Харысхал – киһини туох эмэ куһаҕантан харыстыыр, көмүскүүр, арчылыыр тэриллэри ааттыыллар. Билигин харысхаллары хас биирдии киһи дьиэтигэр-уотугар туттар, массыынаҕа иилэллэр, оҕолоругар анаан-минээн оҥортороллор эбэтэр атыылаһаллар. Харысхаллар үгүстүк хатыҥ мас, үрүҥ көмүс буолаллар. Бу тэрилгэ сылгы маҥан сиэлин иилэллэр уонна алҕаталлар.
Былыр оҕо биһигин үөһэ эһэ баппаҕайын, хабаҕы ыйыыллара. Улааппыттарын кэннэ абааһыттан, дьон тылыттан харыстыыр үрүҥ көмүс биһилэх, киэргэл оҥорон кэтэрдэллэрэ. Бу барыта күннээҕи олоххо, оттон…
Оттон Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр маннык харысхаллары туттар этилэр дуо?
Нуучча саллааттара фроҥҥа ыҥырыллалларыгар дьиэлэриттэн илдьэ кэлбит малларын туһунан араас ахтыы, суруйуу элбэх. Олортон аҕыйах холобур.
Прохоровка диэн Белгородскай уобаласка баар сэлиэнньэни босхолуурга танканан киирсии буолбутун бары билэђит. Сэриигэ ыңырыллыбыт саллааттар дьиэлэриттэн илдьэ кэлбит харысхалларын көрдөрөр экспозиция баар. Ботуруон, бастакы обойматтан хааллараан баран, дьиэлэригэр төннөн баран ыталлара. Дьоннорун суруга. Кэргэттэрин хаартыската. Сэрииттэн кэлэллэрин күүтэллэр диэн өйдөбүллээҕэ. Константин Симонов «Жди меня» хоһооно. Саллааттарга муос медальон биэрэллэрэ, онно саллаат туһунан информацияны кумааҕыга суруйаллара. Муос медальону «паспорт смерти» дэнэрэ. Маны саллааттар төттөрүтүн сөбүлээбэттэрэ.
Летчиктарга, холобура, зажигалка, портсигар, табах угар мөһөөччүктэрэ буолара. Борис Макаров диэн бомбардировщик штурмана кабинетагыра скрипка уктан көтөрө. Леонид Гальченко диэн Советскай Союз Геройа самолетун фюзеляһыгар кутуйаҕы сырса сылдьар хара куосканы уруһуйдатара.
Архангельскай уобалас баар Котласскай кыраайы үөрэтэр музейга «Биһигини cанаарыҥ» диэн фотопроект быытапката ыытыллыбыт. Манна бэрт интэриэһинэй экспонаттар туоруоллубуттар. Ол курдук сэрии усталаах-туоратыгар бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьыбыт малларын көрдөрүүгэ уурбуттар: кур – көстүбэт өттүгэр кириэс тигиллибит, кырачаан таҥара күлүгэ, хаартыска — дьиэ кэргэнинэн түспүт бүтэһик күлүктэрэ.
Оттон сахаларга? Хайдах этэй.
Бу туһунан Иван Егоров «Күн-дьыл ааспытын кэннэ» кинигэтигэр «Ылдьаа, Коля Кротик уонна тууйас» кэпсээнигэр суруллубут. Саха уола Ылдьаа уоттаах сэриигэ ыңырыллыбытыгар балтыта бэрт нарын оңоһуулаах тууйаһыгар ыһыгын илдьэ барар. Уонна бырахпакка харыстаан, дойдутун, дьонун, балтытытын санатар малы илдьэ сылдьар. Балтыта убайыгар тууйаспын сүтэримээр, сэрииттэн кэллэххинэ үрүмэ хатаран ууруом, учуутал буолуом диир. Сынньалаң кэмигэр икки сибиряк уолаттар туста сылдьан алђаска тууйаһы алдьатан кэбиһэллэр Ылдьаа табаарыһа Кротов алдьаммыт тууйаска килиэптэрин мунньан, тиэстэ оңорон, тууйаһы киэптиир. Ити курдук килиэптээх тууйаһын вещмешокка илдьэ сылдьан улахан кыргыһыыга киирсэр. Онно миинэ оскуолага килиэптээх тууйаска саайыллан иңнэн хаалар, Кротов тыыннаах хаалар. Сэрии бүппүтүн кэннэ эйэлээх олоххо тууйаһын илдьэ Коротов Ылдьаађа кэлэр.
Гавриил Иванович Макаров-Дьуон Дьаңылы арҕаа сэриилэспитэ. Сэриигэ ыңырыллан баран иһэн, Пушкин «Евгений Онегин» кинигэтин кытта атын суруйааччы кинигэлэрин атыыласпыт. Япон самурайдарын кытта киирсии буолар. Самурайдар өлбүт эбэтэр араанньы буолбут киһини саабыланан, күрдьэђинэн сүүскэ саайан салгыыр идэлээхтэр эбит. Дьуон Дьаңылы бу кимэн киирсиигэ сүүһүгэр саабыла суоллаах сытарын биир дойдулаађа көрөн ааһар. Оттон Дьуон Дьаҥылы госпитальга киирэригэр көхсүтүгэр илдьэ сылдьыбыт кинигэлэрэ буулдьаттан дуу, оскуолактан дуу быыһыыллар. Олор истэригэр Пушкин улуу айымньыта баар эбит.
Саха суруйааччыта Күн Дьирибинэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр саҥа төрөөбүт оҕотун этэрбэһин илдьэ сылдьыбыт. Ол туһунан Н.Габышев “Оҕоккоом ээппээһэ” диэн кэпсээни суруйбута. Күн Дьирибинэ бүтүн 4 сыл устата уоттаах сэрии толоонугар хоонньугар укта сылдьыбыт оҕотун этэрбэһэ кини санаатын бөҕөргөтө, харыстыы сылдьыбыта чуолкай.
Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр фроҥҥа көмө диэн ичигэс таҥас: үтүлүк, бэргэһэ тигэн ыыталыыллара. Үөһээ Бүлүү Хоротуттан Семенов Гаврил Степанович сэриигэ сылдьан фроҥҥа Саха сириттэн кэлбитигэр баһыылканы түҥэппиттэр. Киниэхэ куобах үтүлүк тиксибит. Иһигэр кыракый сурук баар эбит: “Куобах тириититтэн үтүлүгү Саха сириттэн ыыттым. Кыайыы көтөллөнөн дойдугар эргиллэн кэлэргэр баҕарабын. Саха АССР, Бүлүү куората Михайлова Мария Игнатьевна” диэн суруктаах эбит. Саха саллаата бу үтүлүгүн харыстаан кэппэккэ түөһүгэр уктан илдьэ сылдьыбыт. Дойдутун аҕыннаҕына ылан көрөрөр үһү. Ити курдук куобах истээх үтүлүк ымыы буолан сэриин быһа бииргэ сылдьыбыта үһү. Эргиллэн кэлэг баран бу үтүлүгү тикпит кыыыһы көрдөөн булан, эдьиий-быраат сыһыаннаахтара. Кэлин оҕолоро бу ситими быспакка билсэр буолбуттар.
Харбалаахха Ийэ дойду иһин 47 эдэр ыччат олохторун толук уурбуттара. Олор истэригэр Егоров Афанасий Егорович баар.
Егоров Афанасий Егорович – Буучас 1894 с. Харбалаахха Чөҥкөҕө олорбута. “Бааһынай” холкуос туруу үлэһитэ этэ, сэрии иннинэ биригэдьиирдээбитэ. Кэргэнэ Нукунаан кыыһа Настааччыйалыын 4 оҕоломмуттара. 1941 с. сэриигэ барарыгар саастаах, эһээ буолбут киһи этэ. Сэриини 1945 с. Берлиҥҥэ түмүктээн баран бэс ыйын 26 күнүгэр олус хомолтолоохтук өлбүтэ.
Сиэнэ, үлэ ветерана, РФ үөрэҕириитин туйгуна, С.Р. Федорова маннык ахтыбыт: “Эһэбит Егоров Афанасий Егорович илиитигэр олус дьоҕурдаах уус эбит. Оҕолоругар музыкальнай инструмент оҥортоон биэрэрэ үһү. Кини оҥорбут оронноругар сытан биһиги улааппыппыт. Ийэбит ыал буолбутугар оҥортоон биэрбит сундууктара билигин да туһалыы тураллар. Кини 1941 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитигэр барбыта. 1945 с. сэрии толоонугар геройдуу охтубута. Сэриигэ барарыгар бастакы сиэнин сыттыгын хоонньугар уктан барбыта диэн ийэбит кэпсиирэ. Кинини удьуордаан сиэннэрэ, хос сиэннэрэ уустар, уруһуйдьуттар.” Афанасий Егорович сэриигэ бастакы сиэнин сыттыгын илдьэ сылдьыбыт. Хомойуох иһин кыайыы буолуон иннинэ өлөөхтөөбүт.
Арыт саха уолаттарыгар Айыыһыттара көстөн ааһар түбэлтэлэрэ тахсыталыыллара. Ордук кимэн киирии иннинэ ађай утуйар икки утуйбат икки ардынан сыттахтарына маңан таңастаах айыыһыттара көстөн, алђаан ааһара. Сорохторго хомус тыаһа, кыталык ырыата араңаччылаабыт түгэннэрэ баара. Бу туһунан оччолорго кимиэхэ да кэпсээбэттэрэ, тођо диэтэххэ айыы-абааһы суох диэн иитиллибит дьон этилэр.
Семенова Евдкоия Павловна, И.Н.Барахов аатынан музей үлэһитэ