Бэс ыйын 16 күнүгэр Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгин аатын ааттаппыт түмэллэригэр сырыттыбыт.
«Дьөҥкүүдэ кыталыктара» оҕо народнай фольклорнай ансаамбыла Ньурба оройуонун Маар нэһилиэгиттэн алтыа буолан сарсыарда айаннаан кэлбиттэрэ. Дьоллоох Дьокуускай куораттан Чөркөөххө диэри Лена өрүһү туораан, таксинан этэҥҥэ айаннаан тиийэн түмэлгэ түспүппүт. Бастаан П.А. Слепцов-Ойуунускай аатынан судаарыстыбыннай түмэли кэрэхсии көрбүппүт. Манна Улуу убайбыт олоҕун, Таатта улууһун историятын, чугастааҕы нэһилиэктэр тустарынан элбэх кэпсэнэр.
Салгыы Суорун Омоллоон аатынан аһаҕас халлаан анныгар турар түмэлгэ тиийдибит. Дьэ, доҕоттор, тоҕо таалар налыы хонуулардаах талыы-талба Таатта сирэ эбитин манна биллибит! Былыргы 1912 сыллаах церьковька сылдьан үөһэ тахсан куолакаллары тыаһатан сүрэхтиин-быардыын чэпчээбиккэ дылы буоллубут. Үөһэттэн Таатта үрэх уста сытарын көрөр, эчи, кэрэтин! Уопсайа 20-чэ урукку кэмнээҕи дьиэлэр бааллар. Бу манна өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын туоһулуур маллар элбэхтэр. Хас биирдии дьиэ араастаах: ампаардар, сайыҥҥы дьиэлэр, балаҕан, оскуола, бурдук миэлиҥсэтэ кытта баар. Сыһыыларга сибэкки эгэлгэтэ, күөллэрэ элбэҕэ киһини үөрдэр.
Онтон Былатыан Ойуунускай төрөөбүт алааһыгар Дэлбэрийбиккэ тиийэн кини үөрэммит оскуолатыгар, төрөөбүт дьиэтигэр киирэн кырачаан Былатыан буолан ыллыбыт. Сүүрбүт-көппүт сыһыыларыгар сырыттыбыт. Салгыы бардахха, суол кытыытыгар турар «Көтөрдөр мунньахтара» уонна «Оҕо куйуурдуу турара» пааматынньыктары сэргии көрдүбүт.
Талыы-талба Таатта сиригэр-уотугар бастакы сылдьааһыммыт буолар. Маннык кэрэ айылҕалаах дойдуга кэлэн ыалдьыттаабыппытыттан чэпчээбиччэ, күүс-уох эбиммиччэ буоллубут.
Түмүгэр махтал тылбын этиэм этэ салайааччыбар Саргылаана Петровна Фёдороваҕа, Чөркөөх нэһилиэгин олохтоохторугар, Любовь Михайловна Андрееваҕа. Кини биһигини икки күн хоннорон, мааны ыалдьыт гынан, минньигэс астаах сандалытыгар олордон көрсүбүтүгэр.
Анжелина ЖДАНОВА, Х кылаас, «Ыллык» эдкорпост.
Ньурба, Хаҥалас.