Бэс ыйын 26-28 күннэригэр Чурапчы кырдалыгар XIX педагогтар дьаарбаҥкаларыгар 3 тыһыынчаттан тахса үөрэх-иитии эйгэтигэр үлэлиир дьон кэлэн кытыннылар. Бу улахан тэрээһиҥҥэ «Ийэ тыл кэскилэ» уонна «Ийэ тыл» уопсастыбаннай түмсүүлэр Төрөөбүт тыл түмэр түһүлгэтин тэрийдилэр. Манна төгүрүк остуолга кэпсэттилэр уонна оҕо сахалыы саҥатын сайыннарарга туһуламмыт үлэлэри көрөн түмүгэр кыайыылахтарга бириэмийэ туттардылар.
«Ийэ тыл кэскилэ» актыбыыстара дьүүллүүр сүбэ үлэлээтилэр: «Ийэ тыл кэскилэ» Өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын салайааччыта Вилюяна Никитина, быраас идэлээх Дмитрий Старков, литературовед, тыл билимин хандьыдаата Саргылана Карманова, ЯГНГ социальнай педагога Вероника Васильева, ЯГНГ педагога, Норуот педагогикатын Ассоциациятын кыттыылааҕа, культуролог Айталина Иванова.
Ол курдук, биһигини кытта Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Ийэ тыл кэскилэ» хамсааһын салайааччыта Вилюяна Никитина бу тэрээһин туһунан бэйэтин санаатын үллэһиннэ:
Олус элбэх киһи үлэтин аҕалан көрдөрдө, кэпсээтэ. Дьэ, онно көрөҕүн, хайдах курдук үлэһит, мындыр толкуйдаах, арааһы-киэҥи айан таһаарар дьоҕурдаах, оҥорбутугар-туппутугар кыһамньылаах, сүрэҕин-быарын ууран туран үлэлиир дьон биһиги киэҥник тэлэһийэн сытар Сахабыт сиригэр бааллар эбитий! Санатан этэр буоллахха, бу 2004 сылтан ыла сыл аайы Саха сиригэр эрэ маннык хабааннаахтык буолар тэрээһин. Дьэ, бу тэрээһиҥҥэ биһиги эмиэ баар буолуохтаахпыт диэн бастакытын баран саха тылын актыбыыстара түһүлгэ Үөрэх министиэристибэтин, «Барҕарыы» пуонда өйөбүлүнэн тэрийдибит. Саха тылыгар үлэлиир дьоҥҥо бэлэх үп биэрэн саха тылыгар болҕомто уурулларын көрдөрдүбүт.
Салгыы да бачча элбэх иитээччилэр, учууталлар тоҕуоруһа мустар Дьаарбаҥкаларыгар кытта турарбыт туһалаах буолсу.
Маны тэҥэ Вилюяна Никитина түмүк мунньахха маннык этиилэри киллэрдэ:
Төрөппүт иитии-үөрэтии сүрүн кыттыылааҕа диир буоллахпытына, төрөппүт көҕүн күүһүрдэр туһугар, төрөппүт эппиэтинэһин улаатыннарар соруктаах оскуолаларга, уһуйааннарга төрөппүт кэмитиэттэрин үлэлэригэр болҕомто ууруохтаахпыт. Онон:
- Дьаарбаҥкаҕа төрөппүт кэмитиэтин үлэтэ диэн хайысханы киллэриэххэ.
- Үөрэх министиэристибэтигэр: үөрэх кыһаларын рейтиннэригэр «Төрөппүт кэмитиэтин үлэтэ» диэн критерийи киллэттэрэригэр.
«Күн» диэн оҕолор саҥа түмсүүлэрэ бэйэлэрин билиһиннэрдилэр. Бэс ыйын 3-4 күннэригэр куоракка Төрөөбүт тыл түмэр түһүлгэтэ форумҥа кыттыбыт уонна улуустартан кэлбит оҕолор Ойкумена лааҕырга сылдьан, «Күн» диэн оҕо хамсааһынын тэрийэр туһунан быһаарыыны ылыммыттар. Тааттаттан, Уус-Алдантан, Мэҥэ-Хаҥаластан, Хаҥаластан, Дьокуускайтан оҕолор саха тылыгар бэйэлэрэ тугу тэрийиэхтэрин сөбүн эттилэр-тыыннылар. Элбэх дьон сэҥээриитин ыллылар. Феодосия Васильевна Габышева, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Билимҥэ, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, оҕолору өйүүрүн биллэрдэ.
«Күн» түмсүүнү арыаллаан илдьэ сылдьыбыт Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет саха салаатын устудьуона Алексей Борисов оҕолор бүгүҥҥү тыҥаан турар кыһалҕаны өйдөөн, бу маннык дьыалаҕа ылсан эрэллэриттэн олус үөрэр:
Оҕолор хайыы үйэ көҕүлүүр бөлөх тэринэн, аны күһүн хамсааһыннарын тэрийэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үлэлэтэн баран баҕалаахтар. Бары наһаа көхтөөхтөр, толкуйдаахтар, чахчы ийэ тылбытыгар суоһаабыт кутталы өйдүүллэр-билэллэр. Тылы өрүһүйүү боппуруоһугар учууталлар, төрөппүттэр, уопсастыбаннай диэйэтиллэр эрэ буолбакка, оҕолор бэйэлэрэ туруммуттара улахан хардыы дии саныыбын.
«Күн» түмсүү оҕолоро «Ийэ тыл» хамсааhын тэрээhинигэр, сылдьыбыттарын туһунан бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр. Ол курдук, Хаҥалас улууhун П. И Шадрин аатынан Өктөм орто оскуолатын 11 кылааhын үөрэнээччитэ Артём Алексеев:
Араас улуустартан оҕо бөҕөтө кэлэн, барыларын кытта билсиһэн, кэпсэтэн-ипсэтэн, олус учугэйдик бириэмэбитин атаарбыппыт, иhирэх ийэ тылынан ирэ-хоро кэпсэтэн, көрбөтөх сирбин-уоппутун көрөн, билиим-коруум кэҥээтэ. Тэрийээччилэргэ, салайааччыларга барҕа махталбын тириэрдэбин! Олус үрдүк таhымнаах тэрээhин буолан ааста!
Тимур Солдатов, Өрөспүүбүлэкэтээҕи лиссиэй 10 гуманитарнай кылаас үөрэнээччитэ:
Бу тэрээһиҥҥэ төрөөбүт тыл боппуруоһа улаханнык көтөҕүллүбүтэ. Чахчы, билиҥҥи кэмҥэ ийэ тылбытыгар улахан куттал суоһаата. Тоҕо диэтэр, үүнэн эрэр саха оҕолоро төрөөбүт тылларын умнан, нууччалыы эрэ кэпсэтэр буолан эрэллэр. Бу маннык көстүү салгыы сайдан истэҕинэ саха тыла, култуурата симэлийэригэр, ону кытта норуот өлүүтүгэр тириэрдэр. Ол иһин бу тэрээһиҥҥэ оҕолору сахалыы иитэргэ, саха тылын сайдарыгар, харыстанарыгар туруулаһарга ыҥырбыттара. Өссө бу сэһэргэһиигэ хас биирдии киһи тахсан төрөөбүт тыл туһунан санаатын эппитэ. Онон «Ийэ тыл» хамсааһын туруулаһар үлэтин олус хайҕаан көрөбүн. Мин санаабар, маннык курдук тэрээһиннэр элбииллэрэ буоллар, үчүгэй буолуо этэ.
Юлия Пестерова, Өрөспүүбүлэкэтээҕи лиссиэй 10 гуманитарнай кылаас үөрэнээччитэ:
Биһиги бэйэбит куораттан уонна Хаҥалас, Мэҥэ-Хаҥалас, Амма, Чурапчы улуустарыттан мустубут оҕолорбут. Бэс ыйын 27 күнүгэр олус үчүгэйдик оптуобуска ырыа истэ-истэ, ыллыы-ыллыы айаннаан кэлбиппит. Эбиэт бириэмэтигэр кэлэн, «Ийэ тыл» хамсааһын тэрээһинигэр тиийбиппит. Айан кэмэ туспа интэриэһинэй, үчүгэй остуоруйа этэ. Саҥа оҕолору кытта билсэн, этиҥнээх ардахха баттатан, сахалыы ырыалары ыллыы-ыллыы үчүгэй баҕайытык айаннаабыппыт.
«Ийэ тыл» хамсааһын тэрээһинигэр сүрүн көтөҕүллүбүт кыһалҕа «Саха оҕолорун хайдах сахалыы сыаҥардыахха сөбүй?» диэн этэ. Билигин сахабыт сиригэр сүрүн кыһалҕабыт ити буолар. Биһиги бэйэбит бырайыакпытын 5 оҕо тахсан кэпсээбиппит. Истээччилэр интэриэһиргээбиттэрэ, салгыы бу хамсааһыммытын сайыннарыахпыт диэн саныыбыт. Мин санаабар, бу күннэр барыларыгар уопут, саҥа санаа, толкуй биэрбиттэрэ буолуо диэн эрэнэбин.
Саха тыла олус баай. Тыл баар буолан, омук баар. Сахалыы саҥарарбыт, кэпсэтэрбит омук буоларбытын көрдөрөр. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэрин курдук ахсаабат үлэ ыытылла турдун. Төрөөбүт төрүт тылбытын харыстыаҕыҥ, таптыаҕыҥ!
Кыайыылаахтары манна киирэн ааҕыҥ: https://keskil14.ru/sahalyy-sa-ardar-nymalar-baallar/
Снежана ВОРОНОВА
1
Дьоһуннаах!