Биһиги норуоппут инники дьылҕатыгар 1922 сыл муус устар 27 күнүгэр ылыныллыбыт РСФСР састаабыгар Саха Автономнай Советскай Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин тэрийэр туһунан Декрет төрүт суолталаах. Бу Декрет ылыныллыыта өрөспүүбүлүкэ историятыгар, бэйэтин судаарыстыба быһыытынан билиниитин, ону сайыннарыытын, элбэх омук дьонноох норуота дьылҕатын бэйэтэ быһаарыныытын, олоҕун-дьаһаҕын төрүттэрин – экономикатын, социальнай эйгэтин, култууратын – сайыннарар суолун талыытын кытары сибээстээх тосту уларыйыылары киллэрбитэ.
Бүгүн Ороһу орто оскуолатыгар уһулуччу күн буолан ааста. Бу күн оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлара бары сахалыы таҥнан кэллилэр. Оскуола дириэктэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн эҕэрдэлээн тыл эттэ. Ону тэҥэ Республика айар историятын туһунан иһитиннэрдэ. К.С.Чиряев аатынан норуот педагогикатын түмэлин директора Васильева Р.А. ситииһиилээх оҕолору эҕэрдэлээтэ. Олохтоох библиотека директора Иванова Ж.С. үлэ сылынан эҕэрдэлээн туран Ороһу үлэһит династияларын сырдатта уонна быстах дьайыыга сылдьан кэлбит Семенов А.В. дьиэ кэргэнигэр бэлэҕин туттарда. «Тулуйхан» ансамбыл оҕолоро эҕэрдэ ырыаларын ыллаатылар, уолаттар, оскуолаҕа үлэлиир эр дьоннор хоордаатылар, уолаттар бөлөхтөрө хоһоон аахтылар. Ону таһынан Кривошапкина Н.А. оҕолор оҥоһуктарын быыстапкалаата.
Тэрээһин оһуохайынан түмүктэннэ. Олус үчүгэйдик оһуохай тылын таһаардылар оскуолабыт иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Кысылбаикова Татьяна Гаврильевна, уонна история, обществознаия учуутала Осипова Сардана Алексеевна. Олус долгутуулаах уонна үөрүүлээх күн ааста. Бу бэлиэ күҥҥэ эһиэхэ кытаанах, чэгиэн доруобуйаны, дьолу- соргуну уонна ситиһиини баҕарыаҕыҥ! Бырааһынньыгына!
Александр Егоров, VII кылаас,
Ороһу, Үөһээ Бүлүү