Таатта улууһугар “Сатабыл” оҕо айымньытын дьиэтигэр “Юный дизайнер” куруһуокка дьарыктанар 11 саастаах Алина Парфенова бэйэтин баҕа санаатын толорон араас киэргэллэри оҥорон, дьүһүнү сөпкө дьүөрэлээн оҕуруонан дьарыктамммыта номнуо сэттис сылыгар барда. Ол курдук Алина оҕо уһуйааныгар киириэҕиттэн араас браслеттары оҥорон саҕалаабыта. Сэттэ сааһыттан тарбаҕар талааннаах кыыс хоруоҥканан, оҕуруонан киэргэл эгэлгэтин оҥосторо. Симэхтэрин бэлэх оҥорон, чугас дьонун үөрдэрэ.
Аныгы үйэ ирдэбилинэн оҥоһуктар сиэдэрэй суулаахтара, ис-тас көстүүтэ интэриэһинэй, кыраһыабай киэргэтиилээҕэ, дьон-сэргэ хараҕын тардар ,сымнатар, угуйар буолара ордук сыаналанар. Алина “Юный дизайнер” куруһуокка сылдьан симэхтэригэр бэйэтин араспаанньатынан, аатынан CorelDraw программаҕа бэлиэ оҥорон киэргэтэр, суулаан атыыга таһаарар. Бу курдук бэлиэ оҥорбута кини ааптар буоларын туоһулуур, дьон кини үлэлэрэ буоларын тутатына билэр, телеграм ханаалыгар үлэлэрин көрөллөр, сакаас оҥороллоругар көмө буолар.
Илиитигэр дьоҕурдаах, сатабыллаах кыысчаан айбыта-туппута тупсаҕай, нарын тарбах оҥорбута ураты кэрэ эбит. Алина айан, оҥорон таһаарар оҕуруонан симэхтэрэ нарыннара, дьүһүннэри табыгастаахтык дьүөрэлээн аныгылыы истииллиирэ, бииртэн биир көрүөххэ кэрэ, сиэдэрэй киэргэллэр буолаллар.
Оскуолатыгар ыытыллар атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыгар оҥоһуктарын дьон көрүүтүгэр таһаарбытын кэннэ кыралаан сакаас киирэн барбыта. Үөрэнэр буолан, иллэҥ кэмигэр эрэ дьарыктанар. Хата, ийэтэ күүс-көмө буолар, оҕуруота бүттэҕинэ түргэн үлүгэрдик атыылаһан аҕалан кыыһыгар сөбүлүүр дьарыгынан дьарыктанарыгар өйөбүл буолар, бары өттүнэн усулуобуйа тэрийээн өйүүр.
Бу 2023 сылга бастакы улахан сакааһы «Сатабыл» Оҕо айымньытын дьиэтин иһинэн үлэлиир “Ситик” оҕо тэрилтэтэ оҥордо. Ол курдук, “Ситик” барытыгар дэгиттэр талааннаах лидердара XXII-с өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола оҕолоругар «Саха КВН» күрэҕэр кытта баралларыгар кэллэктиибинэн хаалтыс, баанчык сакаастаһан кэппиттэрэ, күрэхтэригэр ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрэ.
Айар-тутар сатабыллаах кыыспытыгар Алинаҕа инникитин даҕаны сөбүлүүр дьарыга сайда турарыгар, элбэх килийиэннэнэригэр, дьикти оҥоһуктарын хабар эйгэтэ кэҥии турарыгар, ааптар ситиһиилээх буоларыгар баҕарыахха.
Уйгулаана ПЕТРОВА
“Юный дизайнер” куруһуок салайааччыта
Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ