Муус устар 24- 28 күннэригэр оскуолабытыгар профориентационнай нэдиэлэ буолан ааста.
Дьокуускай куораттан биһиги оскуолабытыгар үөрэнэ сылдьыбыт, юрист идэлээх, ООО «Сентенция” генеральнай дириэктэрэ Харлампьев Виктор Владимирович кэлэн бэйэтин үлэтин туһунан сырдатта уонна 9 — 11 кылаас үѳрэнээччилэригэр гражданин быраабын туһунан обществознание уруогар сиһилии кэпсээтэ. Сокуон элбэх киһиэхэ ѳйдѳммѳт буолар. Билбэт дьон таах буруйа да суох буоллаҕына ыстараап бѳҕѳҕѳ түбэһиэн син. Оннукка тубэспэт курдук хас биирдии киһи бэйэтин быраабын уонна сокуону билиэхтээх, оччоҕуна эрэ кини бэйэтин көмүскэнэр кыахтаах буоларын билиһиннэрдэ.
Нэдиэлэ устата кылаас чаастара, оскуола библиотекатын быыстапката «Бэйэҥ идэҕин бул», «Знатоки безопасности» викторина, профориентационнай квест оонньуу, оскуола психолога Шамаева С.Е. занятиелара ыытыллыбыттара. Оскуола активистара 7-11 кылаастарга станцияларынан квест оонньуу ыыппыттара. Оонньуулар идэҕэ сыһыаннаахтар. Үс хамаандаҕа арааран, алта станциянан сүүрдүлэр: «Угадай профессию» — биэс тирэх тыл кѳмѳтүнэн ханнык идэ буоларын быhаарыы; «Бум» — бу оонньууга саҥарбакка, бэйэ хамсаныытынан кѳрдѳрѳн, бэриллибит идэлэри таайыы; «Профлото» — бастакы оонньуу курдук, ол эрэн бүтэһигэр ѳс хоhооннору таайан, кистэлэҥ тылы булуу; «Самая-самая» — идэлэри ааттаатахтарына, сѳп түбэһэр даҕааһын ааттары туруоран биэрии, холобур кондитер саамай-саамай минньигэс үлэ; «Устами младенца» — видеонан үлэлиир киһи тугу гынарын таайыы уонна бүтэһигэр спортивнай эстафета. Онньуу көмөтүнэн оҕолор араас идэлэр тустарынан элбэҕи биллилэр.
Олохтоох дьаһалта баһылыга Николаев Егор Афанасьевич 9-11 кылаас оҕолорун кѳрсүһүүтүгэр идэни таларга сүбэ биэрбитэ. Кини оскуолаҕа үѳрэнэ сылдьан биология, химия предметтэрин олус сѳбүлүүрүн, киниэхэ ити предметтэр олус чэпчэки уонна ѳйдѳнүмтүѳ буолалларын, Европа улахан чааһын кэрийэн чинчийэр үлэтин ааҕарын. кэпсээбитэ. Үлэһит буолан баран кандидат биологических наук буолбут. Кэлин дойдутугар тѳннѳн, «тѳрѳѳбүт нэһилиэкпэр үтүѳ дьыаланы оҥоруохпун баҕарабын» диэн сыал туруорунан баһылыкка кандидатуратын туруоруммут. Киһи барыта туох эмит төрүөҕүттэн талааннаах буолар, ону сайыннаран, сыал туруорунан, ону толордоҕуна бу олоххо элбэҕи ситиһэр туруктаах!
Наташа Антонова
Профориентация нэдиэлэтин чэрчитинэн үс араас хайысхаҕа маастар кылаастары ыыппыттара.
Степанова Екатерина Васильевна, эбии үѳрэхтээhин педагога, 5-11 кыл. кыргыттарыгар «Как сделать чокер из бисера?» дьарык ыыппыта. Туох матырыйаал туттулларын, хайдах оҥоһулларын көрдөрбүтэ уонна кэпсээбитэ. Оҕолор дьарыгы олус сэҥээрбиттэрэ, бэйэлэригэр аныгылыы эттэххэ чокер диэн киэргэл оҥорбуттара.
Уруһуй уруогун учуутала Матвеева Анна Ивановна оҕолорго да, учууталларга да «Живопись и рисование» тематыгар маастар кылаас ыыппыта. Поролон губка, гуашь кѳмѳтүнэн уруһуйдууру, ѳҥү сѳпкѳ талары, хайдах уруһуйдуохтаахтарын туһунан быһааран, кѳрдѳрѳн уруһуйдаппыта. Бу дьарыкка оҕолор хатыҥ маhы уруhуйдаан бэйэлэрин дьоҕурдарын кѳрдѳрбүттэр, сайыннарбыттар уонна эбии билии ылбыттар
Муусука учуутала Кириллина Матрена Егоровна музыкальнай инструменнарга: аккардеоҥҥа, синтезаторга оонньуулларын үѳрэппит, кѳрдѳрбүт. «Звуки флейты» диэн теманан киниэхэ дьарыктанар 5 кылаас үѳрэнээччитэ Иванова Алиса оҕолорго флейтаҕа араас мелодиялары оонньообут.
Маастар кылаастарга оҕолор олус интэриэһиргээн сырыттылар, саҥаны биллилэр, үѳрэннилэр.
Никитина Лена