайысха. “Чечня мечеттэригэр сылдьыбыт хас биирдии киһи кыратык да хараҕа сырдаан, өйө-санаата үрдээн бардаҕына, ол киниэхэ бэйэтигэр улахан ситиһии буолар ”, – диэн быһаарар гид.
Бастакы сылдьыбыт куораппыт – Шали. Манна Европаҕа саамай улахан “Гордость мусульман” мечеть баар. Ислам саамай улахан храмыгар 30 тыһыынчаҕа тиийэ киһи киирэр кыахтаах. Барыта маҥан мраморынан бүрүллүбүт. Киһи хараҕа саатар сырдыга. Күн сардаҥата кытта чаҕыйар. 30-ча кыраадыс итиигэ мрамор лаппа сөрүүнэ сөхтөрбүтэ. Мечеть ис өттүгэр саамай киинигэр ыйанан турар люстра 2,5 тонна ыйааһыннаах дииллэр.
Салгыы Аргун куоракка айанныыбыт. Манна “Ийэ сүрэҕэ” диэн көрүөхтэн эрэ эриэккэс, ураты мечеть баар. Аан дойдуга бу тутууну аныгы искусство шедеврэ диэн сыаналыыллар. Чечня өрөспүүбүлүкэтин бастакы президенэ Ахмат Кадыров огдообото Аймана Кадырова аатын ылбыт храм. Ол гынан баран, мечеткэ дьахтар аатын биэрбэттэр диэн мөккүөр тахсан, “Ийэ сүрэҕэ” диэн ааттаммыт.
Грознай – модун күүс
Грознай куоракка киириигэ аарка турар. Ортотугар “Ахмат – сила” диэн суруктаах. Биир өттүгэр Россия, биир өттүгэр Чечня былааҕа ыйанан тураллар. “Грознайга тиийдэххитинэ, “Ахмат – сила” диэн суругу хас хардыыгыт аайы көрүөххүт. Баҕар, соһуйуоххут диэн эрдэттэн сэрэтэбин”, – диир Елена.
Грознайга аан бастакынан Чечня бастакы Президенэ Ахмат-Хаджи Кадыров аатынан музейга сырыттыбыт. Бу норуотун туһугар олус элбэҕи оҥорбут салайааччы олоҕун, үлэтин, итэҕэлин, кыайыытын-хотуутун, дьиэ кэргэнин туһунан кэпсиир музей. Фойеҕа икки өттүттэн Кадыровтар аҕалаах уол бэйэ-бэйэлэрин утары көрөн турар мэтириэттэрэ баар. Музейга киирээт, көмүс солутуулаах хурустаал люстраҕа хараҕын хатана түһэр. Люстарҕа Ахмат Кадыров “Пусть восторжествует справедливость!” диэн биллиилээх тыллара суруллан тураллар.
Музей бастакы этээһэ барыта кини олоҕор, үлэтигэр аналлаах. Биир сүрүн миэстэни үлэлиир кабинетын оҥорбуттара ылар. Истиэнэ чаһыта Ахмат Кадыров олохтон барбыт бириэмэтин – 10 ч. 35 мүн көрдөрөн турар. Кини 2004 с. ыам ыйын 9 күнүгэр “Динамо” стадиоҥҥа Кыайыы күнүн бырааһынныьыгын кэмигэр теракт содулуттан суорума суолламмытын туһунан экскурсовод уйадыйа кэпсиир.
Биир киһи олоҕун нөҥүө үйэлээх сыаннастар өйдөбүллэрин кэпсиир, көрдөрөр, ону харыстыырга, норуокка бэриниилээх буолууга өйү-санааны иҥэрэр музей.
Кырдьык, гидпыт эппитин курдук, «Ахмат — сила» диэн суругу, Россия Президенэ В.В. Путин, Чечня баһылыга Рамзан Кадыров мэтириэттэрин, дойду былаахтарын хас хардыыҥ аайы көрөҕүн. Хайа да диэки хайыс – эн Россия сорҕото буоларгын санатар плакаттар, суруктар, судаарыстыба гербэтэ, былааҕа.
“Грознай сити” устун сатыы күүлэйдээтибит. Бу Сунжа өрүс биэрэгин кыйа тутуллубут 40, 30, 28, 18 этээстээх дьиэлэртэн турар киһи сөҕө-махтайа көрөр комплекса. 28 этээстээх дьиэ үрдүгэр баар смотровой площадкаттан куораты ытыскар ууран көрөҕүн. Биир кытаанах ирдэбиллээх – Чечня баһылыгын Рамзан Кадыров резиденцията турар сирин хаартыскаҕа түһэрэрин көҥүллэммэт. Ирдэбили кэстэххинэ, автоматтаах харабыл көрөн турдаҕына, соттороҕун.
Куорат киинигэр баар Сибэкки паарката 150 тыһыынча устуука петуниянан киэргэтиллибит. 18 тыһыынча талах мас, 500 мас арааһа тулалыыр.
Ахмат Кадыров аатынан “Чечня сүрэҕэ” мечеткэ сырыттыбыт. Киһи хараҕа халтарыйар кэрэтэ. Оҕо сааспар умсугуйан аахпыт Шахерезада остуоруйата харахпар тиллэн кэлэргэ дылы.
Грознай диэн тылы иһиттэххинэ, уордаах, суостаах, кырыктаах диэнтэн атын санаалар киирбэттэр. Үгүс утарыта турсуулар түмүктэригэр урусхалланан, сири кытта сир буолан тэҥнэспит куорат модун күүһүнэн атаҕар туран, киһи аймах өйдүүн-санаалыын тардыһар куората буолбутун сөҕө-махтайа ылынаҕын. Бу сырыы кэнниттэн миэхэ Грознай уордаах, кырыктаах буолбакка, модун күүстээх куорат диэн өйдөбүл иҥтэ.
Железноводскай
Грознай кэнниттэн Железноводскай курортнай куоракка тиийэ сырыттыбыт. Пятигорскайтан 30-ча мүнүүтэ айанныыгын. Хайдах эрэ, элбэх оҕолоох эрээри олус бэрээдэктээх, уурбут-туппут курдук ыраас, чуумпу дьиэлээх-уоттаах, мэниктээбэт, олус сэмэй оҕолордоох саха ыалыгар майгыннаттым. Ким да ханна да ыксаабат. Уу-чуумпу. Билиҥҥи курдук тэтимнээх олоххо киһи уоскуйан, налыйан хаалар чуумпу сирэ диэн баар буолар эбит.
Куротнай пааркаҕа баар каскаднай кирилиэһинэн өрө дабайан тахсан, Кавказ Минеральнай Ууларын кэрэ айылҕатын дуоһуйа көрөҕүн. Манна “Бювет-книга” минеральнай уу источнига баар. Архитектурата кубик моһуоннаах. Истэнэтин тас өттүгэр нуучча улуу поэта М.Ю. Лермонтов бэйэтин илиитинэн суруйбут «Штосс», «Герой нашего времени», «Кавказ», «Измаил-бей» айымньыларыттан кэрчиктэрэ киирбиттэр.
Калмыкия өрөспүүбүлүкэтэ
Салгыы Пятигорскайтан Калмыкия өрөспүүбүлүкэтин киин куоратыгар Элистаҕа айаннаатыбыт. Быйыл Саха сириттэн Б.Б. Городовиков аатынан Калмыкия университетын 11 оҕо үөрэнэн бүтэрдэ. Онон оҕолорбут үрдүк үөрэх дипломнарын тутар үөрүүлэрин үллэһинним.
260-тан тахса тыһыынча нэһилиэнньэлээх өрөспүүбүлүкэ Россия үөс сиригэр, истиэп ортотугар сүөһү-ас ииттэн, оҕо-уруу төрөтөн, омук быһыытынан тэнийэн, итэҕэллэрин тутан олороллор.
Россияҕа саахымыт киининэн биллэр. Киин болуоссакка тэлгэнэн сытар саахымат дуоскатыгар ким баҕалаах кэлэн оонньуур. “Сити-Чесс» диэн саахымат куоратын квартала баар.
Өрөспүүбүлүкэ киин куоратын Элистаны Европейскай Россияҕа “Арҕааҥҥы Азия муннуга” диэн ааттыыллар. Манна Европаҕа саамай улахан буддийскай храм (хурул) баар. Официальнай аата – “Золотая обитель Будды Шакьямуни”. 2005 сыллаахха Далай-лама XIV үтүө алгыһынан тутуллубут храм.
Түмүк санаа
Дойдуга уустук быһыы-майгы сатыылаан турар кэмигэр Россия үөс сирдэринэн айаным киэн туттуу санаатын үөскэппитэ саарбаҕа суох. Маннык киэҥ, нүөл сирдээх-уоттаах, үгүс элбэх норуоттар түмсүүлэринэн, итэҕэллэринэн кыахтаах, модун күүстээх дойду ханнык да уустук балаһыанньаҕа тобуктуу түһэр кыаҕа суох.
Сардаана МАТВЕЕВА