Бүтүн Арассыыйатааҕы “Бастыҥ төрөөбүт тыл литэрэтиирэтин учуутала — 2022” куонкурус лауреата, С.К.Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала Сардаана Николаевна Гоголева “Төрөөбүт тыл – оҕо сайдар тирэҕэ” практическай сэминээригэр Таатта улууһуттан биэс бэһиэлэй кыргыттар баран кыттыыны ылан, санаа атастаһан, сүбэ-ама биэрэн кэллибит. Улуус салалтатын үөрэҕин салайааччыта В.В.Кривошапкин, Василий Хатылыков кыһамньыларынан анал тиэхиньикэ көстөн,“сылдьыбыт сыыһы булар” өс хоһоонун кэриэтэ бэркэ туһалаата. Чычымах оскуолатын суоппара Аркадий Никифоров сылаастык-сымнаҕастык сырытыннарда. Куораттан уонча, Мэҥэ Хаҥаластан, Томпоттон, Намтан тиийэ кэлитэлээбиттэр.
Саха тылынуруогар 6 кылааска “Ахсаан ааты олоххо туттуу” алтыһыннарыылаах уруогу көрдүбүт. Уруок саҕаланыыта “Үтүө күнүнэн” эрэ дэспэккэ, Сэмэн Данилов хоһоонунан уонна чабырҕаҕынан саҕалаабыттара дьикти кэрэтик иһилиннэ. Оҕолор бары маҥан сахалыы таҥастаахтара киһи хараҕар тута быраҕыллар. Учуутал ийэлии иһирэхтик ыытта. Тута өйдөнөр аныгы технологияны сатабыллаахтык баһылаабыта биллэр. Саха литэрэтиирэтигэр 11 кылааска “Сүрэх тэбэрин тухары” (С.П.Данилов “Сүрэх тэбэрин тухары” романынан оҕолор уруккулуу маҥан баартыктаах, уолаттар көстүүмнээх олороллоро тута айымньы иһигэр киирэн хаалаҕын.
Сынньалаҥҥа чэгиэн турукка уйдаран сахалыы чэй, барыанньа арааһын, алгыстаах алаадьы амсайдыбыт. “Төрөөбүт тыл учуутала – кэнчээри кэскилин түстээччи” дэлэй-холой быыстапкатын сэҥээрдибит. SATABыL иитии-үөрэтии ньыматыгар “Наукаҕа бастакы хардыы” Сардаана Николаевна үөрэнээччилэрин чинчийэр үлэлэрин кытта билистибит. Оҕолор дакылааттарын сүнньүнэн ыйытыыларга хоруйдаатылар.
Аҕа сүбэһитин, уһуйааччытын Фекла Николаевна Болдовскаяны кытта төрүт тылы үөрэтиигэ 8-9 кылаастарга аналлаах саха тылыгар эрчиллии хомуурунньукка дьарыктанныбыт, ырытыстыбыт. Бэйэбит учууталларбыт санааларын эттилэр.Мариэтта Бондарева, Чөркөөх – Сардаана Гоголева учуутал быһыытынан дириҥник хорутан үлэлиирэ көстөр. Уһуйааччыта Фекла Болдовская түгэҕиттэн саҕалаан иитэн таһаарбыт. Уустук айымньыны аахтаран, оҕолор санааларын сааһылаан этэллэрин хайҕыыбын. Саҥара үөрэммиттэрэ биллэр. Кыра кылаастан саҕалаан ситимнээхтик үлэлээбитэ көһүннэ. Ньымалары туһанарыгар английскайдыы билэрэ туһалаабыт. Гимназия буолан таһымнара көстөр. Полина Баланова, Таатта лиссиэйэ – Наһаа үчүгэй уруоктарга сылдьан, оҕолор саҥарар-иҥэрэр, ырытар дьоҕурдара барыта көһүннэ. Олус көдьүүстээх хомуурунньук оҥоһулла сылдьар эбит. Ыйдарынан наарданан, оҕо билиитин дириҥэтэригэр сөптөөх тиэкистэр таҥыллан, оҕолор үлэлиир кыахха киирииһилэр. Кэлэктиип бары саба түһэн үлэлиирэ көһүннэ. Кылаас салайааччыта, төрөппүт, салайааччы – бары биир эргимтэҕэ киирэн тиһиликтээх, ситимнээх үлэ барар эбит. Ф.Н. Болдовская Чурапчыга, Саха сиригэр, бэйэтин дойдутугар бэриниилээх киһини иитэн таһаарбыт. Юлия Борисова, Чөркөөх — Санааларын этэр оҕолору кытта бииргэ үлэлэһэн, судургутук сыһыаннаһыы түмүгэр бэртээхэй уруоктары көрдүм. Биһиги оҕолорбутугар тэҥнээтэххэ, таһымнара быдан үрдүк. Күүтүүлээх сэминээргэ сылдьыбыппыттан дуоһуйдум, астынным. Маннык хабааннаах уруоктары ыытан, ситэрэн-хоторон саҥа санаа киирэн, бэйэбит оскуолабытыгар үлэлиэхпит.Лалита Саввина, Таатта лиссиэйэ – Элбэх саҥаны арыйар туһалаах сэминээргэ сырыттым. Оҕолор, учууталлар таһымнара үрдүгүн бэлиэтии көрдүм.
Төрөөбүт тыл учуутала – чинчийээччи (билим үлэтигэр), биир дойдулаахпыт Е.П.Чехордуна аатырбыт СЭДИП тиэхинэлиэгийэтигэр олоҕуран үлэлииллэриттэн олус үөрдүбүт. “Идэлээх куонкуруска кыттыы – учуутал сатабылын сайыннарыы” төрөөбүт тыл эйгэтин кэҥэтэн, сайыннаран Чечняттан П.М. Магамшарипованы, Дагестантан Р.А. Газимагомедовы кытта куйаар ситиминэн холбонон нууччалыы санааларын иһиттибит. Сардаана Николаевна английскай уонна саха тылын холкутук баһылаан, уу сүүрүгүн кэриэтэ иҥнигэһэ суох имигэстик кэпсэтэн куруутун сибээстэһэр эбит.Таатта улууһун саха тылын учууталларын аатыттан эҕэрдэ сурукпутун, сэмэй бэлэхпитин туттардыбыт.
Оксана Андросова — Сандаара