Бу аҕыйах хонуктааҕыта интернет ситимигэр Нам улууһун Партизан нэһилиэгэр биллибэт сүүнэ улахан дьикти көтөрү устубут видеолара өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун улаханнык соһутта. Ол курдук, видеоҕа көстөрүнэн, элиэтээҕэр хас да бүк улахан көтөр хонууттан көтөн тахсар. Дьон үксэ Тойон Кыыл (беркут) сылдьар дии санаабыттар этэ. Ол төрдүн төбөтүн быһараары от ыйын 5 күнүгэр Биология институтун көтөрдөрү кэтиир уонна харыстыыр бөлөҕө Нам улууһугар үөрэтэр чинчийэр сыаллаах айаннаабыта. Бу туһунан, айан кыттыылааҕа Биология институтун лаборана, орнитолог Анатолий Лукин бэйэтин санаатын үллэһиннэ:
— Интернет ситимигэр тарҕаммыт видеолары көрөн баран, көҥүл ылан, Биология институтуттан 3 буолан, салайааччыбыт Вячеслав Юрьевич Габышев (младший научный сотрудник) уонна лаборан Игорь Осиповтыын сарсыардаттан Нам улууһугар айаннаабыппыт. Аара Хомустаах нэһилиэгэр киирэн олохтоохтортон Партизан нэһилиэгин сыбаалкатын таһыгар үгүстүк көрбүттэрин туһунан истибиппит. Сыбаалкаҕа тиийбиппит, көтөрбүт баҕанаҕа олорор эбит. Ыраахтан көрдөххө, хотойго майгыннаабат этэ. Онтон хаартыскаҕа түһэрэн чугаһатан көрбүппүт төбөтүгэр түүтэ суох, хара дьүһүннээх, тумса, атахтара атын буолан биэрдэ. Массыынанан аргыый чугаһаан өссө үчүгэйдик көрбүппүт Аан дойду кыһыл кинигэтигэр киирбит Хара Гриф (aegypius monachus) эбит. Бу көтөр Африка арҕаа өттүгэр уйаланар, Арассыыйаҕа Дагестан өрөспүүбүлүкэтигэр көстүөн сөп, уопсайынан, үрдүк хайалаах сиргэ олохсуйар. Бэйэтэ бултаабат, өлүгүнэн аһыыр көтөрдөргө киирсэр. Ол иһин бу сыбаалка таһыгар элбэхтэ көрөр буолуохтаахтар. Бу иннинэ Саха сиригэр 2007 сыллаахха Уус Алдан улууһун Кэптэни бөһүөлэгэр көрбүттэр этэ. Тоҕо Нам улууһугар кэлбитэ өссө үөрэтиллиэн наада.
Кэлиҥҥи кэмҥэ Саха сиригэр инники суох көтөрдөр кэлиилэрэ элбээн иһэр. Тыа сирин олохтоохторо, булчуттар ону туоһулууллар. Бу төрүөтэ туохха буолуой?
Keskil.ru14