1987 сыл муус устар 13 күнүгэр Саха сирэ Арассыыйа судаарыстыбатын састаабыгар киирбитигэр аналлаах историческай – архитектурнай комплексы тутар туһунан Саха АССР Миниистэрдэрин Сэбиэтин уурааҕа тахсыбыта. Комплекс састаабыгар киирбит устуоруйа уонна култуура сэдэх пааматынньыктарын харыстыыр туһуттан 1992 сыллаахха судаарыстыбаннай түмэл статуһа бэриллибитэ уонна Өлүөнэтээҕи “Доҕордоһуу” Судаарыстыбаннай историческай-архитектурнай заповедник түмэлэ диэн аат иҥэриллибитэ. СӨ бастакы бэрэсидьиэнин М.Е.Николаев анал укааһынан Өрөспүүбүлүкэ национальнай баайын-дуолун эбийиэгин быһыытынан сыаналаммыта.
Биллэрин курдук, түмэли Социалистическай Үлэ Дьоруойа, П.А.Ойуунускай уонна А.Е.Кулаковскай ааттарынан Судаарыстыбаннай бириэмийэлэр лауреаттара Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон иилээн-саҕалаан тэрийбитэ.
Ол кэмтэн, түмэл идиэйэтэ этиллээтин, Суорун Омоллооҥҥо чугас көмөлөһөөччүтүнэн Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ, РФ уонна СӨ үтүөлээх үлэһитэ, Ил Дархан анал гранын хаһаайката Раиса Реасовна Кулаковская буолбута.
Түмэл сиригэр нуучча, саха маастардара уһаммыт, уустаан-ураннаан оҥорбут, айбыт-туппут устуоруйа, архитектурнай суолталаах 44 тутуулара түмэл көрүүтүгэр-харайыытыгар киирбиттэр. Итилэртэн 25 эбийиэк араас сирдэртэн көһөрүллэн аҕалыллыбыттара. Бу архитектурнай пааматынньыктары чөлүгэр түһэрэргэ, тутарга Өрөспүүбүлүкэ улахан тэрилтэлэрэ, уопсастыбаннай түмсүүлэр, норуот маастардара буор босхо, баҕа өттүлэринэн үлэлэспиттэрэ. Ол курдук, кинилэр түмэл кэлэр көлүөнэлэргэ иитэр-үөрэтэр суолтатын өйдөөн, идиэйэтин ылынан саҕалаабыттара, түмүгэр тиэрдибиттэрэ. Онон саҥа түмэл норуот күүһүнэн тутуллубута диир оруннаах.
Манна бааллар Моҕол ураһа, 200 саастаах Сукурдуур Миитэрэй балаҕана, Зашиверск куоракка 1700 сыллаахха тутуллубут Ыспаас таҥаратын дьиэтин куоппуйата, Басов атыыһыт дьиэтин куоппуйата, XIX–с үйэҕэ тутуллубут бабаарына, ньэмиэскэй муннуктаах Кыычыкын ампаара, суруксут Хапыырын икки этээстээх дьиэтэ, бастакы Томтор оскуолата уонна да атын сэдэх тутуулар.
“Доҕордоһуу” түмэлэ Дьокуускай куораттан 7 көстөөх Уус-Алдан улууһун Бороҕон нэһилиэгин Ой Бэс диэн сиригэр Өлүөнэ өрүс кытылын хочотугар 1041 гаалаах ураты харыстанар сиринэн тайаан сытар.
Бу – Петр Бекетов 1932 сыллаахха аан бастаан кэлэн, бастакы Өлүөнэтээҕи остуруогун туппут ытык сир буолар. Бу, кэлин куорат буолбут остуруогунан, Семен Дежнев, Иван Москвитин, Ерофей Хабаров, Владимир Атласов, Василий Поярков курдук биллиилээх айанньыттар кэлэн барбыттара биллэр. Онон Арассыыйа усуторуйатыгар Саха сирин оруолун билиһиннэрэр аналлаах түмэл буолар.
Хаартыска: “Доҕордоһуу” заповедник түмэлэлин официальнай сайта.