Муус устар 13 күнүгэр Билим дьоҕус академиятыгар «Кэскил» медиа-ракета» смена юнкордара «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ Ольга Ивановна Семенованы, «Кэскил» хаһыат эрэдээксийэтин коллективын кытта көрүстүбүт.
Кэпсэтиини юнкордар Х кылаас үөрэнээччитэ Краснослав Васильев (1-Хаҥалас, Ньурба) уонна VII кылаас үөрэнээччитэ Джулия Дорофеева (Бүлүү гимназията) салайан ыыттылар.
Бастаан оҕолор бэйэбитин билиһиннэрдибит, хамаандаҕа ханнык үлэни толорбуппутун, бу сменаҕа хайдах кэлбиппитин кэпсээтибит. Онтон Ольга Ивановна бэйэтин билиһиннэрдэ, юнкордар боппуруостарыгар хоруйдаата.
Ольга Ивановна оскуолаттан саҕалаан кэрэспэдьиэнниир, оскуола олоҕор наар үлэлэһэр эбит. Оскуола президенэ буола сылдьыбыт, оскуолатыгар бэйэтэ биир санаалаахтарын кытта хаһыат таһаарбыт, «Тимуровскай» үлэлэргэ үлэлэспит. Ольга Ивановна: «Киһи ыйытыыга хайаан да хоруйдуур эппиэттээх буолуохтаах», – диэн тылларын өйдөөн хааллыбыт.
«Кэскил» хаһыат, «Бэлэм буол» сурунаал эппиэттиир сэкэрэтээрэ Айыына Нюргуновна Трофимова оскуолаҕа суруналыыстыка куруһуогар уһуйбут энтузиаст-учууталын туһунан, үлэтигэр толорор эбээһинэстэрин, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатыгар үлэҕэ киирэригэр собеседованиенаны хайдах ааспытын, ханнык ыйытыыларга хоруйдаабытын туһунан кэпсээтэ. «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэрэ бэйэлэрин олохторун, суруналыыс буолбут суолларын, эбээһиннэстэрин кэпсээтилэр. Салайааччыларбыт Сардана Анатольевна Матвеева, Кристина Олеговна Иванова оҕолорго махталларын биллэрдилэр, оҕолору хайҕаатылар, бу сменаҕа үлэлиирбитигэр буолбут түгэннэр туһунан кэпсээтилэр.
Онтон юнкордар Ольга Ивановнаттан араас боппуруостары ыйыттылар. Ольга Ивановна иллэҥ кэмигэр оҕотун кытта тэҥҥэ оҕолорго аналлаах киинэлэри, мультиктары көрөр, үлэтигэр сыһыаннаах научнай-популярнай литератураны ааҕар уонна иистэнэн ылар эбит.
– Оҕо бэчээтин кыһатыгар үлэлиир киһи оҕолоох-уруулаах, дьиэлээх-уоттаах, төрдүлээх-уустаах киһи буолуон наада. Ону таһынан оҕону кытта үчүгэйдик алтыһан кэпсэтэр, оҕо тугу оонньуурун билэр, оҕону кытта биир тэтимҥэ сылдьар киһи буолуон наада, – диэн эттэ Ольга Ивановна. Оҕо киһи буолан тахсарыгар төрүччүнү билээһин улахан суоталааҕын туһунан санаатын үллэһиннэ. Ол курдук Ольга Ивановна «Кэскил» оҕо бэчээтигэр үлэлиир баҕалаах киһи собеседованиены ааһарыгар «Төрүччүгүн хаһыс көлүөнэҕэ диэри билэҕин?» диэн хайаан да ыйытар эбит. Тоҕо диэтэххэ, ол билиҥҥи кэм биир сүрүн суолталаах ирдэбилэ эбит. Билиҥҥи кэмҥэ хос эбээн толору аатын билбэт буолаххына, олус кыбыстыылаах. Сайдыылаах олоххо хантан баҕар булан төрүччүгүн үөрэтиэххин сөп. Холобур, баҕар эйиэхэ хаһыс эрэ көлүөнэҕэр биллиилээх киһи, баҕар, удаҕан, ойуун киһи баара буолуо дии. Ону барытын билэ улаатарын наадалаах. Киһи бэйэ-бэйэтин кытта эйэлээх буоларын туһугар хаанын-уруутун билэрэ улахан суолталаах эбит диэн өйдөөтүбүт.
Ольга Ивановнаҕа юнкордар бэйэбит интэриэһиргиир ыйытыыбытын барытын биэрдибит. Холобур, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэринэн үлэлии сылдьаргар саамай умнуллубат түгэнин тугуй?» диэн ыйытыыга маннык хоруйдаата: «Хамнас үрдээһинин ситиспитим үлэбэр умнуллубат түгэним буолар. Салайааччы быһыытынан, туруорсан-туруорсан хамнаспыт үрдээбитэ. Тоҕо диэтэххэ, үлэһиттэр бары дьиэ кэргэннээх, оҕолоох-уруулаах, дьиэлэрин-уоттарын хааччыйар, кинилэр тустарыгар кыһаллар дьон буолаллар. Хамнас үрдээһинин үлэбит объёмун улаатыннаран, үлэбитинэн дакаастаан ситиспиппит. Бу хас да сыллаах улахан үлэттэн кэлбитэ». Ол иһин бу кини үлэтигэр ити саамай умнуллубат түгэн буолар эбит.
Ольга Ивановна саамай сөбүлүүр, олоҕор туттар «кынаттаах» тыллара – «Киһи сатаабатаҕа суох». Кырдьык оннук, баҕарыахха эрэ наада. Оччоҕо барыта сатаныа.
«Оҕолор маннык сменаларга кэлэргитигэр «кими да кытта билсиһиэм суоҕа, биир санаалаахтарым суох буолуохтара» диэн куттанымаҥ. Бастаан бары итинник саныыллар. Онтон кэлэн, оҕолору кытта билсэн баран олус диэн сөбүлүүгүн уонна төттөрү барыаххын баҕарбат буолаҕын. Биир санаалаах, биир интэриэстээх бэйэҥ саастыылаахтаргын кытта түмсэн сылдьар оннук үчүгэй. Ол туһунан эһиги бииргэ үөрэнэр доҕотторугутуугар, аймах оҕолоргутугар кэпсээҥ», – диэн Ольга Ивановна санаатын үллэһиннэ.
Биһиги көрсүһүүбүт маннык үчүгэйдик түмүктэннэ. Юнкордар элбэх туһалааҕы билэн, үөрэн-көтөн тарҕастыбыт.
Иванна ЗАХАРОВА, VIII кылаас,
И.Г. Тимофеев аатынан Майатааҕы лиссиэй, Майа, Мэҥэ Хаҥалас.