Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр Билим дьоҕус академиятыгар «КосмоМАНиЯ» смената ыытылла турар. Манна оҕолору Красноярскайтан М.Ф. Решетнёв аатынан наука уонна технология Сибиирдээҕи государственнай университет космическай дьоҕус аппараттарын лабораториятын сэбиэдиссэйин солбуйааччыта Дмитрий Михайлович Зуев үөрэтэр.
Биһиги кинини көрсөн кэпсэттибит, интэриэһиргиир ыйытыыларбытын биэрдибит. https://vk.com/wall-199463452_6450
– Дмитрий Михайлович, эһиги наука эйгэтигэр хайдах кэлбиккитий?
– Биир үтүө күн уһуктан баран, эмискэччи учуонай буолуохпун баҕарбытым диэм этэ даҕаны да, букатын оннук буолбатах этэ. Кыра эрдэхпиттэн «Тулалыыр эйгэбит хайдах үөскээбитэй?», «Халлааммыт тоҕо күөх өҥнөөҕүй?» диэн олус интэриэһиргиир этим. Улаатан истэҕим аайы ол интэриэһим бэйэбин кытта улаатан испитэ. Сэттэ саастаахпар «Занимательная физика» диэн кинигэни ааҕан баран, физикаҕа интэриэһим өссө күүһүрбүтэ. Ол иһин физиканы ылсан үөрэтэргэ быһаарыммытым.
– Эһиги университекка космическай миссия салайааччыта буолаҕыт. Үлэҕит туһунан кылгастык кэпсээҥ эрэ.
– Салайааччы дуоһунаһа олус эппиэтинэстээх. Тоҕо диэтэххэ, элбэх тэрилгэ болҕомто ууруоххун, космическай аппарат үлэтин хонтуруоллуоххун, аны космическай аппарат научнай программатын көрүөххүн наада. Мин М.Ф. Решетнёв аатынан университекка үлэлиирим быһыытынан космическай миссияҕа ылбыт уопуппун, дааннайдарбын – барытын үөрэх ситимигэр киллэрэбин, ылбыт билиибин устудьуоннары кытта үллэстэбин.
– Билим дьоҕус академиятыгар буола турар «КосмоМАНиЯ» сменатыгар туох интэриэһинэй баар буолуоҕай?
– Оҕолор дьоҕус космическай аппарат туһунан элбэҕи билиэхтэрэ. Холобур, космическай аппараты хайдах көтүтэргэ, оҥорорго, хайдах үлэлииргэ, ону тэҥэ космическай аппарат көмөтүнэн информацияны хайдах хомуйарга үөрэниэхтэрэ, хаартыскаҕа түһэриэхтэрэ уонна мунньуллубут дааннайдарынан космоһы үөрэтиэхтэрэ, бэйэлэрэ дьоҕус научнай арыйыылары оҥоруохтара. 10-ча хонук устата күн аайы космос куйаарын кытта алтыһыахтара.
– Эһиги санааҕытыгар, Россия космос эйгэтигэр саамай улахан ситиһиитэ тугуй?
– Биһиги дойдубут бу хайысхаҕа олус элбэх ситиһиилээх. Ол эрэн цифровой трансформация үйэтигэр ыҥырыы (вызов) өссө элбэх. Онон сибээстээн Россия иннигэр улахан соруктар тураллар. Хас да сүүс сүүнэ улахан космическай аппараты оҥоруохпутун наада. Тоҕо диэтэххэ, Россия территорията олус киэҥ, улахан буолан, сибээс хаппат сирэ элбэх. Ол иһин биһиги цифровой трансформация хайысхатыгар элбэх үлэни оҥоруохпутун наада. Ити сыалбытын ситиһэргэ космос эйгэтигэр элбэх саҥа исписэлиистэр наадалар. Кинилэр ортолоругар «КосмоМАНиЯ» сменаҕа сылдьыбыт, үөрэммит оҕолор баар буолуохтара диэн эрэнэбин.
Владилена АНИСИМОВА, VIII кылаас, Ытык Күөл, Таатта.
Ярик ПРОКОПЬЕВ, VI кылаас, Дьабыл, Мэҥэ Хаҥалас.
Хаартыскаҕа түһэрдилэр, видеоҕа уһуллулар, таҥан оҥордулар
Гаврил Прокопьев, VII кылаас,Төҥүлү;
Степания Григорьева, VII кылаас, Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү;
Виктория Рахматуллина, VIII кылаас, Хадаар, Чурапчы.