Таатта улууһун Уус-Амма нэһилиэгэр «Айтал» норуот айымньытын дьиэтигэр Аан дойдутааҕы үҥкүү күнүгэр аналлаах дьоро киэһэ ыытылынна. Бу күн оҕолор, улахан дьон үҥкүү бөлөхтөрө ураты тыыннаах дьоро киэһээни бэлэхтээтилэр. Үҥкүү бөлөхтөрүн салайааччыта Айыына Петровна Богдокумова ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар.
Култуура эйгэтигэр күүс-көмө буолар, көстүүмнэри тигэр уран тарбахтаах иистэнньэҥнэр буолаллар. Уус Амма нэһилиэгэр оннук киһинэн эдэр кэскиллээх иистэнньэҥ Күннэй Саввична Большакова буолар. Олохтоохтор бу күн Күннэй тикпит таҥастарын астына, сэргии көрдүлэр.
Г.Д.Бястинов-Бэс Дьарааһын аатынан Чымынаайы орто оскуолатын үөрэнээччилэрин, «Күлүмчээн» үҥкүү бөлөҕүн үҥкүүһүттэрин санаалара:
Нария Хойютанова: Г.Д.Бястинов-Бэс Дьарааһын аатынан Чымынаайы орто оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ:
Мин санаабар үҥкүү күнэ олус бэркэ ааста.Тоҕо диэтэххэ, бары арааһынай таҥастаах сыанаҕа тахсан үҥкүлүүллэрэ олус астыктын көстөр.Бэйэм «Күлүмчээн» үҥкүү бөлөҕөр сөбүлээн сылдьабын,кэнсиэргэ «Хомус» уонна «Ковбойскай» үҥкүүлэргэ кыттыбытытым, Күннэй Саввична тикпит таҥаһынан дефиле хаамптытым. Бу күнтэн олус дьолломмутум. Махталбын тиэрдиэм этэ үҥкүү эйгэтигэр киллэрбит уһуйааччыбар Айыына Петровна Богдокумоваҕа уонна уран тарбахтаах, талааннаах иистэнньэҥмитигэр Күннэй Саввична Большаковаҕа
Васильева Алина : Г.Д.Бястинов-Бэс Дьарааһын аатынан Чымынаайы орто оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ:
Аан дойдутааҕы үҥкүү күнэ үрдүк таһымнаахтык ааста. Ол курдук үлэһиттэр бу күҥҥэ туох баар күүстэрин, дууһаларын ууран бэлэмнэммиттэрэ тута көстөр (музыкаттан, нүөмэрдэртэн, таҥастартан саҕалаан). Бу күн кыра оҕолуун, улахан дьоннуун бары кыттыыны ылбыттара. Ордук уһуйааччыбытыгар Айыына Петровнаҕа уонна үҥкүүлээбит таҥастарбытын тикпит Күннэй саввичнаҕа махтал суруктары, сибэкки дьөрбөтүн уонна бэлэх туттарбыттарыттан долгуйбутум, үөрбүтүм.
Чымынаайы оскуолатын медиа-киинэ, Таатта