Өктөмҥө Билим дьоҕус академиятыгар «КосмоМАНиЯ» смена арыллыытыгар педагогическай наука доктора, ураты дьоҕурдаах оҕолору үөрэтэр Кау Ян (Гонконг) дириэктэрэ, СӨ Бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев «Билиигинэн кыайыаҥ» бириэмийэтин стипендията Патрик Хан Чанг Лам ыалдьыттаабыта. Кини биһиги академиябыт чугас доҕоро.
Түгэни мүлчү туппакка, Патрик Хан Чанг Ламы кытта көрсөн кэпсэппитим. https://vk.com/wall-199463452_6451
Биһиги кэпсэтиибитигэр Билим дьоҕус академиятын ректора Василий Климович Павлов көмөлөспүтэ. Ыйытыыларбытыгар ыалдьыппыт хоруйун тылбаастаан биэрбитигэр дириҥ махталбын тиэрдэбин.
– Эһиги санааҕытыгар, наука оҕо сайдыытыгар туох көмөлөөҕүй?
– Биһиги тулабытыгар баар барыта – наука. Дьиҥинэн, наука биһиги олохпут бары көрүүлэригэр барытыгар дьайар. Аһыыр аспыт, туттар тэрилбит, саҥа технологиялар – барыта наукаттан тахсан кэлэллэр. Онон наука олохпут сүрүн чааһа буолара саарбаҕа суох.
Биһиги дойдубутугар науканы алын кылаастартан саҕалаан үөрэтэллэр, «Общие образовательные науки» диэн анал предмет баар. Онно научнай хайысхалары, науканы кытта сибээстээҕи барытын – аһы, технологиялары үөрэтэбит. Онтон 12 саастарыттан орто сүһүөх кылаастан науканы дириҥэтэн үөрэтэн саҕалыыбыт. Наар биир программаны тутан баран олорбоппут, түргэн-түргэнник уларытан, сайыннаран иһэбит. Тоҕо диэтэххэ, олох сайдан, саҥа технологиялар кэлэн иһэллэр. Ону барытын оҕолорго үөрэтэбит, уопсай үөрэхтээһин программатыгар киллэрэбит. Холобур, соторутааҕыта «биометрика» эбэтэр «биоинформатика» диэн саҥа предмет баар буолбута. Онно оҕолор геномнай чинчийиилэри кытта сибээстээҕи барытын, араас вирустары үөрэтэллэр.
Наука үөрэх тиһигин чааһа буолан, биһиэхэ олус улахан суолталаах. Сэттис кылаастан тохсуска диэри оҕолор көхтөөхтүк программированиены, искуственнай интеллектэри, научнай технологиялары үөрэтэллэр. Кытай олус күүскэ уонна түргэнник сайдан иһэр, ордук космическай инженерия хайысхатыгар. Онон сибээстээн оскуолаларга космическай инженерияны кытта сибээстээх предметтэр бааллар. Биһиги бырабыыталыстыбабыт технология хайысхатыгар оҕолорго анаан «олохпутун тупсарар курдук ханнык, хайдах спутниктары туттуохпутун сөбүй?» диэн тиэмэлээх улахан күрэхтэһиилэри тэрийэн ыытар. Биһиги Кау Ян оскуолабыт Кытай үрдүнэн саамай үрдүк ааты тутан турар.
– Эһиги оскуолаҕыт үөрэнээччилэрэ наука таһынан өссө тугунан дьарыктаналларый?
– Олус элбэҕинэн дьарыктаналлар! Футбол, баскетбол, теннис, лакросс, харбааһын, регби о.д.а. уонна биллэн туран ырыа, үҥкүү. Оҕолорбут бары кэриэтэ музыкальнай инструменнарга сатаан оонньууллар. Өссө драматическай искусствонан дьарыктаналлар, сыанкалары, театральнай туруоруулары толкуйдаан, оҥорон таһаараллар. Өссө оҕолор альпинизмынан, походка сылдьыынан дьарыктаналлар. Онно сылдьан кинилэр сибиэһэй салгынынан тыыналлар, эт-хаан өттүнэн хамсаналлар. Мин бэйэм альпинизм тренерэ буолабын. Биһиэхэ робототехника, программирование курдук толкуйдуур дьоҕуру сайыннарар дьарыктар элбэхтэр. Оҕолорбут хас да омук тылын тэҥинэн билэллэр, үөрэтэллэр.
– Биһиги академиябыт ректорын Василий Климович Павловы кытта олус истиҥ доҕордуу сыһыаннааххыт көстөр.
– Василий Климовичтыын доҕордоспуппут ыраатта. 2016, 2017, 2018, 2019 сылларга араас бырайыактары оҥорбуппут. Сайын Саха сиригэр 200-кэ үөрэнээччини аҕала сылдьыбыппыт. Ааспыт 2022 сыллаахха Аан дойдутааҕы интеллектуальнай оонньууларга эмиэ кыттыыны ылбыппыт.
– Атын-атын дойдуларга олорор дьон доҕордоһуу сыһыаны хайдах тутаҕытый?
– Саамай сүрүнэ – аһаҕас буолуу. Бэйэ-бэйэбит култуураларбытыгар убаастабыллаахтык сыһыаннаһабыт. Мин элбэх дойдуларга сылдьыбытым эрээри саамай өйдөөн, сөбүлээн хаалбыт дойдум – Саха сирэ. Мин манна дьикти баай айылҕаны, саха норуотун култууратын, эһиги экстремальнай температураҕыт уларыйыыларын, улахан, кэтит тыаларгытын, ирбэт тоҥу сырыы аайы саҥаттан көрөр курдук сэргиибин. Биһиги үөрэнээччилэрбит манна палеонтологиянан, трилобиттары, мамоннары үөрэтээһининэн дьарыктаммыттара. Саха култууратын үөрэппиппит. Устудьуоннарым манна кэлэн олоҥхолообуттара.
Саха дьоно олус эйэҕэстэр, сэмэйдэр. Аҕыйах сыллааҕыта бэйэм кыыспын уонна үөрэнээччилэрбин кытта кэлэ сылдьыбытым. Оҕолорум нууччалыы билбэттэр, саха оҕолоро кытайдыы да, аангылыйалыы саҥарбаттар. Арай биирдэ көрбүтүм – бары бииргэ түмсэн төгүрүччү турбуттар уонна ботугураһан кэпсэтэ аҕай тураллар эбит. Наһаа истиҥ иһирэх өйдөбүл этэ. Сэмэй, эйэҕэс, сайаҕас дьон диэн — сахалар. Ол иһин мин сырыы аайы Саха сиригэр төннөн кэлэ турабын.
Иванна ЗАХАРОВА, VIII кылаас, И.Г. Тимофеев аатынан Майатааҕы лиссиэй.
Хаартыскаҕа түһэрдэ Милияна Рязанская, VIII кылаас, Хадаар, Чурапчы.
Видеоҕа уһулла, таҥан оҥордо Вика Андреева, VIII кылаас, Аллараа Бэстээх, Мэҥэ Хаҥалас.