Аан дойдуга Ньургуһун күнүн Уус Алдан улууһун, Мүрүтээҕи «Кэскил» оҕо саада, «Күнчээн» бөлөҕө араас тэрээһиннэри ыытан бэлиэтиир. Оҕолорго иитээччи, Оксана Новгородова «Ньургуһуннар» аппликация сорудахтаан оҥоттордо. Төрөппүттэргэ илиинэн оҥоһукка, фотоколлажка күрэҕэ, тэрилтэ үлэһиттэригэр фоамиран матырыйаалтан ньургуһун оҥоруутугар маастар-кылаастар ыытылыннылар. Илиинэн оҥоһукка кыайыылаахтар Сандаара Васильева, Артур Гоголев, Милана Троева тигистилэр.
Фотоколлаж оҥоруутугар Леона Саввина, Сандаара Васильева, Милана Троева кыайыы үктэлин ылары ситистилэр.
Оҕо эрдэхтэн кэрэни кэрэхсииргэ, төрөөбүт айылҕабытын харыстыырга дьиэ кэргэн уонна оҕо тэрилтэтэ ыкса сибээстээхтээхтик үлэлээтэхтэринэ, оҕолорбут үтүө дьон буолан иитиллэн тахсыахтара диэн өйдүүбүт. Онно маннык тэрээһиннэр төһүү күүс буолаллар.
Елизавета Черкашина, орто бөлөх иитээччитэ.