Буулдьанан ытыы спорт саҥа көрүҥэ буолбатах эрээри, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр, холобура, тустуу курдук маассабайдык тэнийэ илик. Ол эрээри сылын аайы бу көрүҥүнэн дьарыктанар оҕо ахсаана элбии турар. Бүгүн 4 №-дээх оҕо спортивнай оскуолатыгар пневматическай бэстилиэтинэн ытыыга уолаттарга, кыргыттарга күрэхтэһии буолан ааста. Онно сылдьан мин Бүлүүтээҕи спортивнай оскуолаҕа буулдьанан ытыыга тренерын Иванова Анна Егоровнаны көрсөн кэпсэттим. Анна Егоровна оҕолору 2017 сылтан дьарыктыыр. Бэйэтэ идэтинэн физкультура учуутала, 30-ча сыл ыстаастаах.
— Спортивнай оскуолаҕа үлэлиэм иннинэ, оскуолаҕа физкультура учууталынан үлэлээбитим. Билигин Бүлүүгэ «Эрчим» спортивнай комплекса дьарыктанабыт, онно үөһэ этээскэ тирдээхпит, быйыл саҥа дьыл кэнниттэн онно оҥостубуппут. Инньэ гынан дьарыктанар оҕолор көрдөрүүлэрэ даҕаны үрдээн эрэр. Тэрилбит арыый аҕыйах да буоллар, аа-дьуо тэринэн иһиэхпит диэн былаан баар. Уонна оҕолор даҕаны элбэхтик кэлэн-баран дьарыктаннахтарына, күрэхтэһиилэргэ кытыннахтарына, көрдөрүүлэрэ тахсыа дии саныыбын. Билигин даҕаны оҕолор көрдөрүүлэрэ наһаа мөлтөҕө суох. Өрөспүүбүлүкэҕэ первенстволарга эҥин миэстэлэһэн кэлэбит. Уонна оттон билигин, балаһыанньа ыарахан буолан, кэлиибит-барыыбыт үп-харчы өттүнэн арыый уустук соҕус. Онтон тохтоон, толлон турбакка, салгыы дьарыктанабыт, дьарыктаныахпыт даҕаны.
— Эн санааҕар оҕону спорт өттүгэр хайдах сыһыарабыт?
— Бастатан туран, оҕо спордунан дьарыктанарыгар усулуобуйа баар буолуохтаах. Үчүгэй усулуобуйаны тэрийэн, оҕону интэриэһиргэтиэххэ наада. Эн бэйэҥ сөбүлүүр көрүҥҥүн сайыннарыаххын баҕарар буоллаххына, ол көрүҥү эн элбэхтик агитациялаан, оҕолорго интэриэһинэй буоларын курдук кэпсээн, көрдөрөн, туттаран-хаптаран, оҕо интэриэһин үөскэтиэххэ наада. Улахан спортсменнарынан, маастардарынан холобурдаан, күрэхтэһиилэри билиһиннэрэн, эһиги эмиэ маннык күрэхтэһиигэ кыттыаххытын сөп диэн стимул, сыал киллэриэххэ сөп. Мин бэйэм оонньуу өттүнэн көрдөрөбүн, оҕо оонньоотоҕуна-көрүлээтэҕинэ, куоталастаҕына интэриэһэ үөскүүр. Буулдьанан ытыыга даҕаны оннук эмиэ баар. Иван Маркович Гурьев тэрийэр сахалыы көрүҥнэрэ “Куропатка”, “Белка” оҕолорго олус табыгастаахтар. Холобур, “Куропатка” кыра оҕолорго олус сөптөөх көрүҥ. Манна оҕо турбат, сүүрэр, онон интэриэһинэй. Бастаан оҕолор кыра саанан, воздушканан, «переломка» дэнэр, ыталлар. 2-3 кылаас оҕолоро дьарыктаналлар, онтон субу оҕолоруҥ кэлин улахан оҕолору көрөн интэриэстэрэ улаатар, онон аа-дьуо олимпийскай көрүҥнэргэ көһөрөн биэрэҕин.
— Буулдьанан ытыынан дьарыктанар оҕоҕо тугу биэрэрий?
— Оҕо бэйэтин кыанарыгар, ол аата өй-санаа уонна уйулҕа (психология) өттүнэн бэйэтин туох баар ис кыаҕын туһанарга үөрэтэр. Оҕо ис кыаҕын туох баарын барытын туһанан, аҥардас бу биир буулдьаны сөпкө ытыахтаахпын диэн техникатын, илиитин-атаҕын, тыынарын кытары, барытын көрүнэн, суоттаан элбэх үлэ барар. Маны таһынан, оҕо бэйэтэ толкуйдаан, ытан баран тугу сыыспытын ырытарга, анаалыстыырга үөрэнэр. Ытыынан дьарыктаммыт оҕоҥ олоҕор бэлэмнээх, тулуурдаах, бэрээдэктээх буола улаатар. Бэйэтин хомуна, өрө тардына, толкуйдана үөрэнэр, ыһыллыбат.
— Иитиллээчилэриҥ туһунан кэпсээ.
— Маҥнайгы хараҥаччыларым (выпуһум) иһигэр аан маҥнай маастарга кандидат буолбут Дарияна Нахова баар, билигин кини устудьуон. Ол кэнниттэн Лена Томская-Тупсууна, олимпийскай көрүҥҥэ эмиэ маастарга кандидат, “Белка” упражнениеҕа Саха сирин маастара. Матрена Томская, олимпийскай көрүҥҥэ 1 разрядтаах, сахалыы көрүҥҥэ эмиэ Саха сирин маастара. Бу кыргыттары кытары тэҥҥэ дьарыктаммыт уолаттар Михаил Мальцев “Куропатка” көрүҥҥэ өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, Александр Егоров сахалыы көрүҥҥэ Саха сирин хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, Саша Игнатьев эмиэ өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ. Билигин кинилэр бары устудьуоннар, үөрэнэ сылдьаллар. Илья Виницкий олимпийскай көрүҥҥэ ытыыга 1 разрядтаах, Россияҕа элбэхтэ бара сылдьыбыта, Монголиялары кытары табаарыстыы көрсүһүүгэ 3 миэстэ буолан турар. Бу кэнниттэн кэлэр оҕолорум Меркурий Томскай, Афанасий Егоров, Дамир Фомин, Андрей Бойков Бэрдьигэстээх спортивнай оскуолатыгар үөрэнэллэр. Камила Тихонова диэн үөрэнээччим быйыл бэстилиэккэ КМС толордо. Билигин илдьэ сылдьар оҕолорум Слава Иванов, Станислав Максимов, Лияна Корякина, Дайаана Федорова спартакиадаҕа кытта сылдьаллар.
— Эн тренер буоларыҥ быһыытынан иитиллээччилэргиттэн тугу ирдиигиний?
— Саамай бастакы ирдэбилим — ДИСЦИПЛИНА, БЭРЭЭДЭК. Ытыынан дьарыктанар оҕо хайаан даҕаны бэрээдэктээх буолуохтаах. Уонна саамай ирдиирим күннээҕи режимы тутуһуулара, киһи режимы тутуспат буолла даҕаны, ыһыллар, биологическай чаһыта киһини “колеятыттан” таһааран кэбиһэр. Үксүн дьарыктыыр оҕолорум бэйэлэрэ баҕарар буолан сылдьаллар, күүспүнэн дьарыктыы сатаабаппын. Хас биирдии оҕо буулдьанан ытыы көрүҥүнэн дьарыктаныан сөп, икки-үс сылынан оҕо сатабыла, дьоҕура чуолкай биллээччи, ханнык көрүҥҥэ бу оҕо үчүгэйэ диэн, онон оҕо баҕалаах уонна бэрээдэктээх буолара хайаан даҕаны наада.
— Анна Егоровна, махтал. Үлэҕит ситиһиилээх буоллун!
— Махтал.
Кэпсэттэ Анна СЛЕПЦОВА.
keskil14.ru