Ыам ыйын 18 күнэ Саха сиригэр Ньургуһун сибэкки күнэ. Бу маҥнайгы сааскы
сибэккини кэрэхсээн биир дойдулаахтарбыт бииртэн биир үчүгэй
айымньылардаахтар.
“НьургуҺун ыһыа5а” диэн өйдөбүл үөскээһинэ биир дойдулаахпыт А.К.
Калининскай-Лунха Өлөксөйүн кытта ыкса ситимнээх. Ол курдук кини
салайар Саха сирин мелодистарын ассоциацията маҥнай 1993 с. Ньургуһун
ыһыаҕын тэрийбитэ. Бу ыһыах кэмигэр ньургуһун туһунан ырыа айыытыгар
конкурс ыытыллыбыта. 1994 с. А.Н. Семеновы кытта ньургуһун, сардаана,
сибэкки туһунан бастыҥ 41 ырыаны түмэн “Ньургуһуннар” диэн
ырыанньыгы таһаарбыттара. А.К. Калининскай бэйэтэ ньургуһун туһунан хас
да ырыа автора. Ырыанньык киирии тылыгар журналист Р.М.
Кривогорницын “Чэ, онон, күндү доҕоччуок, эйигин сибэкки ыһыаҕар
ыҥырабын. Ыллыах-туойуох, олоххо кэрэни, нарын иэйиини эрэ түстүөх!” –
диэн суруйбута.
Саамай биллэр Т.Е. Сметанин «Лоокуут уонна Ньургуһун» драмата –
саха омук улахан тапталы хоһуйбут улуу айымньыта, улахан Тапталга – улуу
Тойук. Ньургуһун – сахаҕа кыыс идеала – сибэккигэ дьүөрэлии кэрэ, нарын,
килбик, сэмэй, күүстээх санаалаах.
Учуутал, Поэт, политическай репрессия сиэртибэтэ И.Р. Петров
«Маҥнайгы ньургуһун» диэн хоһоонугар биир дойдулаахпыт Р. К. Степанов
мелодия суруйбута:
Тоҥ кырсы тобулан тахсаҥҥын
Дьон-аймах сурэҕин үөрдэҕин.
Саас бастыҥ бэлэҕэ буолаҥҥын
Сарбынньах ньургуһун кэрэҕин.
Маҥнайгы ньургуьун
Өлгөмнүк үүнэҕин,
Олохпут дьулуурун
Оһуордаан симиигин.
“Ньургуһуннар” ырыанньыкка биир дойдулаахпыт И.Н. Левин тылыгар,
Владимир Петров мелодиятыгар “Сибэккилэр үҥкүүлүүллэр” ырыата баар:
Бэртээхэй да сибэккилэр
Бэйбэриһэн киирдилэр,
Атах тэпсэн тэйдилэр,
Дьиэрэҥкэйдээн тэптилэр.
Ньургуьуҥҥа маарынныыр
Нуоҕайаана сибэкки
“Толуу астаах туораҕы”
Толорбута дьикти дии!…
Маны таһынан бу ырыанньыкка Александр Дмитриев-Чүмэчи тылыгар
уонна мелодиятыгар “Хагдарыйбы(а)т ньургуһунум”, Мария Эверстова-
Обутова тылыгар Иван Иванов-Чагда мелодиятыгар “Ньургуһуннар”,
Светлана Яковлева-Юргина тылыгар уонна мелодиятыгар “Күһүҥҥү
ньургуьун” ырыалара бааллар.
Улууспут хаһыатын редакторынан үлэлии сылдьыбыт, физик идэлээх
поэт Г.Г. Кобяков “Ньургуһун” (Р. Степанов мелодията) уонна “Кэрэҕэ
аналбыт” (А. Калининскай мелодията) диэн хоһоонноро олус истиҥ
иэйиилээхтэр:
Эмиэ кэрэ уһуктуу,
Күҥҥэ, күөххэ дьулуһуу…
Сааскы сырдык сандалга,
Үөрэр-көтөр кырдалга
Кыыста көмүс кулуһун –
Нарын-намчы ньургуьун.
Бииргэ төрөөбүт быраата, эмиэ физик идэлээх поэт Иосиф Кобяков
“Ноктюрн” хоһоонугар күн оҕото олох уратытык хоһуйуллубут:
Ыаммытынан сылаас үүттүү
ыам ыйынааҕы үрүҥ түүн.
Күүлэйдии барыах, уһугун,
күнчээним – кэрэ ньургуһун.
Сүрэҕим миигин ыраахха угуйар –
ол биллибэт тоҕото.
Күөх умнаска бигэнэ утуйар
кун бастакы оҕото.
Поэт, РФ журналистарын союһун чилиэнэ, өр сылларга улуустаа5ы
“Дабаан” хаһыат корреспонденынан үлэлээбит Петр Иванович Кобяков-
Оһуордуурап “Сааскы ырыа” диэн хоһооно ырыа буоларга анаммыт
тутуллаах курдук:
Саас киһи барыта учугэй
Санаалыын-ыралыын ылбаҕай,
Онноо5ор кыыс өссө тупсаҕай
Оонньуулуун-күлүүлүүн бэһиэлэй.
Тоҥ буору тобулу сүргэйэн
Томторго ньургуһун таҕыста,
Муус үллүк суорҕанын күөрэлээн
Өлүөнэ көмүөлэ уһунна.
Олохтоох автор, Т.Е.Сметанин балта Е.Е. Сметанина “Кырдалга
ньургуһун тылынныҥ” диэн хоһоонугар Т.И. Винокурова айбыт ырыата
Кэбээйигэ ылланар:
Күн уотун сардаҥа утаҕа
Ийэ сир кырсыгар тайанан,
Көмүрүө хаарбытын уулларан
Кырдалга ньургуһун тылынныҥ.
Саһархай дьөрбөҕүн сэгэтэн
Күөгэйэ хамсыыргын көрөммүн,
Сүрэхпэр бүөбэйдээн саһыарбыт
Маҥнайгы тапталбын санаатым.
Көрдөххө, намчыгын эрээри
Тоҥ буору хорсуннук тобулар,
Тапталы, олоҕу ситимниир
Дьикти да дьылҕалаах эбиккин.
“Ньургуһун күнүгэр” биир бастыҥ хоһоону учуутал, Кэбээйитээҕи
народнай театр артыыһа, “Чэчир” драмкуруһуок салайааччыта, олохтоох
автор А.Ф. Левина суруйбута:
Таптыыбын сибэккиттэн кэрэни,
Таптыыбын сибэккиттэн хорсуну,
Хаар үрдүн киэргэтэн симээччини
Тоҥ буору тобулар ньургуьуну.
2019 c. кэбээйилэр кийииппит Александра Жиркова-Дьүөрэл
“Ньургуһуннаах үс кутум” диэн кинигэтэ тахсыбыта. Кинигэҕэ автор
аҥардас ньургуһуну таптаан кэрэхсээн суруйбут 34 хоһооно киирбит. “…бу
ааптар тус бэйэтин айар кута, истиҥ иэйиитэ, бэйэтин ааҕааччыларын кытта
бүөмнээн үллэстэр үөрүүтэ. Суруллубут тыла-өһө, хоһооннорун формата
эмиэ оннук уйаҕас, нарын, үөрүүлээх, ону тэҥэ дьулурҕа, толлугаһа суох,
олоххо күүстээх тардыһыылаах, уратылаах айымньылар… Дьүөрэл
хоһоонноруттан сахалыы саҥа ырыалар айыллыах айылаахтар. Тыллара
оннук үөрэ-дьүөрэ, санаалара сайаҕас” – диэн киирии тылыгар бэйиэт Н.Е.
Винокуров-Урсун суруйбут.
Сиппэтэх ырам сэһэнньитэ
Кэлэрбин кэтэһэ ньургуһун
Өбүгэм өтөҕөр тыллыбыт,
Кэһиитин кэрэһит кэпсээнин
Кэмэ суох элбэҕи мунньуммут.
Эрдэһит ньургуһун, эн кэпсээ,
Эһэккэм эдэркээн саастарын,
Эбэккэм кындал кыыс кэрэтин
Эйэҕэс, элэккэй кэмнэрин.
Кинилэр аан бастаан көрсүспүт
Күннэрин эн билэн эрдэҕиҥ,
Симиктик, сэмэйдик таптаспыт
Тылларын истибит буоллаҕыҥ.
Мин эмиэ ол хаарыан кэмнэри
Таайтарар, сэрэйэр курдукпун,
Мин эмиэ эйиигин кытары
Ааспыты аҥныһар саҥнаахпын.
Алааска айаатыыр оҕуһу,
Тыбыырар аас сиэллээх атыыры,
Ааттарын кытары билэбин
Ол кэмим дорҕоонун истэбин.
Эн мэлдьи сааскыны сайыһан
Эрдэлээн сирэмҥэ тыллаҕын,
Өбүгэм алгыстаах алааһын
Үйэлээх аргыһа буолаҕын.
Кэнэҕэс биһиги туспутун
Кэнчээри ыччаппар сэһэргиэҥ,
Сиппэтэх ырабыт туһунан
Эн сэмээр мин сиэммэр сипсийиэҥ.
Кинигэ эмиэ ньургуһун курдук тэттик, тупсаҕай оҥоһуулаах, киһи
болҕомтотун тардар көстүүлээх.
“Ньургуһун ыһыаҕар Кэбээйибит туүһүлгэтин” биир дойдулаахтарбыт
этиилэринэн ситэрэн биэрэбин:
«Петр Захаров, СР народнай художнига, П. Ойуунускай аатынан
Госбириэмийэ лауреата: «Ньургуһун сибэкки саас аан маҥнай тоҥ буору
тобулан үүннэ, сырдыкка, олоххо тардыһан үүнэн сахалары аһары үөрдэр,
манньытар. Өссө саха ыалын курдук бөлөх-бөлөх үүнэн баран, атыттары
кытта ыаллаүан үүнэр. Ол иһин саха киһитэ ньургуһуну искусство араас
көрүҥэр барытыгар дьүьүйэр, уруйдуур-айхаллыыр».
Иван Иннокентьев, суруйааччы, СР культуратын үтүөлээх улэһитэ:
«Ньургуһун үүнэр дойдутугар олорор буолан баран бу сибэккини туойбатах,
бу сибэккини сэргээбэтэх норуот сир үрдүгэр суоҕа буолуо. Биһиэхэ
сахаларга бу сибэкки саас аайы айылҕа тылларын эрэ буолбакка, олох хаҕан
да быстыбат ситимин көрдөрөр».
Ыам ыйын 18 күнэ – Ньургуһун күнэ үүннэ. Кун араас өҥнөрүн түһэрэн
ньургуьун тылынна, сир ийэ уһугунна, саҥа үөрүү үөскээтэ, саҥа иэйии
саҕылынна…
Вера Заровняева,
химия уонна экология учуутала, “Нуклеус” түмсүү салайааччыта,
Кэбээйи