Хас биирдии омук кэскилэ – оҕотугар. Оҕо хайдах өйдөөх-санаалаах, итэҕэллээх, сиэрдээх-туомнаах уонна тирэхтээх киһи буола улаатан тахсара, дьиэ кэргэниттэн – ийэтиттэн уонна аҕатыттан тутулуктаах. Төрөппүт бары кэриэтэ оҕото сүрэхтээх, үлэһит буолуон баҕарар, кыра эрдэҕиттэн онно сыһыара сатыыр. Ол эрэн, билиҥҥи олохпут сайдан турар кэмигэр, сорох ардыгар иитии сүрүн сүмэтин көтүтэн, куоттаран кэбиһиэхпитин сөп. Хайдах ону мүччү туппат туһугар үлэлэһэбит? Оҕону хайдах сөпкө сыһыарабыт? Сүрэхтээх буолууну иҥэрэбит?
Бүгүн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Моорук нэһилиэгэр олорор Павловтар диэн эдэр ыал туһунан сырдатыахпын баҕарабын. Иккиэн физкультура учуутала идэлээхтэр, спортсменнар. Аҕалара Павел Иванович ЖКХ үлэһитэ, ийэлэрэ Сахаяна Робертовна оҕо саадыгар иитээччи. Үлэлэрин таһынан, хаһаайыстыбаларын көрөллөр: 10 төбө ынахтаахтар, куурусса, дьиэ куһа иитэллэр. Сайынын оттоон-мастаан, сир астаан, ынах, сүөһү, сылгы көрөн, бултаан-алтаан саха ыалын бары өрүттэрин иҥэринэн быр бааччы олороллор. Оҕолоро бары тэбис-тэҥҥэ төрөппүттэрин кытта сылдьыһан үлэлииллэр-хамсыыллар. Оннооҕор, кыргыттар аҕаларын кытары мас кэрдэн, суоран, бэйэлэрэ хатырыктаан, баанньык, булуус, гараж тутарга көмөлөспүттэр. Билиҥҥи олохпут көстүүтүгэр холобур, бу киһи соһуйар көстүүтэ. Билигин кыыс оҕону уустук үлэттэн тэйитэн харыстаан иитэ сатыыбыт. Оҕону кыра эрдэҕиттэн аһары бүөбэйдиир курдукпут.
Оҕону айылҕаҕа тапталынан иитэбит…
Сахаяна Робертовна: «Биһиги алта оҕолоохпут. Улахан кыыспыт Галя быйыл 9-с кылаас буолла. Иккис кыыс Эльза 8-с кылаас. Онтон Кирилл, Нарыйа орто сүһүөх үөрэнээччилэрэ. Кыра уол Баир быйыл күһүн 1-кы кылааска киирэр. Мурун бүөтэ кыыспыт Эмилия 1 саастаах. Оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн бэйэбитин кытта тэбис-тэҥҥэ илдьэ сылдьабыт, айылҕаҕа тапталынан иитэ сатыыбыт. Кыыс, уол диэн араарбаппыт. Дьиэҕэ халтай сытар оҕо суох. Хас биирдии оҕо эбээһинэстээх. Улахан уол Кирилл саамай төһүү киһибит. Ыал улахан уола буолан, аҕатын, эһэтин кытта куруук бииргэ сылдьар. Бу диэн хаһан да сүрэҕэлдьээбэтэҕэ. Техникаҕа олус сыстаҕас. Мотоциклы оннооҕор бэйэтэ оҥостор. Металл хомуйан туттарар, ол харчытынан мотоцикылыгар, бурааныгар наадалааҕын атыылаһар. Бу дьарыгын наһаа сөбүлүүр. От үлэтигэр тутаах үлэһит. Кыһынын хотоҥҥо көмөлөһөр. Ынах төрөөтөҕүнэ эрдэ туруораарын дии-дии тахсан ньирэй көрөр идэлээх. Куруук 6 чааска турар. Айылҕатынан бэйэтэ олус сүрэхтээх, актыыбынай оҕо. Кирилл сатыыр буоллун, сатаабат буоллун барытыгар иннинэн оҕо. Туох да үлэ буоллун толлон турбат. Улахан кыыс быйыл Москваҕа баран научнай конференцияҕа кыттан лауреат буолан кэллэ. Үөрэҕэр туйгун. Бары спорду сэҥээрэллэр, дьарыктаналлар. Оскуолабытыгар спортзал суоҕа охсуулаах. Ол эрэн, бэйэлэрэ баҕаларынан дьарыктаналлар. Оҕо көрөн үөрэнэр дииллэр дии? Аҕата, эһэтэ таах сыппаттар, куруук хамсана сылдьалларын көрөн иҥэринэн иһэрэ буолуо. Кыргыттарым да миигин көрө-истэ сырыттахтара. Онон бастакы уочарат төрөппүт оҕоҕо холобур буолар дии саныыбын», — диэн ыал ийэтэ кэпсиир.
Саха ыалын инники кэскиллэрэ
Омук инники кэскилэ ыал. Ыал буолан олоруу олус дириҥ суолталаах, ураты эйгэлээх өйдөбүл. Көннөрү ийэ, аҕа уонна оҕолор биир дьиэҕэ олорон, хаһаайыстыба тэринэн олоруулара буолбатах. Ыал буолан олоруу – дьон олоҕун тутула, философията, норуот тыыннаах хаалар суола, инники кэскилэ.
Сахаяна Робертовна: «Биһиги ыал уруккуттан сүөһү ииттиэхпитин баҕарар этибит. Оҕолорбут үрүҥ аһы сөбүлүүллэр. Урут куруук атыылаһан сиир этибит. Билигин барыта бэйэбититтэн. Оҕолор ыабыт үүттэрэ сүөгэй, үүт, ас буолан тахсарыттан олус үөрэллэр, астыналлар. Бары хотоҥҥо сылдьаллар. Кирилл этиттэрбэккэ бэйэтэ санаатынан балбаах таһар. Дьарык оҥостор. Билигин оҕолор кыралар буоллаҕа… Ол эрэн кыра эрдэхтэриттэн билбит, иҥэриммит дьоҕурдара туһалыа, тирэх буолуо. Оҕо иитиитигэр бэйэбитигэр ирдэбиллээхпит. Үөрэх даҕаны өттүгэр, үлэ да чааһыгар. Атаах оҕо диэн суох. Элбэх буоланнар буолуо, арай, кыра кыыс уонна уол чорбойоллор. Дьоҥҥо киһилии сыһыаннаах, сүрэхтээх, киһи сатыырын сатыыр буолуохтааххыт диэн иитэбит. Саамай сүрүммүт бэйэ-бэйэни өйдөһүү, убаастаһыы. Дьиэ кэргэн тутула ити буоллаҕа. Онтон ыал буолуу олохпут биир сүрүн оскуолата, олоҕо, суолтата. Оҕо оҕо саадыгар иитиллэн, оскуолаҕа үөрэнэн, салгыы сааһын ситэн, өйүн-санаатын тутан, идэ талынан, үөрэҕинэн сайыннаран, үлэһит уонна ыал буолан тахсыа этилэр», — дии саныыбыт.
Ити курдук, Павловтар дьиэ кэргэн оҕолорун кытта барытын бииргэ тутуспутунан, ис сүрэхтэриттэн үлэни чэпчэкитин ылынан ыал тутулун, инники кэскилин эрэллээхтик түстүүллэр.
Нюргуяна Захарова
1
Эдэр ыччат, саха эдэр ыала тыа сиригэр, ыраас салгыҥҥа, айылҕаҕа чугас, төрүт дьарыгы сүрүн үлэ таһынан эбии дьарык оҥостон, оҕону үлэҕэ сыһыаран иитэн олохсуйаллара,оҕолоругар инникитин олук уураллара бу төрөөбүт дойдуга таптал, дьиэ кэргэн тирэхтээх буолуута, инники сайдыылаах олоххо дьулуура көстөр. Маннык саха ыа эдэр ыалыгар иллээх эйэлээх буолууну, ситиһиилэри