Ыһыах мааны күнүгэр П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар М.С. Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищены (Институту) бүтэрбит алтыс саха устуудьуйатын оҕолоро уонна кинилэр преподавателлэрэ кэлэн, бэс ыйын 22 күнүгэр пресс-кэмпириэнсийэҕэ кытыннылар. Ол курдук, Россия судаарыстыбаннай Малай тыйаатырын, РФ норуодунай артыыската Людмила Титова, Россия норуодунай, А.С. Пушкин аатынан Москватааҕы драмтыйаатыр артыыската Тамара Лякина, Моссовет аатынан Москватааҕы тыйаатыр артыыската Анна Гарнова, профессор, Башкортостан өрөспүүбүлүкэтин искусстволарын үтүөлээх деятелэ Наталия Макарова түөрт сыл устата көрөн-истэн, бүөбэйдээн кэлбит ыччаттарын, алтыс саха устуудьуйатын иитиллээччилэрин туһунан истиҥник, иһирэхтик кэпсээтилэр.
Людмила Титова, РФ норуодунай артыыската:
— Биһиги биэс атын-атын хайысхалаах испэктээкили талан-талан аҕаллыбыт. Репертуарбытыгар баар Островскай “Грозата” — быйыл үбүлүөйдээх улуу драматурга биһиги сүгүрүйэрбит бэлиэтэ. Шекспир “Сон в летнюю ночь”, Бернард Шоу “Шоколадный солдатик” айымньыларын оҕолор уу сахалыы оонньуохтара. Ж.-Б. Мольер “Дон Жуан или каменный пир” айымньытын сахалыы, нууччалыы тылларынан саҥаран көрдөрүөхтэрэ. Оҕолорбутун кытары кэлиҥҥи кэмҥэ үлэлиир судургутуйбута, ол кинилэр идэлэригэр лаппа киирэн иһэллэрин кытары ситимнээх диэн бэлиэтээн этэбин. Ол курдук, сценическэй хамсаныыны, үҥкүүнү хото баһылаан, ону сыанаҕа сатаан туһаналлар.
Анна Гарнова, Моссовет аатынан Москватааҕы тыйаатыр артыыската:
— Саха култуурата наһаа баай. Ону мин былырыын Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕар кэлэ сылдьан кэрэхсээбитим, итэҕэйбитим. Онтон ыла аны бэйэм култуурабын өссө сыныйан билэ-көрө сатыыр буоллум. Саха сирин оҕолорун кытта үлэлээн дуоһуйдум. Кинилэртэн эмиэ тугу эрэ биллим, саҥаны бэйэбэр арыйдым.
Тамара Лякина, Россия норуодунай, А.С. Пушкин аатынан Москватааҕы драмтыйаатыр артыыската:
— Тыйаатырга63 сыл анараа өттүгэр Фаина Раневскаялыын бииргэ оонньообутум.Институкка 34-с сылын национальнай устуудьуйалары кытары үлэлиибин. Урут Сэбиэскэй Сойуус бары муннугуттан кэлэн үөрэнэллэрэ. Хас биирдии оҕо—таабырын. Хас биирдиилэрэ туох эрэ уратылаах. Хамсык кэмигэр үөрэнии уһуйааччыга да, устудьуоҥҥа да уустуктардаах этэ эрээри, син ортотун булан дьарыктаммыппыт.
Наталия Макарова, профессор, Башкортостан өрөспүүбүлүкэтин искусстволарын үтүөлээх деятелэ:
— Саха сирин щепкинецтэрин бэһис устуудьуйатын кытары эмиэ ыкса үлэлэспиппит. Лена Васильевна Тимофеева—оҕолор куратордара билиилээх-көрүүлээх киһи, оҕолордуун ситимнээччибит кини. Национальнай устуудьуйа оҕолорун кытары үлэлээн, атын тылы бэйэҥ да билбэккинэн билэр буолаҕын. Ол курдук, А.С. Пушкин айымньыларын сахалыы саҥардыбыт Дьуон Дьаҥылы тылбаастара табыллыбыттар, сөҕөбүн.
Андрей Борисов, РФ норуодунай артыыһа, ССРС, РФ судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата:
— Биһиэхэ, алтыс студиецтар үөрэнэн кэлбиттэрэ алтыс төгүлүн историческай суолталаах бэлиэ түгэн буолла. Күндү уһуйааччылары, учууталлары Олоҥхо сиригэр ытык-мааны бырааһынньыкпыт Ыһыах кэмигэр үктэммиккитинэн уруйдуубун! Ситим быстыбакка, бэйэбит кэммитигэр биһиги үөрэммит кыһабыт эркиннэригэр угуттанан, оҕолорбут кэлэн, Эһигини кытта алтыһа олорорбут эмиэ бэлиэ, училище духуобунай тыына иилии эргийэр.
Зоя Багынанова, Саха АССР үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыската:
— Бүгүн олус долгутуулаах, үөрүүлээх түгэн тосхойдо. 1961-1965 сс. үөрэнэ сылдьан, аан бастаан эдэркээн Тамара Лякинаны көрбүппүт. Кини эмиэ биһиги курдук устудьуон этэ. 57 сыл буолан баран көрсүһүү диэн — ураты.
ххх
Пресс-кэмпириэнсийэ кэнниттэн ыалдьыттарбыт биһиги тыйаатырбыт сиэринэн, Андрей Саввич Борисов көҕүлээн, хобо чуорааны чугдаарыччы тыаһаттылар.
Быыс аһыллар! Бэс ыйын 23-30 күннэригэр Саха тыйаатырыгар “Учуутал, эн үрдүк ааккар сүгүрүйэн…” диэн, Россияҕа Педагог уонна уһуйааччы сылынан Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище (Институт) күннэрин чэрчитинэн алтыс устуудьуйа кыттыылаахтарын дипломнай испэктээкиллэрэ көстөр.
34-13-31 нүөмэринэн билиэттэри ыйыталаһан, суһаллык атыылаһыҥ, артыыс идэлээх эргиллибит оҕолорбутун көрүҥ, сэргээҥ, кэрэхсээҥ!
Жанна Леонтьева.