Быйыл Улуу Кыайыы 78 сыла. Кыайыы күнэ – сэрии толоонугар уонна тыылга төрөөбүт дойдубутун өстөөхтөн көмүскээбит эһэлэрбит, эбэлэрбит үрдүк ааттарыгар махтанар, сүгүрүйэр, улуу дойдубут араас норуоттара түмсэн, биир санаанан ситиспит өрөгөйдөрүн саныыр ытык күммүт. Таатта лиссиэйин үөрэнээччилэрэ бэтэрээн эһэлэрин туһунан суруйууларыҥ ааҕыҥ.
Хос эһэм – Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа
Мин хос эһэм Петр Семенович Сыромятников (1912-1993) – Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Чурапчы Мырылатыгар начаалынай оскуолаҕа учууталынан үлэлии сылдьан, 1941 сыллаахха балаҕан ыйыгар Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллыбыта. Курскай Тоҕой ынырыктаах сэриитин хабыр хапсыһыытыгар ыараханнык бааһыран, госпитальга киирбитэ, 1942 сыллаахха дойдутугар эргиллибитэ.
Билигин кини үс оҕото, сиэннэрэ, уруу-аймах чугас дьоно учуутал, иитээччи идэтин баһылаан, Саха сирин илин-арҕаа, хоту-соҕуруу улуустарыгар иитэр-үөрэтэр үлэҕэ, үөрэхтээһин сайдыытыгар, үүнэр көлүөнэни иитиигэ-сайыннарыыга кылааттарын киллэрэллэр.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннэхтик кыттыбытын иһин «Аҕа дойду сэрии» 1-кы истиэпэннээх уордьанынан, элбэх бойобуой, үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн наҕараадаламмыта, бочуотунай грамоталарынан, хайҕал, махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ. Мин хос эһэбинэн киэн туттабын!
Владилена АНИСИМОВА,
VIII кылаас,
Таатта лиссиэйэ
Эһэбинэн киэн туттабын
Ыам ыйын 9 күнэ олус күүтүүлээх бэлиэ күн буолар. Биһиги, билиҥҥи кэм оҕолоро, эһэлэрбит хорсун быһыыларын билэр, үөрэтэр ытык иэстээхпит.
Мин хос эһэм, Иван Михайлович Тистяхов, 1920 сыллаахха Тааттыныскай нэһилиэккэ төрөөбүтэ. Кини Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Даурияҕа 644 полк 2-с батальонун 4-с ротатыгар сулууспалаабыта. 1945 сыллаахха Хайлар куорат иһин кыргыһыыга ыараханнык бааһырбыта. 1946 сыл олунньу ыйыгар дойдутугар эргиллибитэ. Хорсуннук сэриилэспитин туоһутунан кини наҕараадалара буолаллар: «Аҕа дойду сэрии» 2-с истиэпэннээх, «Кыһыл сулус» бойобуой уордьаннар, «Японияны кыайыыны иһин», «Үлэҕэ килбиэнин иһин» уонна элбэх үбүлүөйүнэй мэтээллэр.
Дойдутугар эргиллэн, хос эбэбин, Евдокия Григорьевна Харайданованы, кытта ыал буолан, 10 оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, улаатыннаран, билигин оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ ааттарын ааттатабыт. Эһэм олорон ааспыт олоҕунан, сэриигэ хорсуннук кыргыспытынан киэн туттабын.
Иванна ТИСТЯХОВА ,
V кылаас,
Таатта лиссиэйэ
Кыайыыны уһансыбыта
Мин эһэм Никифор Федорович Федосеев Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ сааһынан уонна доруобуйатынан дьиҥнээх армейскай сулууспаҕа барар кыаҕа суоҕа. Ол эрэн кыайыыны уһансыыга бэйэтин кылаатын уурбута. Ол курдук, от ыйын 24 күнүгэр 1943 сыллаахха Хотугу Муора суолун кылаабынай управлениетыгар ГУСМП үлэҕэ таһаҕас куруустааһыҥҥа Тиксиигэ ыҥырыллан үлэлээбитэ. Манна кинилэр Тикси пордугар Америкаттан кэлэр борохуоттартан бородуукта куруустааһыныгар,төттөрү ол борохуот төннөрүгэр тутуу маһын, Мордвинтан кууллаах туус куруустаан ыыталлара, ыарахан күүстээх үлэҕэ байыаннай режиминэн үлэлээбитэ. Мин эһэм курдук ыарахантан дьулайбат дьон баар буоланнар, Аҕа дойду сэриитин кыайбыппыт.
Эһэбит кыайыыга уһансыытын көлүөнэттэн көлүөнэҕэ өрүү өйдүү-саныы, киэн тутта ааттыахпыт!
Алина ПАРФЕНОВА,
V кылаас,
Таатта лиссиэйэ