Учууталлар кэтээн көрүүлэринэн быйыл онус кылааһы бүтэрбит оҕолор өссө син сахалыы хоп курдук саҥарар буоллахтарына, тохсустан аллараалар кэпсэтэр таһымнара лаппа намтаабыт. Маны уларытар ньыма баар дуо? Ону билээри «Ийэ тыл кэскилэ» уонна «Ийэ тыл» уопсастыбаннай түмсүүлэр Чурапчы улууһугар буолбут XIX Өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥкаҕа бэс ыйын 27 күнүгэр Төрөөбүт тыл түмэр түһүлгэтин тэрийдибит. Төгүрүк остуолга кэпсэттибит уонна оҕо сахалыы саҥатын сайыннарарга туһуламмыт үлэлэри көрөн икки күрэскэ түмүк таһаардыбыт. Дьаарбаҥка Түмүктүүр мунньаҕар кыайыылахтарга бириэмийэ туттардыбыт.
Санатар буоллахха, «ИЙЭ ТЫЛ – ТӨРӨППҮТ УОННА ОҔО» оскуола, уһуйаан төрөппүттэрин түмсүүлэрин күрэһин 2022 сыл күһүн биллэрбиппит.
Күрэс «Ийэ тыл кэскилэ», Норуот педагогикатын Ассоциацията, А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай национальнай гимназиятын «Төрөппүт кыһата» бөлөҕө буолан тэрийбиппит. Күрэспитин СӨ Үөрэҕин уонна билимин Министиэристибэтэ өйөөбүтэ. Сүрүн бириистэри «Барҕарыы» национальнай пуонда (Сал. Альбина Поисоеева) анаабыта. Бу пуонда кыттыбыт төрүөтэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев «Барҕарыы» пуондатын быйылгыттан төрөөбүт тыл сайдыытыгар үлэлииригэр уураахтаабыта буолла.
Ол курдук, Чурапчыга үлэлээбит хамыыһыйа маннык кыайыылаахтары быһаарда:
- I Үрдэлгэ (бириис 20000 солк.) таҕыста «Дьиэ кэргэн уонна уһуйаан – оҕону иитиигэ үтүө олуктара» диэн Дьокуускай куорат 51№-дээх «Кэскил» оҕо уһуйаанын Төрөппүт кэмитиэтин үлэтэ.
- II Үрдэлгэ (15000 солк.) таҕыста «Саха тылын сарсыҥҥыта – инники көлүөнэҕэ» Амматааҕы «Хатыҥчаана» уhуйаан «Мичээр» бөлөҕүн иhинэн бырайыак.
- III Үрдэлгэ таҕыста (10000 солк.) «9 эйгэ» диэн Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Е.Д. Кычкин аатынан Матта орото оскуолатын Төрөппүт кэмитиэтин үлэтэ.
Маны таһынан, «Сахам Сайдам саҥата», «КиберСаха» түмсүүлэр уонна биирдиилээн саха тылыгар кыһаллааччылар – Күбэйэ уонна Яков Оконешников спонсордаан барыта 38000 солк. хомуллан эбии бириэмийэлэр ананнылар:
- 5000 солк. – «Төрүт төрөппүт түмэлэ» диэн Чурапчы улууһун В.С. Васильев аатынан Хатылы орто оскуолатын үлэтигэр;
- 5000 солк – «Иитэр-үөрэтэр эйгэни сыдьаанынан тэрийии» диэн Таатта улууһун Теряковтар дьиэ кэргэн бырайыактарыгар;
- 3000 солк. – «Өбүгэ төрүт дьарыгынан оҕону ийэ тылыгар иитии» Дьокуускай куорат 24 №-дээх «Сардаана» уһуйаанын Протодьяконов Никита Михайлович салайааччылаах үлэҕэ.
Учууталлар уонна иитээччилэр кыттар баҕаларын биллэрбиттэрин иһин эбии «САХАЛЫЫ САҤА» күрэһи киллэрэн маннык бириэмиэйэлэр туттарылыннылар:
- I Үрдэл (10000 солк.) – «Сыыппара эйгэтин нөҥүө оҕо саҥатын сайыннарыы» Чурапчытааҕы «Улыбка» уһуйаанын үлэһитэ М.П. Саввина уонна төрөппүтэ А.В. Посельская үлэлэрэ.
- II Үрдэл (7000 солк.) – «Сонор оонньуу нөҥүө олоҥхону үөрэтии» диэн Уус-Алдан Кэптэнитин «Чэчир» уһуйаанын М.И. Сысолятина, М.Е. Бурнашева үлэлэрэ.
- III Үрдэл (5000 солк.) – «Буукуба нөҥүө сахалыы саҥардыы» С.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын учууталлара уонна төрөппүттэрэ А.Н. Тимофеева, С.А. Седалищева, А.Г. Байагантаева, Т.М. Пестерева, В.Н. Игнатьева үлэлэрэ.
- 3000 солк. – «Төрөөбүт төрүт тылбытын сайыннарыах» Бүлүү Үгүлээтин оскуолаатын саха тылын учуутала Сивцева Хаарчаана бырайыагар;
Оҕо төрөөбүт тылынан күннээҕи саҥатын сайыннарар үлэлэрин күүһүрдэллэригэр этиилээх Хайҕал суругунан бэлиэтэннилэр:
- Мэҥэ-Хаҥалас Лоомтукатын Тыыллыма оскуолатын алын сүһүөҕүн учууталларын «Уматыс» бырайыага.
- «Оҕо хомоҕой тылын сайыннарыы» диэн Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын уһуйаана.
- «Түп этинии – оҕо сайдыытын тирэҕэ» диэн Таатта улууһун Ытык Күөл «Сулусчаан» уһуйаана.
Дьүүллүүр сүбэ сүрүннээн төрөппүт кыттыытын үрдүктүк сыаналаата, ураты ньымаларга болҕомто уурда уонна оҕо күннээҕи сахалыы саҥардар үлэлэри биһирээтэ.
Онон, оҕону сахалыы саҥардыыга саха дьоно кимиилээхтик үлэлиир эбит диэн түмүккэ кэллибит. Бириис туппут кэлэктииптэргэ уонна биирдиилээн дьоҥҥо өссө төгүл эҕэрдэбитин тиэрдэбит уонна сыралаах, айымньылаах үлэҕитин көрдөрбүккүтүгэр, түмүктэрин үллэстибиккитигэр махталбытын тиэрдэбит!
Спонсордаабыт биирдиилээн дьоҥҥо, «Барҕарыы» пуондаҕа махталбытын тиэрдэбит. Өссө да саха тыла сайдарыгар санааҕыт салалыннын!
Бары саха дьонугар, иитээччилэргэ, учууталларга, төрөппүттэргэ, салайааччыларга бу бастыҥ уопуту тарҕатаргытыгар, үлэҕитигэр туттаргытыгар ыҥырабыт!
Вилюяна НИКИТИНА,
«Ийэ тыл кэскилэ» Өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын салайааччыта
2023 сыл от ыйын 1 күнэ, Дьокуускай
1
Саха тылын туруулаһааччыларга, туску!