XIX республиканскай педагогическай дьаарбанка «Сельская школа & Образовательная Марка» Чурапчы нэһилиэгэр бастакы күнэ буолан ааста. Куораттан уонна 25 улуустан педагогтары түмтэ, салҕыы үлэҕэ биир ситими олохтоото. «Мичээр» дьыссаатын заведующая, Екатерина Семеновна Иванова, кэпсэтиитигэр итини эмиэ астына бэлиэтии көрдө.
— Екатерина Семеновна, «Мичээр» дьыссаат педагогическай дьаарбаҥкаҕа маршруттартан биирдэстэрэ буоларыгар хайдах талылынна?
— Бу Чурапчы улууһун дьыссаата 1961 сыллаахха тэриллибитэ. Кырдьаҕас дьыссааттартан биирдэстэрэ аатырар. 12 бөлөхтөөх, 84 үлэһиттээх, онтон 41 педагог. 293 оҕо сылдьар, уһуйуллар, 3 этээһинэн үлэлиибит. Саҥа дьыссааппыт зданията 2019 сыллаахха ГЧП бырагыраамманан үлэҕэ киирбитэ. Уопсай кэллэктиип орто сааһа 34. Саҥа идеяны хабан ыларга сүрдээх инициативалаах, түргэнник үөрэнэр дьон үлэлии-хамныы сылдьалларыттан тус бэйэм үөрэбин.
Биһиги республиканскай инновационнай площадкабыт аата медиа-детский сад «Улыбка». 2017 сыллаахтан сыыппаранан уонна информатиканан дьарыктанан барбыппыт. Тутаах иитээччибит буоллаҕына — Саввина Мария Петровна, өрөспүүбүлүкэҕэ информатика өттүнэн инники күөҥҥэ сылдьар педагог, Москватааҕы государственнай аспирантура аспирантката, кини суруйар тиэмэтэ «Информатизация в дошкольных учреждениях» диэн. Ити барыта площадка буоларбытыгар олук буолбута буолуо дии саныыбын. Өрөспүүбүлүкэ ол иһин биһини маршруту оҥорор гына таллаҕа дии. Эбиитин үс этээстээх дьыссаат площадкаҕа сөптөөх үлэлиир усулуобуйа буолар.
— Бэйэҕит үлэһиттэргититтэн ким эрэ кыттааччы быһыытынан баар дуо? Баар буоллахтарына атын кыттааччылары кытта тэҥҥэ ду эбэтэр анал туспа бырайыактаахтар ду?
— Кыттааччыларбыт эмиэ бааллар, сарсын бэйэлэрин туспа бырайыактарын көмүскүөхтээхтэр. Үс бэлэм бырайыак куонкуруска киирэн көрүллүө. Биһиэнэ үксэ медиа, информатика өттүгэр хайысхалаахтар. Оттон бу маршрутка өрөспүүбүлүкэ бары педагогтара үс площадканан бырайыак оҥоруохтаахтар. Онтон биир үчүгэйи экспертар талан ылыахтаахтар. Ити бырайыак өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сыл устата улэлиэхтээх.
— Тоҕо бу маршрутка медиа диэн тема талыллыбытай?
— Маҥнай утаа Мария Петровна диссертационнай үлэтиттэн саҕаламмыта. Ол иһин биһиги өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн анкетирование ыыппыппыт. Төһө киһи ханнык приложенияны сэҥээрэрий, хайдах уровеҥҥа сылдьабытый, туохха наадыйабытый диэн. Син бары «уверенный пользователь» быһыытынан туттар эбиппит. Гынан баран оҥорбут оонньууларбыт бары биир сиргэ мунньуллубакка, оҥоһуллан баран туһаныллыыта кыра баҕайы эбит. Ол сыалтан биһиги медиапедагогтар ситимин тэриннэхпитинэ, бэйэбит каталог оҥороммут, онно угаммыт үлэлэһиэххэ, сайтаныахпытын наада диэн өй-санаа киирбитэ.
Хас биирдии кэм бэйэтэ бэлиэлээх, ол эбэтэр символлардаах. Билиҥҥи бириэмэ улахан бэлиэтэ технология. Сайдыыны кытта тэҥҥэ дошкольниктары эрчийиэххэ наадата бигэтик биллэр. Гынан баран оборудование өттүнэн улахан өйөбүлбүт суох. Ити курдук «Точка роста» бырагыраамма оскуолаларга хааччахтанан көрүллэр. Ону оннук диэбэккэ бэйэбит бэйэбитин баарбыт, сатыыбыт, оҕону сатаан үөрэтэбит диэн эрэ эттэхпитинэ инникитин «Точка роста» диэбит курдук дошкольниктарга да инникитин киириэ диэн баҕа санаа баар.
Оҥоһуллубут үлэ саамай кылаабынайа туһаныллыан наада. Олус элбэх үлэ баар гынан баран бэйэн эрэ туһанар курдуккун. Ханна эрэ куонкурус буоллаҕына онно кыттаҕын, семинарга баран кэпсиигин. Гынан баран ити сүрдээҕин кыра. Онтон биир ситимҥэ киирэн бары биир буоллахпытына, бэйэбит бэйэбитин кытта уопут атастаһан сайдыа этибит.
Дьаарбаҥканан эрэ үлэ бүппэт. Бу бырайыак саҥа кэрдиис буолар, суолу аһан биэрэр диэн бигэтик эрэллээхпит. Сыл устата эрэ буолбакка инникитин өссө күүстээх үлэ барыахтаах диэн көрөбүн. Тоҕо инньэ дии саныыбыный? Дошкольниктар баарын бааллар эрээри бэйэлэрин этэн кыайан тахсыбаттар. Холобура, Хакатоҥҥа куруутун кыттыыны биһи кэллэктиип ылабыт. Маҥнайгы Хакатоҥҥа «Лучшая команда» диэн номинацияны ылбыппыт, төрдүскэ иккис миэстэ буолбуппут. Онно бэлиэтии көрдөххө барыта оскуола хамаандалара кытталлар. Иккитэ Хакатоҥҥа кыттыбыппыт эрээри дошкольниктартан биһиги эрэ баар этибит. Итинтэн даҕаны маннык түмсүү наада эбит диэн өй кэлбитэ.
Бэһис маршрут үлэтин видеоҕа көрүҥ:
Кэпсэттэ уонна хаартыскаҕа түһэрдэ — Татьяна Чирикова