Оҕолор Сайыҥҥы спартакиадаларыгар көҥүл тустууну Александр Васильевич Васильев-Көрдүгэн комментатордаан ыытта. Саамай сөхпүппүт диэн кини тустар оҕолор, тренердэр, судуьуйалар туһунан информацияны барытын билэр. Александр Васильевич кэпсиирин кыайан сиппэккин, суруна охсубаккын.
Күрэхтэһии кэмигэр спортивнай комментаторы кытта көрсөн кэпсэттибит.
Биһиги Чурапчыттан сылдьарбытын истэн, бастаан улууспут туһунан санаатын үллэһиннэ.
– Мин 1987 сылтан пенсияҕа барыахпар диэри «Кэскил» (Бэлэм буол) хаһыакка үлэлээбитим. Миигин кытта Чурапчыттан төрүттээх Наталья Никитична Томтосова үлэлээбитэ. Бииргэ үлэлээбит коллегам нөҥүө мин Чурапчы улууһун олус истиҥник саныыбын. Олохпор, үлэбэр элбэх үчүгэйи киллэрбит дойду буолар.
– Дойдубут туһунан үтүө тылларгар махтанабыт. Александр Васильевич, эһиги хайдах комментатор буолан тахсыбыккытый?
– Суруйар суруналыыс хаһан да саҥарбат. Оттон мин саҥарыахпын баҕарар буоллаҕым дии. Ол иһин тыыммын таһааран, 1985 сылтан комментатор буолбутум.
– Александр Васильевич, Көрдүгэн диэн ааты эһиги хайдах ылыммыккытый?
– Мин төрөөбүт дойдубар Сунтаарга Күндэйэ нэһилиэгэр Көрдүгэн диэн алаас баар. Бу мин күн сирин көрбүт алааһым. Саха сиригэр, дьиҥинэн, Көрдүгэн диэн ааттаах алаас элбэх эбит. Холобур, Уус Алдаҥҥа баар диэбиттэрэ. Сыл аайы алааспар Көрдүгэҥҥэ тиийэн күүс-уох ылабын.
– Эһиги санааҕытыгар, Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэнээччилэрин Сайыҥҥы спартакиадата эдэр спортсменнарга туох суолталааҕый?
– 2023 сыл Саха сиригэр спортивнай хамсааһын 100 сыла. 2023 сыл Россияҕа педагог уонна наставник сыла. Эһиги учууталларгыт, эһигини иитэн-үөрэтэн таһаарар дьоннор, эрчийэр тренердэргит үлэлэрин көрдөрөр, кинилэргэ анаммыт спартакиада буолар. Онон олус улахан суолталаах.
Бу улахан күрэхтэһии спорт тоҕус көрүҥэр ыытыллар. Ол онтон биир сүрүнэ – көҥүл тустуу. Көҥүл тустуу диэн Аан дойду арҕаһын Олимп хайатын чыпчаалын дабайбыт көрүҥмүт буолар. Чурапчылар чулуу уолаттара, Чурапчыга чочуллубут Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов, Баһылай Гоголев курдук уолаттар бука бары Чурапчыттан тахсан сахаларын норуотун аатырдыбыттара. Спартакиадаҕа көҥүл тустууга 28 хамаандаттан 242 уол, 44 кыыс тустар.
– Эдэр тустууктар таһымнарын туох дии санаатыгыт?
– Эһиил 2024 сылга от ыйын куйаас күннэригэр Дьокуускайга Норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» VIII спортивнай оонньуулара ыытыллыахтара. Бу улахан күрэхтэһиигэ билигин кытта сылдьар 2010 сыллаах оҕолор хапсаллар. Онтон 2008-2009 сыллаахтар саастарынан тахсан биэрэллэр. Ол оннугар кыра уолаттар, кыргыттар киирэн биэриэхтэрэ.
Тустууга хамаанда састааба күүстээх. Хайы-үйэҕэ Россияҕа ааттаммыт, Дальнай Восток уокуругар чемпионнаабыт, миэстэлэспит, Николай Тарскай, Василий Гоголев, Александр Иванов, Павел Пинигин турнирдарыгар, күрэхтэһиилэригэр бастаабыт, миэстэлэспит оҕолор элбэхтэр.
Тустуу кыргыттарга уонна уолаттарга үс көбүөрүнэн ыытылынна. Инньэ гынан судуьуйаларбыт тохтобула суох үлэлээтилэр. Россияҕа тиийэ үлэлиир Аркадий Тастыгин, Ботур Соловёв, Алексей Гоголев, Виктория Барашкова, Степан Скрябин, Ануфрий Аржаков курдук үрдүк таһымнаах судьуйалар оҕолор тусталларын туох да сыыһата суох судьуйалаатыгар.
Бу күрэхтэһии оҕолорго элбэх уопуту биэрдэ. Манна эн бэйэҥ эрэ тускунан толкуйдаабаккын. Төрөөбүт-үөскээбит улууһуҥ туһугар тустаҕын. Хас биирдии кыайыыҥ улууһуҥ хамаандатыгар очко биэрэр. Алта иһигэр киирдиҥ даҕаны хамаандаҕар очко эбэҕин. Ол иһин биир хотторуунан туораан хаалбакка, «хайдах эмит гынан кыайан, салгыы тустан хамаандаҕа наадалаах очкону биэрбит киһи» диэн баҕа санаалаах тусталлар.
– Сайыҥҥы кэмҥэ оҕолорго баҕа санааҕыт?
– Билигин оскуолаларга сайыҥҥы сынньалаҥнар буоллулар. Оҕолор ким эрэ спортивнай, ким эрэ үлэ лааҕырдарыгар сылдьыахтара. Сорохтор бэйэлэрэ чааһынай тэрилтэлэригэр, окко, оҕуруокка, бурдукка үлэлиэхтэрэ. Онон сайын устата күүс-күдэх иҥэринэн, аны күһүн балаҕан ыйыгар улаатан, саҥа ыйааһыҥҥа тустарга күүһүрэн-уоҕуран кэлэллэригэр баҕарабын.
Спартакиадаҕа холобур, ыраах Анаабыр, Аллайыаха улуустарыттан кэлбит оҕолору кытта билсиһэн, бииргэ эрчиллэн, кинилэр тусталларын көрөн үөрэнэн, бэйэҕит сайдыыгытыгар туһаныҥ, доҕордуу истиҥ сыһыаҥҥытын сүтэримэҥ!
– Александр Васильевич, интэриэһинэй кэпсээҥҥит иһин баһыыбаларыҥ!
Алена Ксенофонтова, Иванна Николаева,
«Кэскил» медиа-оскуола юнкордара, Хадаар, Чурапчы.