Мин хос эбэм Спиридонова (Тюляхова) Анисия Григорьевна, 1928 сыллаахха Ороһу арыытыгар Сырдык диэн алааска төрөөбүтэ. 1941 сыллаахха Аҕа дойду сэриитэ саҕаланарыгар эбэм 13 саастаах оҕо эбит, 4 кылаас үөрэхтээх. Сэрии саҕаламмытыгар үлэлээн аһыырга күһэллэн үөрэҕин тохтоппут. Эбэм – үлэ-тыыл бэтэрээнэ, алта оҕолоох, элбэх сиэннэрдээх, хос сиэннэрдээх.
Мин эбэм хас да хоһоонноох.
- Тамалакааҥҥа ыытыллыбыт «Иэйии талыыта» авторскай айымньылар курэхтэрин кыайыылааҕа.(2012с).
- Хоһоонноро Кыайыы 70 сылыгар «Үөһээ Бүлүү хаһыакка» бэчээттэнэн тахсыбыттара.
Эбэм «Сэриигэ атаарыы» диэн хоһооно маннык саҕаланар:
«Кырдьаҕаспын билиммэккэ Кыһанан-мүһэнэн тураммын Кыайыы 70 сылыгар Кыракый хоһооммун суруйдум. Уоттаах сэрии охсуутугар Оонньооботох оҕо сааһым, Оҥкуллардаах олоҕум, Орто дойдуттан бардахха Умнуллара буолуоҕа»
Эбэм кэпсииринэн, 1941 сылтан саҕалаан сэриигэ дьону хомуйуу саҕаламмыт. Тамалакааҥҥа сайыннары, кыһыннары утуу- субуу сэриигэ барыы бэбиэскэтэ кэлэр эбит. Ол курдук, бу кыра нэһилиэктэн 62 киһисэриигэ барбыт, олортон 28 киһи сэрии толоонугар охтубут, сорохторо бааһыран, сорохторо сэриини бүтэрэн эргиллэн кэлбиттэр.
Ол туһунан маннык суруллубут хоһооҥҥо:
«Тамалакаан иһиттэн Талыы-талба дьонноро Сүүрбэ аҕыс эдэркээн уолаттар Сэриигэ сиэртибэ буолтара... Эргиллибэтэх эрэйдээхтэр Ийэ сирдэриттэн, иэримэ дьиэлэриттэн, Ийэлэриттэн-аҕаларыттан, Ийэ сирдэрин көмүскүү, Ытык иэстэрин толоро барбыттара…»
Эбээм оҕо сылдьан атаарыы ыар түгэнин уонна оннооҕу ыһыыны-хаһыыны, ытабылы-соҥобулу илэ хараҕынан көрбүтүн хоһоонугар маннык суруйар:
«Буораах ойоҕо Огдооччуйа Түөрт уолун сэриигэ атаарта, Биирэ да эргиллэн кэлбэтин, Винтовка уоһугар бартарын, Эрэйдээх сүрэҕэ билбитэ, Сүһүөҕүн ыһыктан Сөһүргэстии түспүтэ... Эрэйдээҕи икки өттүттэн өйөөннөр Дьиэтигэр илпиттэрэ, Итинтэн сыххаран Ийэ сириттэн бараахтаабыта...» «Баахтаан ойоҕо Маарыйа Соҕотох уолун атаарта Ол этэ ынырык атаарыы… Уола суох буолбут биллэриитэ Кэлбитин үрдүнэн Эмээхсин эрэйдээх Уолум ааммын арыйан Киирэн кэлиэ диэн өлүөр дылы кэтэспитэ…»
Ыал бас-көс киһитин, ыал аҕатын ходуһа үлэтиттэн ыҥыран ылан үргүлдьү илдьэ барбыттарын туһунан:
«…Ходуһаттан хомуллан Хоммокко даҕаны Сиэллээх Сэмэн эрэйдээх Түөрт оҕотуттан, ойоҕуттан Бүтэһиктээх барыытын бараары турарын, Сүрэҕэ кыланан, сүһүөҕүн ыһыктан, Хараҕын уута тохтон Астыга суох атаарсан Аллаах атын үрдүгэр Аргыый аҕай олорон Арҕаа диэки туһаайан Айанната турбута...”
Оҕо киһи уйан сүрэҕэ бу курус ыар атаарыыны умнубаттык өйдөөн хаалбытын санаан:
«…Уйан сүрэҕим долгуйта, Икки хараҕым уута Иэдэспэр сүүрэн түспүтэ… Итиэннэ атаара диэн ааттаан Итиннэ иккистээн барбатаҕым...» «…Биэс сыл иһигэр Биһигини хомотор Биллэриилэр кэлтэрэ…»
Дьэ уонна, кыанар-кыаммат дьоҥҥо күргүөмнээх үлэ саҕаламмытын туһунан хоһооҥҥо маннык суруллар:
«…Ордубут дьоннорбут тобоҕун Үлэҕэ диэн ааттаан Сангаарга,Тиксиигэ Самсон, Чуорунай, Мэчэкэй, Марыына,Татыйаана бартара Дьэ уонна биһиги, Уон үс, уон түөрт саастаах оҕолор Күргүөмнээх үлэҕэ турбуппут: Киилэ аҥаара лэппиэскэ ылаары Уон куннээх декада толорон, Икки киилэ арыыны ылаары От охсон,от мунньан, мас таһан, саах тиэйэн, Ыстапаанньа буостуктуур оҕуһун Хорсунун сыыдамын ылаары, Сарсыарда биэс чаастан саҕалаан Фермаҕа уочарат буолара…»
Эбэм кэпсиир: «Сэрии сылларыгар икки атах сыгынньах муус тоҥуор диэри от мунньарбыт, сарсыарда хараҥаттан киэһэ хараҥа5а диэри түүнү–күнүһү билбэккэ үлэлиирбит» — диир. Сэриигэ диэн анаан нэһилиэнньэттэн ас-таҥас хомуйуута саҕаламмыт.
«Тугу барытын фроҥҥа» диэн ыҥырыынан ыраах уһук хоту сытар Саха сирин кыракый дэриэбинэтэ бэйэтин сүдү кылаатын кыайыы иһин киллэрсибит.
Эбээм этэр: «Нэһилиэнньэттэн алтан малы-салы сибиниэһи, көмүһү хомуйаллара, сөмөлүөт оҥоруутугар тутталлар дииллэр этэ. Биһиги былыргы өтөхтөртөн алтан иһиттэри хомуйан биэрэр этибит. Сайын аайы сэриигэ диэн колхозтартан тыһаҕастары Киренскэйгэ алларанан үүрэн илдьэллэр этэ» — диир.
1942 сыллаахха аҕалара ыалдьан олохтон туораабыт, онно түөрт кыыс оҕолор ыарыһах ийэлэринээн хаалбыттар. Олох араас кыһалҕата, оҕо киһиэхэ сөбө суох ыарахан үлэ-хамнас, олох-дьаһах саҕаламмыт. Ону «Ийэбэр» диэн хоһоонуттан көрөбүт:
«Сэрии ыар сылыгар Аҕабыт өлбүтэ, Түөрт кыыһын кытары Ийэбит хаалбыта. Колхуоска үлэлээн, Куукуна хоруйан, Куолаһы хомуйан, Кутуйах хаһаастаан Биһигини ииппитэ…»
Эбээм убайдарыттан, Түүлээх аймаҕыттан, 7 киһи сэриигэ ыҥырыллан барбыт, олор бары тыыннах эргиллэн кэлбиттэр. Уоттаах сэрии толоонуттан улаханнык бааһыран дойдуларыгар эргиллибит дьон тустарынан эбээм хоһоонугар маннык суруйар:
«Түүлээхэп Сэмэн эрэйдээх Икки мас тайахха ыйаастан, Аҥаар атаҕынан Аһыыка курдук ыстанан, Аҕалаах ийэтин дьиэтигэр Ааннарын арыйан киирбитэ...»
Ити курдук, Чөҥкөй Дьаакып эмиэ, артиллерия уотугар түбэһэн, аҥаар атаҕа быһыллан, дойдутугар эргиллэн кэлбит. Билигин мин эбээм, олох элбэх эрэйин туораабыт киһим баара буоллар 95 саастаах ытык кырдьаҕас буолуо этэ..Хомойуох иһин эбээм барахсан 89 сааһыгар ыалдьан олохтон туораабыта.
Мин эбэм кэпсээниттэн элбэҕи биллим, холобур:
- Сэрии саҕана аччык, ыарахан кэмнэр буолан ааспыттарын
- Билиҥҥи кэмҥэ тэҥнэммэт аас-туор олоҕу
- Элбэх киһи сэрииттэн эргиллибэтэҕин
- Сорох дьон хоргуйан, ыалдьан өлбүттэрин
- Айылҕаттан айдарыылаах дьикти дьоҕурдаах эмчит киһи баар буола сылдьыбытын.
Сэрии буолбатаҕа эбитэ буоллар Тамалакааҥҥа билигин оҕо-аймах өссө элбэх буолуо этэ, элбэх дьиэ-уот, киһи-сүөһү тэнийэн олоруох эбит.
Дайаана Иванова, VIII кылаас,
Тамалакаан орто оскуолата, Үөһээ Бүлүү