Дэриэбинэҕэ оҕолор нууччалыы эрэ кэпсэтэр буоллулар. Тугу гыныахха?
Бэҕэһээ Кириэс Халдьаайыга «Ийэ тыл» нэһилиэк сүбэтин тэрийэр мунньаҕа буолла. Оскуолаҕа сүбэни эмиэ тэриннибит. «Оскуола сүбэтигэр Х кылаас оҕолоро сүрүннүүр күүс буолаҕыт «, — диэн учууталбыт Ирина Ивановна Харайданова эппитин ылынан, сүбэҕэ киирдибит.
Онон сүбэҕэ онустар уонна нэһилиэк дьоно үлэлиэхпит. Сүбэ сүрүн сыалынан-соругунан сахабыт тылын кэлэр көлүөнэҕэ хаалларыы буолар. Билигин оскуолаҕа да, уһуйааҥҥа да оҕолор нууччалыы эрэ тылынан саҥарар буоллулар.
Ол туһугар оҕолор бэйэбит тугу гыныахтаахпыт туһунан кэпсэттибит уонна мунньахха бэйэбит этиилэрбитин киллэрдибит:
— Ойуулуктары (мультиктары) оҥорон, сыаҥкалары туруоран кыра оҕолорго көрдөрүү.
— Сахалыы оонньуулары уонна сахалыы кинигэлэри уһуйаан, оскуола көрүдүөрдэригэр туруоран, оҕолор кинигэни ааҕалларыгар үөрэйэҕи үөскэтии.
— Сахалыы былакааттары оскуолаҕа, тэрилтэлэргэ ыйыахха сөп. Холобур, сахалыы ыйдарынан.
— Ый аайы саха култууратын, сиэрин-туомун туһунан оҕолорго, улахан дьоҥҥо кылаас чаастарын тэрийии. Оччоҕуна бэйэлэрэ интэриэһиргээн интернеттэн, бибилэтиэкэттэн салгыы хасыһан булуохтарын сөп.
— Уһуйааннарга сахалыы остуоруйалары кэпсиэххэ наада. Утуйуохтарын иннинэ эбэтэр ханнык эмэ дьарыкка.
— Сахалыы тэрээhиннэри оскуолаҕа эрэ буолбакка, нэһилиэги бүтүннүү хабан ыытыахха.
— Төрөппүттэргэ дьиэҕэ сахалыы эйгэни тэрийиигэ, оҕону сахалыы саҥарарга уһуйууга төрөппүт чааһын тэрийэн ыытыы (консультация быһыылаах).
— Саха суруйааччыларын кытта көрсүһүүлэри тэрийии.
Итинник, бэҕэһээ оҕолор бэйэлэрин санааларын эттилэр, этии киллэрдилэр. Сахалыы эйгэни тэрийиигэ оскуола иһинэн эрэ буолбакка, нэһилиэги барытын хабан сомоҕолоһон бииргэ түмсүөҕүҥ диэн түмүккэ кэллибит. Бу туруорбут сыалларбытынан нэһилиэк дьонун, оскуола оҕолорун түмэн күүстээх үлэни ыытыахпыт.
Дая Неустроева, Х кылаас. Кириэс Халдьаайы, Томпо.