От ыйын 20 күнүгэр «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын хамаандата «Сосновый Бор» оҕону сынньатар уонна чэбдигирдэр кииҥҥэ буола турар «Артек» симиэнэтигэр «Кэлэр кэм сурунаала» диэн хамаанданан оонньуу ыытта.
Муома, Үөһээ Дьааҥы, Мииринэй уо.д.а. улуустартан уопсайа 80 оҕо кыттыыны ылла. Оҕолор хамаандаларга арахсан, «Бэлэм буол» сурунаалы тутан олорон, бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр. Туох уларыйыы киириэн сөбүн, ханнык балаһаны сайыннарыахха сөбүн туһунан эркин хаһыата оҥорон кыттааччылар уонна экспиэрдэр иннилэригэр көмүскээтилэр.
Тэрээһин түмүгэр симиэнэ иитиллээччилэрэ «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын аатыттан бэлэх туттулар. Саҥалыы толкуйдаах, суруйар, уруһуйдуур дьоҕурдаах оҕолор үлэлэрин көрөн үөрдүбүт, астынныбыт. Салгыы сайдар суолу тутуһан үлэлииргэ бу оҕолор санаалара күүс-көмө буолар.
keskil14.ru