Билиҥҥи кэм олох түргэн сүүрүгүн кытары тэҥҥэ сайдан иһэр. Урут киһи барытын сатыыр, айар, тутар диир эбит буоллахтарына, бүгүн оннук буолбатах. Киһини роботтар, араас компьютернай техникалар солбуйдулар. Наука, инженерия, технология хас биирдии дойдуга дьоһун миэстэни ылан тураллар. Робот доҕотторбут медицинаҕа, промышленноска, бааннарга, биһиги тулалыыр эйгэбитигэр барытыгар туһалаахтар, оруоллаахтар. Ол эрээри, инникитин робот олоҕу баһылыыра, кырдьык, үчүгэйи эрэ аҕалыа дуо? Бу туһунан Михаил Ефимович Николаевтан ыйыттыбыт.
– Роботтар үйэлэрэ иһэр дииллэр. Бу туох үчүгэйи уонна куһаҕаны аҕалыай? Маннык улахан уларыйыыларга киһи кинигэни, сурунаалы, хаһыаты ааҕыа дуо?
– Роботтар билигин сүрүн, ыарахан үлэни солбуйаллар. Мин санаабар, ити сайдыы барарыгар, норуот олоҕо тупсарыгар олус туһалаах. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит, бары билэргит курдук, бүтүн аан дойдуга көмүһүнэн, алмааһынан, күндү таастарынан биллэр. Онон промышленность суолтата улахан.
Билигин араас шахталары, сир анныгар карьердары туталлар, оҥороллор. Манна улахан тымныыларга, аһаҕас халлаан анныгар үлэлииргэ киһи кыаҕа тиийбэт. Ону барытын робот доҕотторбут солбуйаллара туһалаах буолуо этэ. Төһө даҕаны олохпут сайда турбутун иһин, биллэн турар, хаһыат, кинигэ, сурунаал баар буолуохтара. Тоҕо диэтэххэ, үйэлээхтэр, үрдүктүк сыаналаналлар.
Киһи өйүн күүһүн, кыаҕын, айар-тутар, толкуйдуур дьоҕурун хаһан даҕаны, ким даҕаны, туох даҕаны солбуйуо суоҕа диэн эрэнэбит.
Алена Белолюбская, XI кылаас.
Табаҕа, Мэҥэ Хаҥалас.
Михаил Николаев: “Биотехнология киирэрэ эбитэ буоллар…”
От ыйын 13 күнүгэр мультимедийнай оскуолаҕа Саха сирин бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев ыалдьыттаата. Бастаан быһа эфиргэ таҕыста, эдэр кэрэспэдьиэннэр бэлэмнээбит ыйытыыларыгар хоруйдаата. Онтон биһиги хайдах үлэлии, айа-тута сылдьарбытын көрдө-иһиттэ, оҕолору кытта көрсөн кэпсэттэ.
Саха норуота киэн туттар, ыччакка үтүө холобур буолар ытык киһибит кэлбитэ олохпут биир умнуллубат түгэнэ буолла. Михаил Ефимовичка аҕыйах ыйытыыны биэрдибит.
–Интеллектуальнай оонньууларга эбии ханнык хайысханы киллэриэххэ сөбүй?
–Биотехнология эбии киирэрэ эбитэ буоллар. Тоҕо диэтэххэ, бу сүрдээх улахан, сүдү суолталаах, киэҥ кэскиллээх уонна саҥа хайысха. Бу киһиэхэ, чуолаан кини доруобуйатын харыстабылыгар уонна киһини үөрэтиигэ ананар. Билигин араас искусственнай матырыйааллар оҥоһуллаллар, клеточнай технологиялар диэн бааллар, килиэккэттэн ханнык баҕарар киһи уорганын таһаарыахха сөп. Ол иһин ити хайысха күүскэ киирэрэ эбитэ буоллар. Биһиэхэ биотехнология сайдарыгар сөптөөх усулуобуйа барыта баар.
Кырдьык даҕаны, биотехнология олус наадалаах хайысха буолар эбит. Инникитин норуоттар икки ардыларынааҕы Интеллектуальнай оонньууларга биотехнология диэн хайысха киириэ диэн эрэнэбит.
Виктория Агеева, X кылаас.
Бэрдьигэстээх, Горнай.
Nowadays life and technology are moving incredibly fast. Earlier people used to believe that they knew how to do everything. However, they were wrong. Computers and robots are starting to replace human in the field of science and engineering. These technologies also make a big difference in medicine, industry, economy and other aspects of our life. Nevertheless, will that kind of changes bring good impact to the world? We managed to meet Mikhail E. Nikolaev, first president of the Republic of Sakha (Yakutia), and ask about it.
— People say that the era of robots is coming. What consequences will it have? And do you think that people will still read newspapers, magazines and books, despite of these changes?
— Robots are mostly doing hard labour now. In my point of view, it is highly useful for development of our life, because, as you know, the Republic of Sakha (Yakutia) is famous for gold and diamonds. Various mines are being built underground at the moment, and it is quite difficult for a person to work there because of severe cold outside. Therefore robots can help us. And, no matter of technology development, I believe that newspapers, magazines and books will exist. These things are timeless.
Alyona Belolyubskaya, 11th grade student
Tabaga village, Megino-Kangalassky District
Mikhail Nikolaev: “Biotechnology should be introduced in the future …”
On July 13 the 1st President of the Sakha Republic (Yakutia) hosted to the Multimedia School. He talked to the young media correspondents, introduced with our work.
We will never forget this day when the most respected person of the Sakha people met with us. We asked a few questions to Mikhail Efimovich.
* Which discipline should be included into the Program of YISG?
* It would be nice when biotechnology is introduced since it is a very important, promising and new sphere. First of all, it is related to human study and healthcare. Now artificial materials are produced, cell technologies are developing, any human organ can be produced from a cell. It would be great if this sphere is well developed. We have all conditions for biotechnology development.
Indeed, biotechnology is a very necessary field of study. We hope to see this event in the program of next International Science Games.
Viktoria Ageyeva, 10th grade
Berdigestyakh, Gorniy District