Муус устар 22 күнэ — Аан дойдутааҕы Ийэ сирбит күнэ блиэтэммитэ. Бу күн учууталбытыгар, ытыктыыр киһибитигэр Геннадий Дмитриевич Пестряковка ыалдьыттаатыбыт. Кини иллэҥ кэмигэр оҕуруот аһын үүннэриитинэн дьарыктанар.
— Үтүө күнүнэн, Геннадий Дмитриевич! Бэйэҥ туһунан ааҕааччыларбытыгар билиһиннэриэҥ дуо?
— Мин Окоемовка сүрүн оскуолатыгар история учууталынан үлэлиибин. Иллэҥ кэммэр үүнээйи үүннэриитинэн дьарыктанабын.
— Хаһааҥҥыттан үүнээйи, оҕуруот аһын олордуутунан дьарыктанаҕын?
-Урут сүөһүлээх эрдэхпинэ, оҕурсуу, помидор кыралаан олордор этибит. Онтон кэргэним Наталья эбии переhи, салааты, сүбүөкүлэни олордор буолбута. Кэлин бу дьарыгы сөбүлээн, үөрэнэн биэс сылга бэйэм рассада таһааран олордор буолбутум.
—Бу дьарыккын төһө сөбүлүүгүн?
-Сөбүлээн. Оҕуруот аһын олордорум таһынан, теплица кытыытыгар сибэккилэри ыһабын. Эбии талах мастары олордон эрэбин. Дьиэм таһын сибэккилэр, үүнээйилэр киэргэтэллэрэ киһи сүргэтин көтөҕөр эбит.
—Быйыл тугу эбии олортугут?
-Быйыл аһыы, минньигэс перецтэр араастарын, баклажан икки суордун, томат үс арааһын уонна сибэккилэри рассаадалаатым.
-Оҕуруот аһыттан саамай сөбүлүүр ырыссыабтааххын дуо?
-Саамай судургу лечо оҥоһуута. Кыһыл помидору, минньигэс переһи, луугу кыра гына кырбаан баран кыратык оргутаҕын. Онтон саахар, туус-тума эбэҕин. Бааҥкаларга кутан хаппахтаан кэбиһэҕит.
— Оҕолорго баҕа санааҥ.
-Оҕолорго битэмиин кыһын олус наада. Ону кылгас сайын устата үүннэрэн, хаһаанан кэбиһиэххэ сөп. Дьэ уонна кыһыны быһа санаатаҕын аайы сиигит. Доруобай оҕо үөрэҕэр да үчүгэй буолар.
—Кэпсэтииҥ иһин махтал!
Ити курдук, оҕолоор оҕуруот аһын олордуҥ, дьоҥҥутугар көмөлөһүҥ. Ийэ сиргитин таптааҥ, харыстааҥ!
Снежанна Аммосова, Окоемовка сүрүн оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ, Уус Алдан