Сэрии… Бу тыл хас биирдии ыал олоҕор ааҥнаан киирбит ынырык тыл. Бу дьулаан кэмнэр барыбытын хаарыйбыттара, барыбытын, кими да ордорбокко… Хаарыан дьоммут биһиги дьоллоох олохтоох буоларбыт туһугар уот сэриигэ баран, тыыннарын толук уурбуттара. Сорох дьон бу ыар кэмҥэ эт-хаан эчэйиитин ылан, онтон олохторо энчирээбитэ. Төрөөбүт дойдуларыгар хаалбыт дьон кырдьаҕас, оҕо, кыаммат өттө этилэр. Кинилэр туох-баар күүстэрин кыайыы туһа диэн үлэлээннэр, кыайыыны уһансыбыттара, сэрии түргэнник бүтэрин туһугар турууласпыттара.
Биһиги Тааттабыт улууһун нэһилиэктэриттэн 1788 киһи сэриигэ ыҥырыллан, төрөөбүт дойдутун көмүскүү аттаммыта, кинилэртэн иэримэ дьиэлэригэр эргиллибэтэх буойун ахсаана 827. «Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн барыта 2317 киһи наҕараадаламмыта. Хас биирдии сэрии, тыыл бэтэрээннэрин үйэ-саас тухары умнубакка үйэтитэр ытык иэспит буолар.
Биһиги нэһилиэкпитигэр Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар аналлаах өйдөбүнньүк буолар ытык кэрэ-бэлиэ сирдэр бааллар. Ол курдук, Ытык-Күөлбүт килбэйэр киинигэр «Албан аат» болуоссата өйдөбүнньүк бэлиэтэ буолан турар. Манна «Албан аат» уордьан толору кавалера Дмитрий Ананьевич Петров көмүс уҥуоҕа харайыллыбыта. Советскай Союз Геройа, албан аатырбыт снайпер Федор Матвеевич Охлопков уонна Дмитрий Ананьевич Петров бюстара туруоруллубута. 1974 сылтан саҕалаан сэрии бэтэрээнэ, Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, улуус бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Алексеевич Уваров бэйэтин көҕүлээһининэн, чахчы ис сурэҕиттэн кыһаллан, улуус салалтатын өйөбүлүнэн, дьон-сэргэ көмөтүнэн тимир бетонтан улахан стеллалары оҥотторбута. Сэрии бэтэрээнигэр аналлаах стелла 35 миэтэрэ усталаах, 2 миэтэрэ 40 см халыҥнаах. Оттон тыыл бэтэрээннэригэр аналлаах стелла 50 миэтэрэ усталаах, эмиэ итиччэ үрдүктээх, халыҥнаах, Дьокуускайга сакаастаан болуоссаты тула чугуун күрүө туттарбыта. Кыргыһыы хонуутугар 310 тыыннаах эргиллэн кэлбитэ 440 тыыл ветераннарын 1200 киһи хаартыскаларын хас сыл устата керамикаҕа оҥотторбуттара сыл аайы саҥардыллан иһэр. Онон бу махталлаах дьыала билигин дьон-сэргэ үйэ-саас тухары кириэстээн сылдьар, көрөр миэстэлэригэр кубулуйда. Сэрии, тыыл бэтэрээннэрин ааттара умнуллубакка үйэтитиллэр.
Вася Богданов, V кылаас,
Таатта лиссиэйэ, Таатта