Бары норуоттар төрүт өбүгэлэриттэн бэриллэн кэлбит оонньуулаахтар. Былыр оонньуур аҕыйах, суоҕун кэриэтэ. Ол иһин кыыл, көтөр уҥуохтарын мунньан, таҥас, тирии сыыстарыттан куукула оҥорон, өрүс таастарын хомуйан, отунан-маһынан оонньуур этилэр. Онтон хамсаныылаахтары тэлгэһэ тас өттүгэр оонньууллара. Тэлгэһэ отун тэпсэри хайа да норуокка сөбүлээбэт этилэр. Сири-уоту, оту-маһы харыстыырга үөрэтэллэрэ. Оҕолоор, бүгүн эһиэхэ анаан Россия норуоттарын хамсаныылаах оонньууларын туһунан кэпсиибит. Самаан сайыҥҥа дьиэҕэ сыппакка доҕотторгун кытта оонньоо, сүүр-көт, эккин-сииҥҥин эрчий, билиигин-көрүүгүн хаҥат!
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ
— Сахаларга хамсаныылаах оонньуу элбэх. Мин “Кириэс тэбии” диэн оонньууну кэпсиэхпин баҕарабын. 3 см кэтиттээх, 70 см уһуннаах, 0,5 см халыҥнаах икки маһы көнө сиргэ кириэстии уураллар. Оонньооччу сис туттар, кириэстии ууруллубут мас үрдүнэн аҥаар атаҕынан кылыйан, маһы таарыйбакка кириэстии ыстанар. Өскөтүн маһы таарыйдаҕына — хотторор. Биир мүнүүтэ тохтоло суох маһы таарыйбакка ыстаннаҕына кыайыылааҕынан ааҕыллар. Бу оонньуу тулуурдаах, кыайыыга дьулуурдаах, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буоларга үөрэтэр.
Карелия Өрөспүүбүлүкэтэ
— Биһиги “Бөтүүктэр” диэн сүрдээх бэһиэлэй оонньуулаахпыт. Оонньуон баҕарар оҕолортон бастаан, ахсаан бэрээдэгинэн икки “бөтүүгү” талабыт. Оонньууга киирээччилэр уҥа атахтарыгар туран, ыстана-ыстана бэйэ-бэйэлэрин кытта киирсэллэр. Ким эрдэ атаҕынан сиргэ тайаммыт — кыайтарар. Хотторбут туох баар куолаһынан бөтүүктүү хаһыытыыр. Салгыы кыайыылаахха атын оонньооччу оҕо кэлэр. Ким тулуурдаах, сүһүөҕэр тирэхтээх кыайыылаах тахсар.
Петрозаводск
Калмыкия Өрөспүүбүлүкэтэ
— Халмыыктар “Ким түргэнник альчиктары илдьэр эбитий” диэн түҥ былыргы оонньуулаахпыт. Былыр эр дьоннор уонна уолаттар эрэ оонньууллар эбит. Билигин кыргыттар эмиэ сөбүлээн оонньуубут. Альчиктар диэн бараан сүһүөҕүн уҥуохтарын этэллэр. Сууйан-сотон, кырааскалаан, таҥас мөһөөччүккэ харыстаан илдьэ сылдьабыт. Маннык оонньуу казахтарга, таджиктарга уонна киргизтэргэ баар. Араас көрүҥнээх.
“Ким түргэнник альчиктары илдьэр эбитий” диэн оонньууга иккиттэн элбэх киһи кыттара табыгастаах. Эстафета курдук барар. Ким түргэнник уҥуохтары биир иһиттэн биир иһиккэ хомуйан аҕалбыт кыайыылаах тахсар. Бу — сымса, түргэн буоларга, эт-хаан өттүнэн сайдарга туһалаах оонньуу.
Малые Дербенты
Нюргуяна Захарова