Мин быйыл сөбүлээн аахпыт кинигэм – Георгий Дмитриевич Никонов «Пути великих свершений» бырайыагынан суруллубут 6 томнаах кинигэ. Бу кинигэни олус интэриэһиргээтим уонна онно кэпсэнэр чахчылары чинчийдим.
Бу кинигэ туһунан биһиги оскуолабыт үөрэнээччилэригэр «Дьэҥкир алып» түмсүү тэрийэр «Уолба «Улуу сырыылар суолларын» ааҕар» бырайыагынан араас тэрээһиннэргэ (библиотечнай уруоктарга, квест – оонньууга, дьүһүйүүгэ, биир кинигэ түмэлигэр, уруһуй, видео — киинэ куонкурустарыгар, ааҕыыларга) билиһиннэрдэ. Оҕолор кинигэ ис хоһоонунан кыттыыларын иһин фишка хомуйаллар. Ону барытын мунньаллар. Саамай түмүгэр, элбэх фишканы хомуйбут оҕо миэстэҕэ тиксэн бириис ылыан сөп.
«Пути великих свершений» бырайыак Уһук Илин (Дальнай Восток) Арассыыйаҕа холбоһуутун историятын сааһылыыр сыаллаах-соруктаах. Бу кинигэни мин билигин элбэхтик ааҕабын, биһиги өрөспүүбүлүкэбит туһунан араас чахчылары билиэххэ сөп.
Бырайыак автора – биир дойдулаахпыт Георгий Дмитриевич Никонов – Томпо улууһугар сэтинньи 22 күнүгэр 1956 сыллаахха геолог дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Уолба оскуолатын бүтэрэн баран Ытык Күөлгэ салгыы үөрэммитэ. Омскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын үнүстүүтүн уонна бүтүн Арассыыйатааҕы тас эргиэн академиятын бүтэрбитэ. Идэтинэн инженер – механик, экономист. СӨ тас сибээстэһиигэ министринэн, Илин Уһукка СӨ Бырабыыталыстыбатын салайааччынан уонтан тахса сыл үлэлээбитэ. «Пути великих свершений» бырайыак ааптара билигин Саха Өрөспγγбγлγкэтин Ил Дарханын сүбэһитэ. Кини элбэх айаҥҥа сылдьар уонна араас интэриэһинэй дьону кытта билсэн үлэлэһэр. Бырайыак билигин салҕанар. Сэттис кинигэ тахсыбыт, Уолбаҕа кэлэ илик. Документальнай киинэ, сырыылар тустарынан элбэх видео уһуллубут.
Бу кинигэлэртэн мин элбэҕи биллим: сахалар былыр хайдах олорбуттарын, сайдыбыттарын, Уһук Илин олорор араас омуктар сайдыыларыгар саха дьоно улахан оруоллаахтарын… Мин маҥнайгы, бэһис уонна алтыс томнары ордук сэҥээрэн аахтым. Аляскаҕа сыһыаннаах матырыйааллары наһаа интэриэһиргээтим. Итинник тиэмэлэри олус сөбүлээн ааҕабын. Бырайыакка кыттан дьүһүйүү турбутугар сүрүн оруолу оонньоотум. Кыраайы үөрэтэр конференцияҕа кыттан кыайдым. Уруһуй куонкурсугар, биир кинигэ музейыгар кытынным.
Мин Георгий Дмитриевичка баай ис хоһоонноох кинигэни суруйбутугар улахан махталбын тиэрдэбин уонна салгыы үлэтигэр ситиһиилэри баҕарабын!
Хомустаан АФАНАСЬЕВ , VII кылаас,
В.И.Ленин аатынан Уолба орто оскуолата, Таатта