Биһиги кылааһынан Николай Егорович Мординов «Мотуо» кэпсээнин аахтыбыт, киинэтин көрдүбүт. Сүрүн сыалбыт – ырытыы.
Айымньыга ойууланарынан учуутал – биэс кылаас үөрэхтээх, уон сэттэ саастаах саха эдэр уола. Мин харахпар кыһын учуутал кылааска төбөтө бэрэбээскилээх үөрэтэ турара көстөн кэллэ. Учуутал төһө да эдэрин иһин идэтигэр бэриниилээх, оҕолору ис сүрэҕиттэн үөрэтэр. Сорох оҕолор бэйэтин кытта саастыылар быһылаах.
«Оскуолаҕа быыкаайык эргэ дьиэни биэрдилэр, икки кылааһы анаатылар, туспа буруо таһааран олоробут», – диэн айымньыга оскуолалара ахтыллар.
Учуутал оҕолорго аһаҕас ааннаах кылааска дьыктаан суруйтара турар. Мотуо кэлэн өҥөйөн көрбүтүгэр, долгуйан дьыктаанын сыыһа-халты ааҕар. Кини Мотуоҕа ураты сыһыаннааҕа көстөр дии саныыбын.
Учуутал кыыһы сөбүлүүр уонна ыксаан, көрсө тахсан баран, олус толоостук: «Эн манна хайыы кэллин?», – диэн ыйытар. Онтукатыттан бэйэтин сэмэлэнэ саныыр. Мотуо: «Киһи сылдьыбат миэстэтэ дуо? Мин эйиэхэ Мотуо буолбатахпын, Мотрёна Семеновнабын», – диэн хоруйдаан учууталы кыбыһыннарар.
Кинилэр оҕо саастара бииргэ ааспыт, олус доҕордуу этилэр. Оҕолор Мотуону дьиибэлээтэхтэринэ учуутал көмүскүүр, быыһыыр эбит.Бу түгэҥҥэ кинилэр оҕо эрдэхтэриттэн чугас сыһыаннаахтарын автор бэлиэтиир.
Мотуо улаатан олус ис киирбэх, кыраһыабай, киһи кутун-сүрүн тутар кыыс буолбут. Учуутал болҕомтотун тарпыт.
Мин кинилэр олус үчүгэй ыал буолуохтарын баҕардым. Хомойуох иһин айымньы трагедиянан, Мотуо ыалдьан өлүүтүнэн түмүктэннэ. Мин айымньы түмүгүттэн хомойдум. Айымньыга ойууланар учуутал уобараһын аһынным. Салгыы олоҕо хайдах сайдыбыта буолуой? диэн толкуйдаатым.
«Мотуо» айымньыны уустук айымньы диэн сыаналаатым. Эдэр учуутал барахсан олоҕун саҥа олорон иһэн, сөбүлүүр кыыһа өлөн улахан охсууну ылла. Автобиографическай айымньы диэн өйдөөтүм. Онон суруйааччы олус дьоллоох ситиһиилээх олохтооҕун санаан уоскуйдум.
Биһиги бу айымньыны сөбүлээн, кылааһынан остуол оонньуута толкуйдаан, оҥоро сылдьабыт.
Люба ЕГОРОВА, VI кылаас, Игидэй орто оскуолата, Таатта.
Салайааччы Варвара Константиновна Ефимова, саха тылын уонна литературатын учуутала.