Кустуур орто оскуолатын иһинэн тэриллибит «Аяргун» уолаттар вокальнай-инструментальнай ансаамбыллара норуоттар икки ардыларынааҕы «Бриллиантовые нотки» күрэххэ үрдүк ситиһиилэннэ. Биһиги доҕотторбут «Кустуур орто оскуолатыгар талааннаах оҕолор үөрэнэллэр» диэн көрдөрдүлэр.
ВИА салайааччытын Зинаида Анатольевна Колесованы көрсөн кэпсэттибит.
– Зинаида Анатольевна, «Аяргун» ВИА хайдах тэриллибитин, аатын суолтатын туһунан сырдатыаххыт дуо?
– «Аяргун» эбээн тыла, нууччалыыттан тылбааһа «наилучший» диэн. 2021 сыллаахха оскуолабыт дириэктэрэ Анна Егоровна «вокальнай-инструментальнай ансаамбылла тэрийиҥ» диэн эппитигэр ханнык инструменнар наадаларын испииһэктээн сайаапка суруйбуппут. 2022 сыл сааһыттан дьэ үлэлээн саҕалаабыппыт. Онтон оскуола умайан хаалан, дьиэ-уот өттүгэр ыарахаттары көрсүбүппүт. Анна Егоровна «оскуола гарааһыгар дьарыктаныҥ» диэн этии киллэрбитигэр бары бииргэ сөбүлэһэн, оскуола гарааһыгар дьарыктанан, бэлэмнэнэн саҕалаабыппыт. Кыараҕас соҕус да буоллар, баҕалаах дьон сирэ-тала барбатахпыт, сөбүлэспиппит. Онтон быйыл олохтоох дьаһалта биир хоһу биэрэн, онно мустан дьарыктанабыт.
Икки салайааччылаахпыт. Миигин кытта Мария Павловна Стручкова үлэлиир. Маны таһынан уһуйааччылардаахпыт. Стас Самойлов диэн олохтоох мелодист, Кустуур нэһилиэгин «Маранга» этнокультурнай киин музыкальнай оператора уонна нэһилиэк быһылыга Роберт Афанасьевич көмөлөһөллөр.
– ВИА туох сыаллаах-соруктаах үлэлиирий?
– Аан бастакынан, оҕону бииргэ түмэргэ, нууччалыы эттэххэ, «коллективизмҥа» үөрэтэр, эппиэтинэстээх буоларга иитэр. ВИА «Музыка барыбытыгар» бырайыагынан тэриллибит буолан, оҕолор музыкальнай инструменнарга оонньуу үөрэниэхтээхтэрин ситиһэбит.
– Хас оҕо дьарыктанарый? Ханнык инструмеҥҥа оонньуулларый?
– Түөрт оҕо дьарыктанар. Ону таһынан үс оҕобут 9-с кылаастар, ОГЭ-лаах буолан, быстах кэмҥэ дьарыктарын тохтоттулар. Ритм, бас гитараларга, синтезаторга, ударная установкаҕа оонньууллар.
– Ситиһии эһиэхэ хайдах кэлбитэй?
– Биллэн туран, улахан үлэттэн. Аан бастаан сыанаҕа тахсааһыммыт оскуола иһинэн ыытыллыбыт «Кээлбэс» кинигэ «сүрэхтэниитигэр» буолбута. Ол кэнниттэн нэһилиэк иһинэн ыытыллар кэнсиэрдэргэ кыттар буолбуппут. Быйыл дьэ арыый ситтибит дуу диэн «Бриллиантовые нотки» норуоттар икки ардыларынааҕы фестивальга 1, 2 степеннээх лауреат буолан, үөрүүбүт улахан.
– Маннык улахан күрэххэ ситиһиилэниэхпит диэн эрэллээх этигит дуо?
– Ханнык баҕарар киһи син биир эрэл санаалаах буолар дии саныыбын. Биһигини сыаналаабыттарыттан олус үөрбүппүт. Бу кыайыы үрдүккэ угуйар.
Сайаапкабытын ылынан, инструменнары сакаастаан аҕалтарбытыгар Анна Егоровнаҕа, уһуйааччыларбытыгар, биһиэхэ анаан хос биэрбит олохтоох дьаһалтабытыгар махталбытын тиэрдэбит.
***
Зинаида Анатольевна маны таһынан «Тэтим» фольклорнай ансаамбыл салайааччыта буолар. Онтон Мария Павловна «Дьиэрэй» уонна «Үрүйэчээн » ырыа ансаамбылын салайар. Иккиэн култуураҕа, педагогикаҕа сибээстээх дьоннор түмсэн «Аяргун» ВИА-ны тэрийэн оҕолору күннэтэ сайыннараллар, талааннарын арыйарга үлэлииллэр. 2022 сыллаахха сэтинньигэ Лэкиэс уонна Лэгэнтэй биһиги хотугу кыраайбытыгар ыалдьыттыы кэлэ сылдьан «Аяргун» иитиллээччилэригэр маастар-кылаас оҥорбуттара оҕолорго улахан уопуту иҥэрбиттэрэ.
***
Салгыы «Аяргун» ансаамбыл кыттыылааҕа Стас Шадрины кытта кэпсэтиибитин билиһиннэрэбит. Кини Кустуур орто оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ. ВИА-ҕа дьарыктаммыта сылтан орто.
– Стас, ВИА-ҕа ханнык инструмеҥҥа оонньуугунуй?
– Фортепианоҕа, клавишный инструмеҥҥа оонньуубун. Ансаабылга саамай кылаабынайа, инструменнарынан арахсан оонньооһун буолбатах, саамай кылаабынайа – биир өй-санаа, биир тыын, биир салгын. Холобур, мин оонньуур инструмеммар эппиэтинэһэ суох сыһыаннастахпына, бүтүн коллектив үлэтэ алдьаныан сөп. ВИА оҕолоро ону бэркэ диэн өйдүүбүт.
– «Аяргун» эн олоххор туох суолталааҕый?
– ВИА тэриллиитин өйөөбүт дьоннорго махтаныам этэ. Тоҕо диэтэххэ, «Аяргун» миэхэ төһө да сөбүлүүр дьарык, хобби эрэ курдук буоллар, олохпор олус улахан суолталаах. «Аяргуна» суох хайдах олоруом этэй уонна хайдах урут олорбуппунуй диэн санаан ааһааччыбын. «Аяргун» мин олохпор куруук баар буолуон баҕарабын. Махталбытын Станислав Самойловка, Мария Павловнаҕа, Михаил Ильичка, Роберт Афанасьевичка, Зинаида Анатольевнаҕа, Егор Гоголевка аныыбыт.
***
Аяргун… Алта буукубаттан турар тыл олус улахан суолталаах. Оҕолорго дьолу, үөрүүнү бэлэхтиир, кэрэҕэ сирдиир. «Аяргун» нэһилиэкпит , улууспут аатын куруутун ааттата турдун! Оҕолор ортолоругар куруук баар буоллун!
Наум НАУМОВ, VIII кылаас, Айгелана СТРУЧКОВА, Х кылаас,
«Бытантай кэскилэ » пресс-киин юнкордара, Кустуур, Эбээн Бытантай.
Хаартыскалар «Аяргун» ВИА архыыбыттан.